Алина Ласточкина Үөһээ-Бүлүү улууhун Ороһу орто оскуолатын III кылаас үөрэнээччитин «Я и финансы» IV өрөспүүбүлүкэтээҕи конкурс алын сүhүөх бөлөҕүн III миэстэ ылбыт остуоруйата.
Сайын, ыал тиэргэнэ. Тиэргэҥҥэ ньирэй мэччийэр, хааччахха сибинньэ оҕото хордьугунуур.
Ньирэй үүммүт күөх оту сиир, сибинньэ хоруудаҕа кутуллубут бэлэм аһы мотуйар. Иккиэн бэрт тоттук сылдьаллар. Биир үтүө күн мөккүһэн турбуттар. Ньирэй: «Мин эн курдук хаһаайыттар үлэлээн, сылайан туран харчы булан, ас атыылаһан аҕалбыт астарыттан бэриһиннэрбэппин. Мин айылҕа үүннэрбит, босхо оту сиибин», — диэбит.
Онуоха сибинньэ оҕото: «Тохтоо ньирэй, күһүн буолуо, кыһын буолуо, хаар түһүө, тымныы буолуо, хотоҥҥо быаҕа бааллыннаххына, эн эмиэ хаһаайыттар сайыны быһа итиигэ-буһууга буһан, үөҥҥэ-көйүүргэ сиэтэн, бэнзииҥҥэ харчы бөҕөнү ороскуоттаан оттообут отторун сиэҥ, эн тускар күннэтэ, өрөбүлэ суох үлэлээбит үлэлэрин аһаан, тотон туруон» — диэбит. Уонна кыайбыт-хоппут киһи быһыытынан хордьугунаан кэбиспит.
Ньирэй саҥата суох барбыт, толкуйдаан баран эппит: “Кырдьык даҕаны, иккиэн даҕаны хаһаайыттарбыт харчыларынан аһаан улаатар эбиппит, иллээхтик сылдьыах”, — диэбит. Сибинньэ оҕото сөпсөһөн,төбөтүн кэҕиҥнэппит уонна муннутунан буору хаһан, элбэх харчыны ороскуоттаабат курдук үүнээйи силиһинэн аһаан эбилиммит.
Дьэ, ити курдук, дьиэ кыыллара тэҥ бырааптаахтар, хаһаайыттарын улэлэрин, харчыларынан аһыыллар уонна кинилэри эмиэ этинэн, үүтүнэн, төлүүллэр.