Бу нэдиэлэҕэ Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолатыгар биир күннээҕи үөрэх уруккутуттан олох атыннык, олус сэргэхтик уонна соһуччутук саҕаламмыта. Оскуола үрдүнэн үөрэнээччилэр күүтүүлээх «Рюкзага суох күннэрэ» (День без рюкзаков) тэрээһин үрдүк таһымнаахтык уонна көхтөөхтүк ааста. Бу ураты аахсыйа сүрүн усулуобуйата боростуой, ол эрээри олус интэриэһинэй – оҕолор күн аайы сүгэр оскуола рюкзактарын, портфеллэрин уонна суумкаларын дьиэлэригэр хаалларан баран, үөрэх тэриллэрин ханнык баҕарар атын, соһуччу малга уган кэлиэхтээхтэр.
Сарсыарда оскуола боруогун атыллаабыт хас биирдии киһи сөҕүү-махтайыы бөҕө буолла. Биһиги үөрэнээччилэрбит фантазиялара, айар дьоҕурдара уонна сытыы өйдөрө муҥура суоҕун өссө төгүл дакаастаатылар. Оскуола көрүдүөрдэринэн уонна кылаастарынан хаама сылдьан, киһи хараҕа үөрэр хартыыналарын көрүөххэ сөп этэ: кыра уонна улахан айан чемоданнара, ас-үөл таһар пластик корзиналар, араас дьэрэкээн пакеттар уонна бэл диэтэр оҕо оонньуур коляскалара, массыыналара бааллара. Ону таһынан, оннооҕор матаһыыкыл корзинатын туһаммыттар.
Ол курдук, оскуола көрүдүөрэ күлүү-үөрүү саҥатынан туолбута. Оҕолор бэйэ-бэйэлэрин кытта хаартыскаҕа түһэн, ким тугу толкуйдаан аҕалбытын сэҥээрэн көрдүлэр, сүбэ-ама ыллылар. Бу күн учууталлар да, оскуола үлэһиттэрэ да туора турбатылар – кинилэр оҕолор ураты толкуйдарын хайҕаан, үөрүүлэрин тэҥҥэ үллэһиннилэр.
Маннык сэргэх тэрээһиннэр күннээҕи үөрэх түбүгүн чэпчэтэллэр, оҕолор айар дьоҕурдарын сайыннараллар уонна оскуола кэлэктиибин өссө түмэллэр. Кылаас иһигэр истиҥ сыһыан олохтоноругар, үөрэнээччилэр бэйэ-бэйэлэрин атын өттүттэн арыйалларыгар улахан көмөлөөхтөр.
Бу күнү өйөөн, олус көхтөөхтүк кыттыбыт бары үөрэнээччилэрбитигэр уонна оҕолорун ураты толкуйдарын өйөөбүт, дьиэтээҕи малларын «уларсыбыт» күндү төрөппүттэрбитигэр оскуола аатыттан улахан махталбытын тиэрдэбит! Биһиги иннибитигэр өссө да элбэх интэриэһинэй, соһуччу уонна умнуллубат күннэр күүтэллэр!
Кэскил14.ру
Н.И. Прокопьев аатынан Хатыы орто оскуолата
