Эдьигээн улууһугар бу дьыл сэтинньи 11 күнүгэр алдьархай тахса сыспытын, оруобуна быыһаммыт киһи дьолугар, Павел Владимиров аара айаннаан иһэр буолан, ууттан киһини быыһаата.
Саас-сааһынан кэпсиир эбит буоллахха, Павел Владимиров убайдарыныын бу күн өрүскэ күндүөпкэҕэ икки «Буран» көлөнөн таҕыстылар. Сиһилии өрүһүйээччи хорсун уол кэпсиир:
— Ол күн өрүһүнэн икки «Буранынан» айаннатан иһэбит. Мин иннигэр айаннаан иһэбин, убайдарым кэннибэр бааллар. Арай көрдөхпүнэ, ыраах киһи көстөр. Онтон биирдэ көрүөх бэтэрээ өттүбэр киһим суох буолла, мин «Бураммыттан» түһэн, ууга түспүт киһиэхэ туох баар күүспүнэн сүүрдүм. Син балайда ыраах, биһиги биэрэгинэн айаннаан истэхпит. Сүүрэн тиийбитим, муус анныгар киһим төбөтө уонна илиитэ эрэ көстөр. Уолуйбакка, киһибин илиититтэн хаба тутан хостоотум. Сиикэй сиргэ үктэнэн, ууга түспүт. Хостоон таһаарбытым кэннэ, убайдарым кэллилэр. Киһибит куттанан саҥарар да кыаҕа суох. Биһиги кинини бэтэрээ баар болуокка атааран биэрдибит. Ити бириэмэҕэ түбэһэ кэлбэтэхпит буоллар, киһибит ууга былдьаныа эбит.
Быыһаммыт киһи аата Михаил Оконешников. Кини билигин улуус дьаһалтатыгар быһаарыы сурук суруйа сылдьар диэн Павел кэпсиир.
Онтон Павел бэйэтэ 22 саастаах, Уус-Алданнааҕы техникумҥа «Защита в чрезвычайных ситуациях» («ЗЧС») диэн үөрэххэ 3 кууруска үөрэнэр:
— Үөрэхпитигэр араас быһылаан тахсыытыгар, туох бастакы көмөнү оҥорорбутун барытын үөрэтэбит. Мин санаабар, мин миэстэбэр хайа баҕарар киһи хорсуннук быһыыланыа этэ дии саныыбын. Мин идэм да оннук, онон бэйэм быыһыыр-өрүһүйэр аналлаахпын. Билигин дьиэттэн олорон үөрэнэр буолан, дойдубар баарбын.
Хорсун, үтүө санаалаах, бэйэтигэр эппиэтинэстээх ыччаттар бааллара киһини үөрдэр! Маладьыас, Павел!
Павел Владимировы хорсун быһыытын иһин биир дойдулаахтара үрдүк наҕараадаҕа түһэриэхтэрэ диэн эрэнэ хаалабыт.
Суруйда Анна СЛЕПЦОВА.