Олунньу 12-19 күннэригэр Боронук орто оскуолатыгар саха народнай суруйааччыта Н.Е.Мординов – Амма Аччыгыйа төрөөбүтэ 115 сылын туолар үбүлүөйдээх сылыгар уонна «Бэлэм буол» — «Кэскил» 85 сааһыгар аналлаах «Төрөөбүт тыл уонна сурук-бичик күнэ» нэдиэлэ ыытылла турарын туһунан «Сиккиэр» пост (салайааччы Акулина Стручкова) чилиэннэрэ Ливия ДРУГИНА, Маша МОРДОВСКАЯ суруйаллар.
Төрөөбүт тыл кэрэтэ, сүмэтэ, эриэккэһэ
Олунньу12- 13 күнүгэр үгэс быһыытынан учууталлар уонна үөрэнээччилэр бары сахалыы таҥастаах кэлэллэр. Төрөөбүт тыл, сурук-бичик күнүгэр, Амма Аччыгыйа айар үлэтигэр аналлаах быыстапка, «Кэскил» хаһыат 85 сылыгар аналлаах хаартыска быыстапката турда.
Нэдиэлэбит үөрүүлээхтик арыллыытыгар Боронук оскуолатын «Оҕо саас кыһата – оччугуй оскуолам» өрөгөй ырыатын (поэт Василий Дедюкин үөрэнээччилэрин тыллара, биллиилээх мелодист Раиса Чирикова мелодията) хорунан ыллаан саҕалаатыбыт.
Максим Другин Амма Аччыгыйын тылларыгар «Маңнайгы учууталбар» ырыатын бэлэхтээтэ. Саха тылын учуутала Сардана Михайловна Горохова С.А.Новгородов туһунан презентация оңорон кэпсээтэ.
Салгыы алын кылаас оҕолоро Амма Аччыгыйа «Тоҕус төгүл тоҕо?» айымньыларынан инсценировка оонньоон көрдөрдүлэр.
Бу күн бары предметтэргэ (география, история, нуучча, физика, биология, английскай уруоктарыгар) 5-тии мүнүүтэ ийэ тылга аналлаах үлэ көрүңнэрэ киирдилэр (хоһоон, тыл оонньуута, викторина о.д.а.)
Уоскулаңңа сахалыы остуол оонньууларыгар күрэхтэстибит, «Кыраҕы хараҕынан» студия устубут киинэлэри көрдүбүт.Сахалыы ас быыстапкатын кылааһынан тэрийдибит.
Олунньу 13 күнүгэр «Хоһоон түһүлгэтэ» ыытыллан, манна 5-11 кылаас оҕолоро бары кыттабыт.Амма Аччыгыйын айымньыларынан уруһуй күрэҕэ, 1-11 кылаас оҕолоро «Онус тоҕо» айар үлэлэрин быыстапката буолла.
С.А.Новгородов олоҕор, сурук-бичик күнүгэр, Амма Аччыгыйа айар үлэтигэр, «Кэскил» хаһыат 85 сылыгар аналлаах ТОК оонньуу хамаанданан буолуоҕа.
«Тыыннаах ааҕыы» — Амма Аччыгыйын айымньыларын уус-ураннык ааҕыы күрэҕэ ыытыллыаҕа (алын кылаас учуутала Горохова Августина Михайловна).
Ийэ тыл нэдиэлэтин күүтүүлээх түмүгэ олунньу 19 күнүгэр ыытыллыа. Онно наҕараадалааһын уонна үгэс быһыытынан минньигэс торт күүтүллэр.