Булт саатын ыйга биирдэ хайаан да ыраастыыр куолу. Ону тэҥэ булт кэмэ бүттэҕинэ, ууруох иннинэ, буорах, сибиниэс суола суох буолуор диэри кичэйэн туран кылбаччы сотуллуохтаах.
Саҥа атыыласпыт саабыт хап-халыҥ оҕунуохтаах буолар. Ону сымнаҕас кумааҕынан эбэтэр ыраас таҥаһынан ыраастаныллар. Ол кэннэ арыынан сотуохха сөп.
Саа уоһун ботуруон угар өттүттэн ыраастыыр ордук. Манна кумах, буор киирэриттэн ордук сэрэниэххэ наада. Харахха быраҕыллыбат кыра да сурааһын баар буоллаҕына, тимир дөбөҥнүк дьэбиннирэр. Оччотугар саа уоһун кыраһыыҥҥа илиппит чуумпургутунан сууралаан биэриҥ. Дьэбин улаханнык сиэбит буоллаҕына, уоһугар кыраһыын кутан, икки өттүттэн бүөлээн баран суукка устата туруораллар, кичэйэн ыраастыыллар.
Саа мастан оҥоһуллубут чаастарыгар минеральнай арыы сыһыннаҕына, мас биллэ кэбириир.
Эдэр булчукка
Саҥардыы көппүт кус оҕото ханнык баҕарар аһылыктаах кыра бадарааннаах сиргэ түһүөн сөп. Ол эрээри сааһыттар улахан күөллэргэ, өрүстэргэ, үрэхтэр арыыларыгар сытар күөллэргэ, көлүйэлэргэ кустуулларын ордороллор. Кус таптаан түһэр күөллээх буолар, ону сорсуннаах булчуттар эндэппэккэ билэллэр.
Эдэр сааһыттар, урут үктэммэтэх сиргитигэр мунаараргыт-тэнээрэргит элбэх буолуо. Ол иһин маҥнайгы киэһэ кус таптаан түһэр сирин үчүгэйдик кэтээн, үөрэтэн көрүҥ. Күөлгэ киирээт, көтүөхчэ-көппөт сылдьар кустары күөрэтэн күппээллээн, ытан түптэлээн барар сыыһа. Оччоҕуна олохтоох да кус тыаһырҕаан атын чугастааҕы күөлгэ көтөн хаалыан сөп.
Кэтээн олорор уугар кустар түстэхтэринэ, тиэтэйимэ, көһүтэн олоро түс. Хас да кус холбостоҕуна, хоһулаан баран биирдэ ыт. Күөрэтэргэр көтөн иһэр кус тумсун иннинэн көрөн баран ыттаххына, сыыһыаҥ суоҕа.
Павел Ильин.