Саха народнай суруйааччыта, Горнай улууһун олохтоохторо киэн туттар киһибит Софрон Петрович Данилов төрөөбүтэ 100 сылыгар анаан Бэрдьигэстээх нэһилиэгин оҕо модельнай библиотеката уонна Олоҥхо тыйаатыра кыттыһан, Софрон Данилов кыра саастаах оҕолорго анаабыт «Эһэ, кыыс уонна эргэ чабычах» диэн аудио-кинигэ сүрэхтэниитэ буолла.
Аудио-кинигэ — аныгы оҕо кинигэтэ атын форматынан сайдыыта, кэскилэ оҕо библиотеката инники үлэтигэр информациялыыр, социальнай, культурнай-сырдатар аналларын ситиһиилээхтик олоххо киллэрэригэр төһүү күүһүнэн буолуоҕа.
Аудио-кинигэҕэ суруйааччы «Барытын киһи оҥорор», «Икки ийэ икки кыыс», «Хорсун киһи», «Тараас таайбатах таабырына», «Эһэ, кыыс уонна эргэ чабычах» кэпсээннэрэ киирдилэр. Кинигэҕэ РСФСР үтүөлээх худуоһунньуга Владимир Семенович Карамзин уруһуйдара киирдилэр. Кинигэ уопсайа 20 мүнүүтэлээх. Бу аудио-кинигэ ааҕааччы болҕомтоҕутун тардар гына, музыкальнай арыаллааһыннаах, тыастаах-уустаах буолан тахсарыгар үлэлэстилэр: звукорежиссер — Леонид Иванов — СӨ культуратын үтүөлээх үлэһитэ, режиссер көмөлөһөөччүтэ — Венера Колесова. Артыыстар: Наталья Слепцова, Лена Оленова, Ольга Дорофеева, Петр Иванов, Дмитрий Захаров, администратор: Саргылана Винокурова.
Аудио-кинигэ билиҥҥи олоххо эппиэттиир куар-кодунан ким баҕарар киирэн истэр гына таҥыллан таҕыста.
Бэрдьигэстээх Семен Данилов аатынан оскуола 3 “а” кылааһын үөрэнээччилэрин толорууларыгар Софрон Данилов «Эһэ, кыыс уонна эргэ чабычах» кинигэттэн «Икки ийэ уонна икки кыыс» кэпсээни туруоран тэрээһиммитин киэргэттилэр, үөртүлэр. Оҕолору, бу кэпсээннэри ааҕан, истэн баран, бары барыны киһи оҥорорун, хорсун буоларга, төрөппүттэргитигэр көмөлөһөргө, доҕордоһууга, өркөн өйдөөх буоларга талаһыахтаахтарын дьулуһуохтаахтарын ыҥырдылар.
Ону тэҥэ, Бэрдьигэстээх нэһилиэгин олохтооҕо, иистэнньэҥ Нина Саввина Софрон Данилов «Эһэ, кыыс уонна эргэ чабычах» сүрүн геройдарын тикпитин олус сэҥээрэ, астына көрдүлэр.
Бэрдьигэстээх нэһилиэгин оҕо модельнай библиотеката.