Үтүө күнүнэн, күндү ааҕааччы! Мин аатым Максим Николаев. Таатта улууһун П.А. Ойуунускай аатынан Чөркөөх орто оскуолатын 6 кылааһын үөрэнээччитэбин. Мин бүгүн эһиэхэ Дмитрий Кононович Сивцев–Суорун Омоллоон туһунан кэпсиэҕим.
Кини 1906 с. балаҕан ыйын 14 күнүгэр Таатта улууһун үһүс Дьохсоҕон нэһилиэгэр күн сирин көрбүтэ. Үгүс оҕолор Суорун Омоллоону суруйааччы эрэ курдук билэллэр. Кырдьык, Дмитрий Кононович олус элбэх оҕолорго анааллаах айымньыны суруйбута, “Букубаар” кинигэ ааптара. Онтон мин саамай сөбүлээбит айымньым “Бээчэ бэргэһэтэ”.
Ол курдук, Суорун Омоллоон үгүс талааннаах, олус элбэх интэриэһинэй дьарыктаах киһи этэ. Холобура, кини хаартыскаҕа түһэрэрин, сири-дойдуну кэрийэрин, үөрэтэрин, бултуурун сөбүлүүрэ. Ону таһынан корреспонденнаабыта, либреттолар, киинэлэр сценарийдарын айбыта, учууталлаабыта.
Олоҕун кэнники сылларыгар музейдары тэриийинэн үлүһүйэн дьарыктаммыта. Биһиэхэ Чөркөөххө Суорун Омоллоон тэрийбит «Историко-этнографическай» музейа баар. Маҥнайгы кылаастан биһиги бу музейга сылын аайы арааһынай экскурсияларга, выставкаларга сылдьабыт. Музейбытыгар баар экспонаттары дириҥэтэн чинчийэбит, үөрэтэбит. Холобура, ааспыкка учууталбынаан Елена Егоровналыын музейга сылдьарбытыгар Суорун Омоллоон ийэтэ Гликерия Григорьевна сөрүөтэ, Дмитрий Кононович батрантааһа, ботуруон иитэр тэрилэ баарын өйдөөн көрбүппүт.
Онтон мин ордук Михаил Ефимович Николаев Дмитрий Кононовичка бэлэхтээбит хары чаһытын сэҥээрбитим. Ол чаһыга «От президента Республики Саха М. Николаева» диэн кыһан суруктаах.
Оннук курдук, музейбытыгар эҥин араас маллары, саҥаттан саҥа экспонаттары сырыы аайы арыйабыт, чинчийэбит. Бу Дмитрий Кононович Сивцев – Суорун Омоллоон маннык улахан, интэриэһинэй, баай историялаах музейы тэрийэн биһиэхэ хаалларбытыгар улаханнык махтанарбытын биллэрэбин. Сахалартан биир чулуу киһибит Суорун Омолоон биһиги Чөркөөхпүтүттэн төрүттээҕиттэн мин киэн туттабын.
Күндү оҕолор, биирдэ эмит быыс булаҥҥыт биһиэхэ, Чөркөөххө музейбытын көрө хайаан да кэлээриҥ. Биһиги үөрэ-көтө эһигини көрсүөхпүт. Эҥин араас элбэх саҥаны бииргэ арыйыахпыт, билиэхпит!
Максим НИКОЛАЕВ, Чөркөөх, 2022 с.