Бүгүҥҥү Устудьуоннар күннэринэн уонна «Кэскил» 85 сылынан Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕай оскуолатын «Кустук» студиятын иитиллээччитэ Констанция Никифорова эҕэрдэлиир. Констанция — «Кэскил» 80 сылыгар ыытыллыбыт «Мисс Кэскил -2016» куонкурус кыайыылааҕа.
Оҕо сааһым эрэллээх доҕоро — “Кэскил” хаһыатым
Ханнык баҕарар оҕоҕо оскуола, учуутал кини инники үөрэҕэр, олоҕор, дьылҕатыгар ураты суолталаах, тутаах күүһүнэн буолар.
Мин кыра эрдэхпиттэн «Кустук» эдэр кэрэспэдьиэннэр постарыгар дьарыктаммытым. Бэйэбит телестудиялаах этибит. Эдэр кэрэспэдьиэннэр постарыгар баҕалаах оҕо барыта сылдьара. Оптуорунньук, чэппиэр аайы оскуола сонуннарын кэпсээн, нэһилиэккэ эфирга тахсар этибит. Мин “Спокойной ночи , малыши!” биэриини, сонуннары ыытарым. Учууталбыт Нина Николаевна бэйэтин идэтигэр олус бэриниилээҕэ, ис дууһатыттан кыһаллан туран, үгүс сыратын, билиитин биһиэхэ анаабыта. Ол студиябар дьарыктана сылдьан, аан бастаан “Кэскил” оҕо хаһыата баарын билбитим, суруттаран ааҕар буолбутум. Бэһис эҥин кылаастан кыралаан хаһыакка сонуннары суруйан барбытым. Ыыппыт заметкам хаһыакка тахсарын долгуйа күүтэрим. Хаһыаппытын студиябытыгар ааҕарбыт, суруктара тахсыбыт оҕолору учууталбыт хайгыыра. Дьэ, итинник «Кэскиллиин” билсиһэн барбытым.
«Кэскил» хаһыат ыытар күрэхтэригэр ситиһиилээхтик уонна көхтөөхтүк кыттарбыт, «Кэскил», «Эркээйи» хаһыат үтүө доҕотторо буолбуппут. Нэдиэлэ аайы түмсэн тугу суруйарбытын, ханнык тэрээһини ыытарбытын сүбэлэһэрбит. Оскуола олоҕун, нэһилиэк сонуннарын «Эркээйи», «Кэскил» хаһыаттарга, «Хатан» сурунаалга сырдатарбыт, оскуола иһинэн хаһыаты таһаарарбыт. Россияҕа ыытыллар араас куонкурстарга кыттан ситиһиилэнэрбит. Араас бырайыактары, биэриилэри толкуйдаан ыытарбыт, киинэлэри устарбыт, фестиваль бөҕөтүн кэрийэрбит. Хас каникул аайы «Юнкоры- рыцари пера» өрөспүүбүлүкэтээҕи тэрээһиҥҥэ көтүппэккэ кыттарбыт. Онно куонкуруска кыайан, “Океан” лааҕырга сылдьар дьолломмутум. 2016 сыллаахха “Кэскил” хаһыат 80 сылынан улахан сүлүөтү тэрийэбиттэрэ. Онно өрөспүүбүлүкэ араас муннуктарыттан оҕолор түмсэн, «Смена» профилакторийга олохсуйан, умнуллубат күннэри атаарбыттара, араас тэрээһиннэргэ кыттыбыттара. Олортон биирдэстэринэн “Мисс Кэскил” кыргыттар куонкурустара этэ. Бу куонкурус дьиҥнээх «Мисс Якутия» куонкурус курдук олус тэрээһиннээхтик уонна чаҕылхайдык ааспыта. Ураты сценарийдаах, анаан-минээн режиссердаах этэ. Биһиги хас да түһүмэҕи ааһан, мин кыайыылаах аатын ылан, «Киэргэ» ювелирнай фирма үрүҥ көмүс корона киэргэлэ тиксэн, «Мисс Кэскил -2016» буолбутум.
Билигин толкуйдаан көрдөхпүнэ, оҕо сааһым доҕоро “Кэскил” хаһыатым мин олохпор сүҥкэн оруоллаах. Салайааччыбыт, Нина Николаевна араас экскурсиялары, похуоттары, кылаас чаастарын, көрсүһүүлэри тэрийэрэ. Кини хаһан да кыыһырбытын, мөҕө-этэ сылдьарын өйдөөбөппүн. Барыбытыгар биир тэҥ сыһыана, сайаҕас майгыта, ирдэбилэ, сүбэтэ-амата мин өйбөр-санаабар үтүө өйдөбүл буолан иҥэн хаалбыт. Билигин даҕаны, кэрэ эйгэҕэ угуйбут учууталбын Нина Николаевнаны кытта чугастык алтыhан үлэлиибит. «Кэскиллиин» доҕордоспут оскуолам юнкорпоһун күндүтүк саныыбын.
Үтүө майгылаах, дириҥ билиилээх учууталларга үөрэммиппинэн бэйэбин дьоллооҕунан ааҕынабын уонна түгэнинэн туһанан үөрэммит Мэҥэ Хаҥалас Хаптаҕай оскуолатын учууталларыгар, «Кэскил» хаһыакка махтал тылларбын этэбин.
Ол иһин да буолуо, инники олохпун оҕолору кытта ситимниэхпин баҕаран, учуутал идэтин талан, Хотугулуу Илиҥҥи федеральный университетка ситиhиилээхтик үөрэнэ сылдьабын.
Оскуолаҕа ылбыт билиим, «Кэскилтэн” инэриммит уопутум, сатабылларым миэхэ күүс- көмө буолаллара саарбаҕа суох. ХИФУ иhинэн улэлиир «Точка кипения» культурнай маассабай общественнай тэрилтэ бэрэсэдээтэлэ буолабын , 80- тан тахса биир санаалаах оҕолору түмэн, араас тэрээһиннэрин ыытабыт.