Марина Ивановна Аввакумова СГУ саха тылын уонна литературатын салаатын бүтэриэҕиттэн харыс да сири халбарыйбакка, Горнай улууһун Күөрэлээх начаалынай, онтон аҕыс кылаастаах, кэлин орто оскуолатыгар 30-тан тахса сыл устата дириэктэринэн үтүө суобастаахтык үлэлээбитэ. Кини РФ үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара», «XX-с үйэ дириэктэрэ» бэлиэлэринэн наҕараадаламмыта.
Саха Өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах ветерана Марина Ивановна ырыа-хоһоон айан суруйарын таһынан, музыкальнай инструменнарга: гитараҕа, скрипкаҕа, байааҥҥа оонньуура. Кини суруйбут «Оскуолабар» диэн хоһоонугар ырыа учуутала Сергей Ильич Иванов мелодия айан, оскуола гимнэ буолбута.
Мин Марина Ивановна салалтатынан «Оҕо сайыҥҥы сынньалаҥ лааҕырыгар» ынах сүөһүгэ от бэлэмниир биригээдэҕэ үлэлээбитим. Ол саҕана үлэ барыта күлүү-үөрүү аргыстаах буолара. Марина Ивановна оҕолору кытта тапсан үлэлэтэр, сынньатар этэ. 20–чэ оҕо буолан олус эйэлээхтик сайыны атаарбыппыт. Киэҥ алааска оттуурбут. Отууттан тэйиччи аһыыр сиргэ бииккэ, ньуоска тиийбэтэҕинэ, Маринэ Ивановна быһаҕынан кыһан, оҥоро охсон биэрээччи. Ол курдук, сүрдээх уус буолара. Кыраабыл тииһээччи, хотуур сытыылааччы эмиэ Марина Ивановна этэ.
Киэһэ утуйаары сытан араас быһылааны, түбэлтэни кэпсэтээччибит. Марина Ивановна араас үһүйээннэри кэпсиирэ. Биирдэ күһүн ытыс таһынар хараҥа, ардахтаах киэһэ үгэспитинэн абааһы туһунан кэпсэтии буолла, Марина Ивановна этэр: «Ким дьиҥнээх пионер баарый, таһырдьа тахсан, ампаарга киирэн тойуу саахар киллэрэрий?». Уу-чуумпу, ким да саҥарбат. Арай хос муннугун диэкиттэн: «Мин баарбын, пионер Тамара Егорова», – диэн буолла. Остуол үрдуттэн тимир хомуоһу ылаат, тахсан барда. Хараҥаҕа харбыалаһан таҕыста уонна балай эрэ буолан баран киирдэ. Марина Ивановна этэр: «Тамара маладьыас, дьиҥнээх пионер». Сарсыарда туран, Тамара бөлүүн ампаартан киллэрбит саахарын сиэбиппит. Тамара: «Зоя Космодемьянская курдук күүстээх санаалаах буолуохпун баҕарабын, онон куттанарбын да кыйдаан туран, ампаарга киирбитим», – диир. Дьэ ити курдук, ол саҕанааҕы геройдары үтүө холобур оҥостон, биһиги көлүөнэ улааппыппыт.
Сайыҥҥы от кэмигэр оҕолор бары биир халыып кэтэр формалаах этибит. Марина Ивановна уруһуйдьут буолан, трафарет оҥорон, курткабыт көхсүгэр суруйааччы. Ону киэн туттан туран кэтээччибит. Ити курдук, ытыктыыр учууталбыт биригээдэтигэр оонньоон-көрүлээн ааспыппыт олус үчүгэй этэ.
Евдокия Филипповна ВАСИЛЬЕВА, педагогическай үлэ бэтэрээнэ.
Анюта Андреева, «Кэскил» хаһыат корректора бэлэмнээтэ.