Күндү доҕоттор!
Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата таһаарар «Кэскил» хаһыатын, «Чуораанчык», «Колокольчик», «Юность Севера» сурунаалларын мантан инньэ сайт нөҥүө анонс таһааран буруолуу сылдьар саҥа нүөмэрдэри кытары билиһиннэрэр буолуохпут.
Ол курдук, балаҕан ыйын 28 күнүнээҕи «Кэскил» хаһыат саҥа нүөмэригэр Национальнай кэнсиэпсийэ 30 сылыгар аналлаах балаһа, «Бэргэн» рубрикаҕа эдэр кэрэспэдьиэн Коля Турантаев «Устудьуон олоҕор бастакы хардыылар» блиц-ыйытыга, «Эрчим» рубрикаҕа дуобаты баһылаабыт Сандаара Апросимова туһунан, «Амаҥҥа» Евдокия Готовцева дефектолог идэтин туһунан кэпсээнэ, «Ньыматык» рубрикаҕа гофрированнай кумааҕыттан роза сибэккини оҥоруу маастар-кылааһа, «Суолдьукка» күһүҥҥү походка хайдах тэринэргэ сүбэлэр, хас биирдии оҕо сатыыр кыахтаах фокустара уо.д.а. интэриэһинэй матырыйааллар таҕыстылар.
Онон оҕо-аймах тапталлаах хаһыата «Кэскил» саҥа нүөмэрин аах, сэргээ, доҕотторгор үтүө сонуну тарҕат! Уонна «Кэскилгэ» суруттараргын умнума!