«Кэскил» («Бэлэм буол») хаһыат 85 сыллаах үбүлүөйүгэр аналлаах истиҥ-иһирэх ахтыылар киирэ тураллар. Кылаабынай редактор Нина Иннокентьевна Протопопова иитэн-такайан, редакцияттан элбэх суруналыыс, ордук уолаттар, салгыы сайдан, өрөспүүбүлүкэ бас-көс үлэтигэр билигин ситиһиилээхтик үлэлии сылдьаллар. Бүгүн Саха Өрөспүүбүлүкэтин Ил Дарханын уонна Бырабыыталыстыбатын пресс-сулууспатын үлэһитэ Сергей Муксунов ахтыытын бэчээттиибит.
Олоххо, үлэҕэ кынаттаабыт кыһам
1999 сыллаахха Саха государственнай университетын бүтэрэн баран, үлэ көрдүү сылдьан, Бэчээт дьиэтигэр бииргэ үөрэммит уолбун, Алексей Федотову (билигин Уус Алдан улууһун баһылыга) көрсө түстүм. «Кэскил» хаһыат редакциятыгар киирэ сырыт”,- диэн сүбэлээтэ. Кини «Саха сирэ» хаһыакка көһөн, онно миэстэ тахсыбыт этэ. Мин Алексейы батыһан, иккис этээскэ сүрүн редактор хоһугар тахсыстым. Нина Иннокентьевна Протопопова билбэт киһитин бэрт эйэҕэстик көрүстэ уонна туохха кэлбиппин эппиппэр, бэрт өр ыйыталаһан, чинчилиирдии көрөн-истэн баран: «Чэ, сарсын кэлээр», — диэн кэбистэ. Хаһыакка үлэлии ылыахтара эрэ диэн түүһээн да баттаппакка сылдьыбыт киһи, табылламмын, олус үөрдүм. Бу иннинэ хаһыакка биир да тылы суруйбатах киһи, суруналыыстыка эйгэтигэр ити курдук киирбитим. Аан маҥнай билигин Огдо диэн суруйааччы быһыытынан биллэр Евдокия Семёновна Иринцеева үөрэнээччитинэн, оскуола отделын корреспонденынан үлэбин саҕалаабытым. Суруйарга үөрэппит уһуйааччым – кини. Хайдахтаах да тиэмэни киһи сэргээн ааҕар гына, тылы-өһү имитэн-хомутан, сөптөөх санааны биэрэр, иэйиини үөскэтэр гына суруйар дьоҕурдаах аҕа табаарыһым.
Нина Иннокентьевна киниэхэ элбэх суруналыыһы үөрэттэрэн турар. Ол түмүгэр, бэрт эрэйинэн да буоллар, тугу эрэ бооччойор буолтум. Ити курдук, икки сыл устата, дьэ, араас тэрээһиннэргэ, мунньахтарга, оскуолаларга сылдьан, суруйуу үлэтигэр эриллэн, нэдиэлэ аайы ыытыллар ыстатыйалары ырытыыга кириитикэлэнэн, сороҕор хайҕанан, буһан-хатан барбытым. Онтон арыый холкутук тыыныах курдук гынан истэхпинэ, каадырабай бэлиитикэ түмүгэр быһыылаах, редакция «Юность Севера» хаһыатын спорт отделын редактора буола түстүм. Онон, дьэ, аны «нууччатымсыйан” бардым. Хотунум «Юность Севера» хаһыаты салайар Екатерина Анатольевна Третьякова этэ, кини көрүүтүгэр-истиитигэр киирбитим. Екатерина Анатольевна нуучча тылынан суруйууга эмиэ элбэххэ үөрэппит, такайбыт үтүөлээх. «Серёжа, зайди ко мне на минутку», — диэн ыҥыран, туттарбыт матырыйаалларбар туох сыыһа баарын холку бэйэлээхтик барытын быһааран, хайдах буолуохтааҕын ыйан-кэрдэн биэрэрин өйдүүбүн.
«Кэскил» уонна «Юность Севера» хаһыаттар редакцияларыгар үлэлиир сылларбар бэрт элбэххэ үөрэммитим, суруйарга эрэ буолбатах. Редакция үлэһиттэрэ бары да талааннаах, араас дьоҕурдаах дьон этилэрэ. Анатолий Павлов – Дабыл, Марина Лыткина – дуобакка ССРС спордун маастарыгар кандидаттар, аны хаһыат аанын саппат Александр Назаров эмиэ дуобакка спорт маастарыгар кандидат. Онон соло буоллубут да, дуобакка киирсии буолара. Уоттаах-күөстээх күрэхтэһиилэр оргуйан тураллара. Бары киирсэрбит. Убайдаатар убайбыт Николай Прокопьевич Васильев – Борокуоп кыайаары гыннаҕына, хараҕа уоттана түһэрин, туттара-хаптара сыыдамсыйарын эбэтэр угаайыга киллэрээри, хотторон бүппүт курдук ньуолбардыырын билигин күлэ, ахта саныыбын. Оттон комментатор Александр Васильев – Көрдүгэн спорт боппуруостарыгар хаама сылдьар энциклопедия буоллаҕа! Ыалдьыттар кини хоһун аанын саппат этилэр. Бииртэн биир биллиилээх дьон, спортсменнар, бэтэрээннэр. Спорт, култуура сайдыытын, улуустарга олох-дьаһах хаамыытын туһунан сонун кэпсэтиилэр буолаллара. Ону барытын биһиги, ыччаттар, көрө-истэ, билэ сылдьарбыт. Дьоҥҥо, кэллэктиип иһигэр истиҥ сыһыаҥҥа эмиэ аҕа табаарыстарбытыттан үөрэммиппит. Профсоюз спортивнай секторыгар эппиэттээх Уйбаан Андросов этэ. Кини Бэчээт дьиэтигэр, суруналыыстар ортолоругар ыытыллар күрэхтэһиилэргэ барытыгар кытыннаран иһэрэ. Убайдарбыт теннис, хапсаҕай, мас тардыһыыта буоллун, ырыа да буоллун — барытыгар дэгиттэр этилэр. Кинилэргэ тэҥнэһэ сатаан, биһиги эмиэ кыратык да буоллар, ону-маны сатыыр буолбуппут.
«Кэскил» уонна «Юность Севера» оҕо хаһыаттарын редакцияларыгар үлэлээбит сылларбар элбэҕи сомсубутум. Ити олохпор, салгыы үлэбэр улаханнык көмөлөстө, тирэх буолла. Редакция олоххо, үлэҕэ кынаттаабыт кыһам буолар. Онон бииргэ үлэлээбит, суруналыыстыкаҕа уһуйбут дьоммор улахан махталлаахпын.
«Кэскил» хаһыат 85 сыллаах үбүлүөйүнэн итиитик-истиҥник эҕэрдэлиибин уонна салгыы сайдыыны, элбэх ааҕааччыны баҕарабын!