«Кэскил» оҕо бэчээтин кыһата, «Чуораанчык», «Колокольчик» оҕо сурунаалларын эрэдээксийэтэ кырачаан ааҕааччыларын, төрөппүттэри, иитээччилэри, учууталлары бииргэ ситимниир үлэтин салгыыр.
Горнай улууһун үөрэҕириитин уонна Горнайдааҕы Россия Почтатын салааларын кытта холбоһуктаах «Чуораанчык Кубога» диэн онлайн-спартакиаданы тэрийэн ыытар. Быйыл манна XXI Манчаары оонньуулара ыытыллаллар. Улуус кырачаан олохтоохторугар Манчаары оонньууларын сырдатар, кэпсиир сыалы-соругу туруордубут. Спорт түһүлгэтигэр Горнай улууһун оҕо саадтарын иитиллээччилэрэ, алын кылаас үөрэнээччилэрэ кытталлар. Саастарынан үс хайысхаҕа араардыбыт:
- оҕо саадын иитиллээччилэрэ;
- 1-2 кылаас үөрэнээччилэрэ;
- 3-4 кылаас үөрэнээччилэрэ.
Хамаанда 5 киһиттэн састааптаах буолар: 2 уол, 2 кыыс уонна 1 салайааччы.
Онлайн-спартакиада үс түһүмэхтээх:
1 түһүмэх «Спорт—биһиги доҕорбут».
Манчаары оонньууларын талисманнарын туһанан туран хамаанданы билиһиннэрии. Биир тэң формалаах буоларгыт ирдэнэр. Бириэмэтин болдьоҕо 3 мүн. уһуна суох. 5 баалынан сыаналанар
2 түһүмэх «Чуораанчыктыын сэрээккэлиэххэ!».
Остуоруйаҕа, ырыаҕа, хоһооңңо олоҕуран физкульминутка. 3 мүн. уһуна суох. 5 баалынан сыаналанар.
3 түһүмэх. «Мин Манчаары оонньууларыгар бэлэммин!».
Эстафета. Дистанцията 5 миэтэрэ. Сүүрэн кэлэн палочканы бэрсэллэр.
Түһұмэхтэри видеоҕа устан +79142807263 WhatsApр нүөмэргэ бэс ыйын 15 күнүгэр диэри ыытаргытын күүтэбит.
Онлайн-спартакиадаҕа кыттар хамаанда оҕо саадтара, оскуолалара 5 устуука «Чуораанчык», 5 устуука «Колокольчик+» сурунаалларга 2021 сыл иккис аңаарыгар хайаан да сурутуулаах буолуохтаах. Сурутуу туґунани сиһилии Горнай улууґун Почтатын салаатыгар билсэ5ит.
Түмүк бэс ыйын 17-18 кµннэригэр тахсар. Анал дьүүллүүр сүбэ көрөр. Кыайыылаахтар саастарынан үс хайысханан тахсыахтара. Хас биирдии хайысхаҕа 1, 2, 3 миэстэни ылбыттар мэтээлинэн наҕардааланаллар. Кыайыылаах хамаанда – Чуораанчык анал Кубогын тутуоҕа. Кыайыылаахтары наҕараадалааһын zoom—түһүлгэтигэр буолуоҕа.
Горнай улууґун кырачааннарын спорт түһүлгэтигэр күүтэбит!