Нам улууһун Виталий Петрович Артамонов аатынан Хамаҕаттатааҕы саха-француз лиссиэйин иһинэн үлэлиир сайыҥҥы хонуктаах “Лингва” лааҕыр быйыл 2 сыллаах хааччах кэнниттэн аанын арыйда.
Лааҕырга оҕолор олорор усулуобуйалара үчүгэй. Биэс сайыҥҥы дьиэнэн 50 иитиллээччи 5 этэрээккэ арахсан, сайыҥҥы сынньалаҥнарын туһалаахтык атаараллар.
Бу сылга оҕолор эбиэт инниннээҕи бириэмэлэригэр “Бырайыак үлэтэ”, “Сатабыллаах илиинэн оҥоһук”, “Араас оонньуулар”, “Көмпүүтэринэн мультигы оҥоруу бырайыага” хайысхаларынан дьарыктаннылар. Ону таһынан күн устата “Көмүс куолас” ырыа, “Сир симэхтэрэ” үҥкүү, “Эрчим” спортивнай куруһуоктар ыытылыннылар.
Алгыс түһэр күнүгэр түбэһиннэрэн, саха тылын учууталын Василий Николаевич Сивцевы ыҥыран алгыстатан ыһыах ыһылынна. Кыргыттарга үс көрүҥ күрэх, уолаттарга “Өбүгэ оонньуулара” спортивнай күрэхтэһии тэрилиннэ. Оһуокай дуорайда, сахалыы ырыа дьиэрэйдэ, хомус тыаһынан, сахалыы үҥкүүнэн Сахабыт сирин сайынын уруйдаатыбыт-айхаллаатыбыт.
Хас биирдии күн эти-хааны эрчийэр сарсыардааҥы сэрээккэттэн саҕаланар. Күҥҥэ биэстэ повардар минньигэс астарын тото-хана аһыыллар. Салайар дьоҕурдаах оҕолор баспытааталлары кытта тэҥҥэ күн ахсын араас тэрээһиннэри ыыталлар…
Ити курдук оҕолор сайыҥҥы сынньалаҥнарын көрдөөхтүк, туһалаахтык атаараллар. Үгүс доҕордонон үөрэ-көтө бииргэ оонньууллар, алтыһаллар.
Светлана Софроновна Новгородова ,
дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы