Дьааҥы Боронугун оскуолатын “Сиккиэр” эдкорпоһун Акулина Трофимовна Стручкова ситиһиилээхтик салайан, элбэх үөрэнээччитин суруналыыстыка эйгэтин, «Кэскил» хаһыаты кытта билиһиннэрдэ. Махталлаах иитиллээччилэрэ үөрэх олох атын хайысхатын талан, устудьуоннуу сырытталлар да5аны, учууталлара биэрбит билиитин, дьарыгын туһунан үтүө тылларынан ахталлар. ХИФУ ФЭИ «Экономика и бухгалтерский учет” салаатын устудьуона Семен Слепцов суруйар.
“Кэскил» хас биирдии нүөмэрин кэтэһэрим
Мин суруналыыстыка эйгэтин кытта аан маҥнай 2013 сыллаахха билсибитим. Оскуолам «Сиккиэр» эдкорпоһугар киирэн, хаһыаттарга суруйар буолбутум. Салайааччыбыт саха тылын уонна литературатын учуутала Акулина Трофимовна куруһуогун нэдиэлэ ахсын ыытан, оҕолору эрчийэрэ, сорудах биэрэрэ. Мин суруйууларым «Кэскил», «Дьааҥы аартыга» хаһыаттарга тахсар буолбуттара. Хаһыакка оскуолам, нэһилиэгим сонуннарын сырдатарым, араас хоһооннору суруйарым. Хас биирдии ыстатыйабын, хоһооммун ийэлээх аҕам мунньан иһэллэрэ. 2014 сыллаахха эдэр кэрэспэдьиэннэр сүлүөттэригэр кыттыыны ылбытым, элбэххэ үөрэммитим. “Кэскил» хас биирдии нүөмэрин кэтэһэрим, кичэйэн ааҕарым. 2018 сыллаахха бастыҥ сурутуулаах оскуола үрдүк аатын сүкпүппүт.
Суруналыыстыга эйгэтигэр сыстан элбэххэ үөрэнним, суруйар дьоҕурбун арыйдым дии саныыбын. Тапталлаах «Кэскилбит» аныгы олох тэтиминэн үүнэ-сайда, саҥа таһаарыыларынан үөрдэ-көтүтэ сырыттын диэн баҕа санаалаахпын.