Күндү биһиги юнкорбут! Бу ыстатыйаны эйиэхэ анаан суруйабыт. Бу хаартыскаҕа көрөр ытык кырдьаҕас Николай Степанович Егоров диэн. Кини эһиил 2027 сылга олунньу ыйга 90 сааһын туолар.

Николай Степанович оҕо сылдьан эмиэ эн курдук «Бэлэм буол» хаһыат юнкора этэ. Кини юнкордаабыт кэмэ 1959-1969 сыллар. Оччолорго Коля Егоров Үөһээ Бүлүү Исидор Барахов аатынан оскуола үөрэнээччитэ этэ. Оҕо сааһын доҕорун Ваня Ивановы кытта интернакка бииргэ олорон оскуолаҕа үөрэммиттэр. Уолаттар бэйэлэрэ көҕүлээн, бэйэлэрин тула биир саастыылаахтарын түмэ тардан, төрөөбүт саха тылларын таптааччылар куруһуоктарын тэрийэн үлэлэппиттэр. Ол туһунан билигин 90 сааһыгар үктэммит юнкор маннык кэпсиир: «Куруһуогу тоҕо тэрийбиппитий диир буоллаххытына, ити барыта ааҕыыны кытта ситимнээх этэ. Биһиги саамай улаатар сааспытыгар Былатыан Ойуунускай айымньыларын сэттэ тома бэчээттэнэн тахсыбыта. Бу иннинэ норуот өстөөҕө диэн ааттанан, кини айымньыларын ааҕар бобуулаах этэ. Биирдэ аҕам Түөлбээ «Ойуунускай тиллибит!» диэн үрдэ суох үөрэн кэлбитин олох умнубаппын. Ол үөрүү биһигини барыбытын кытта ситимнээх курдуга. Ол кэнниттэн Ойуунускай айымньыларын сэттэ тома кинигэ буолан тахсар. Мин ыал улахан оҕото этим. Аҕам үөрэҕэ суох. Онон утуу-субуу бэчээттэнэн тахсыбыт Ойуунускай кинигэлэрин дорҕоонноохтук ааҕабын. Аны Николай Якутскай «Төлкө» арамаана тарҕанна. Оччолорго мээнэ көстүбэт Өксөкүлээх Өлөксөй кинигэтин булан аахтыбыт. Оччолорго 12-13 саастаах оҕолор ити кинигэлэри атастаһа сылдьан түүнү-күнү быһа ааҕабыт. Юрий Самсонов диэн Үөһээ Бүлүү Хоротугар олорор, миигиттэн үс сыл аҕа табаарыстаах этим. Кини «Хотугу сулус» сурунаалы мунньар идэлээҕэ. Оройуон киинигэр олорор киһи быһыытынан, Юра көрдөһүүтүнэн Өксөкүлээх Өлөксөй кинигэтин булан биэрэбин. Юрам «Хотугу сулус» сурунаалларын Өксөкүлээх кинигэтигэр атастаһа диэн Хороттон сатыы оройуон киинигэр кэлэрэ. Кинигэбитин ааҕан баран, «Ойуун түүлүн» ырытыһан да биэрэрбит. Наһаа үчүгэй кэмнэр ааспыттара…».
Ааҕыы умсулҕаныгар ылларбыт Үөһээ Бүлүү уолаттара оннооҕор бэйэлэрин тас көстүүлэрин суруйааччыларга майгыннаталлара.
– Ваня Иванову Ойуунускайга, миигин Алампаҕа, Вася Васильевы Николай Неустроевка майгыннаталлара, – диэн кэпсиир кини.
Кинигэни ааҕыынан итинник үлүһүйбүт уолаттар дьоллоругар 1959 сыллаахха «Бэлэм буол» хаһыат хаттаан тэриллэн тахсар. Николай Степанович этэринэн, уолаттар хоһоон, кэпсээн, заметка бөҕөнү суруйан хачыгыраталлара. Ол аайы «Бэлэм буол» хаһыат үлэһиттэрэ эппиэттээн, сүбэлээн-амалаан ааҕа бэйэлэригэр харда сурук ыыталлара.
Коля Егоровка анаан ыыппыт суруктарын кичэллээхтик харайан, 90 сааһыгар диэри сүрэҕин сылааһыгар суулаан илдьэ сылдьар. Оччотооҕу юнкорга Коля Егоровка «Бэлэм буол» хаһыат үлэһиттэрэ ыыппыт суруктарын ааҕыаххайыҥ эрэ.


13 марта 1961 г.
Коля, дорообо!
Эн хас да хоһооҥҥун тутан баран эйиэхэ бу курдук этиэххэ сөп:
Коля, биллэн турар, бэйэҥ ити суруйар хоһоонноргор үгүс сыраҕын биэрбит эбиккин. Олоро түһээт төбөҕөр туох киирбитин барытын суруйан бараҕын. Холобур, онтуҥ “Куобах” диэн хоһооҥҥуттан көстөр. Эн толкуйдаан көр эрэ:
- Куобаҕы хайдах киһи бултуохтааҕый?
- Куобах сайын бултанар дуо?
- Киһи куобаҕы эккирэтэн тутуом диэн ама сырсыа дуо? Ама булчут киһи этэрбэһин быата соһуллуо үһүө.
Дьэ ол иһин тугу барытын оҥорорго, суруйарга хаһан баҕарар дириҥ толкуйдааһын наада. Эн бэйэҥ суруйар темаҕын чахчы билэр, кыратык да мунаахсыйбат буоллаххына үчүгэйдик суруйаҕын. Ол инниттэн кинигэни элбэхтик аах. Кинигэ эн хаһан да көрбөтөх суолларгын көрбүт курдук гына өйдөбүлү биэриэ.
Эҕэрдэни кытта, М. Игнатьев
***
15 декабря 1961 г.
Коля, дорообо!
«Дьокулуонунан ысыһаллар» диэн суруккун хаһыакка таһаарбатыбыт. Биһиги Аляҕа сурук ыыттыбыт.
Коля, пионердар двухлеткаларын хайдах толорон иһэллэрин туһунан уонна онтон да атын темаларга мэлдьи суруйар буоларгар көрдөһөбүт. Коля, буочарыҥ мөлтөх эбит, итини көннөрүнэргэ кыһан.
Эҕэрдэни кытта, литсотрудник М. Ушницкай
***
30 марта 1962 г.
Коля, дорообо!
“Семилетка командата хаалсыбат” диэн суруккун хаһыакка таһаарбатыбыт. Ити күрэхтэһии туһунан Исидор Барахов аатынан оскуола үөрэнээччитин Ваня Иванов суруга тахсаары сытар. Ол эрээри кини онно Коля Холдеков эрэ туһунан суруйбут.
Коля, инниктин да биһиэхэ суруйар буолаар.
Эҕэрдэни кытта, наука уонна спорт отделын сэбиэдиссэйэ М. Ушницкай
***
6 апреля 1962 г.
Пионерскай дружина советыгар
Эһиги оскуолаҕытыттан биһиги хаһыаппытыгар юнкордарынан талыллыбыт оҕолорго удостоверение ыытабыт. Маны ааттарынан көрөн кинилэргэ биэртэлииргитигэр көрдөһөбүт. Бу оҕолор биһиги хаһыаппытыгар куруук суруйа туралларын ситиһиэх тустаахпыт.
Бу күннэргэ маннык темаларга суруйуохтарын сөп:
- Истиэнэ хаһыатыгар кимнээх туох туһунан суруйалларый?
- Оскуола таһынааҕы учаастакка туох үлэ баарый?
- Пионердар шефтэһэр фермалаахтар дуо, онно төһө ньирэйи көрө ыллылар?
- Оскуолаҕа тэриллибит куруһуоктарга кимнээх туох идэни баһылаатылар?
- Пионерскай кэрдиистэри хайдах толороллоруй?
- Двухлеткаҕа ылыммыт былааннарын пионердар толордулар дуо?
- Пионер 40 сааһын бырааһынньыктыырга хайдах бэлэмнэнэҕит?
Итинтэн да атын темалары булан суруйуохтарын син. Баар итэҕэстэри кириитикэлиир эмиэ сөп. Өскө кинилэр суруйбут ыстатыйалара хаһыакка таҕыстаҕына, ону тута пионерскай дружина советыгар дьүүллэһэр буолуҥ. Туох дьаһалы ылбыккытын биһиги редакциябытыгар биллэрэн иһиэхтээххит. Юнкордар кырдьыгы суруйарга кыһаныах тустаахтар, ону эһиги хонтуруоллаан иһиҥ.
Сурук отд. сэбиэдиссэйэ, Н. Дмитриев
***
13 апреля 1962 г.
Күндү Коля!
Суруккун туттубут. Суругуҥ ис хоһооно сөп. Ол гынан баран, уопсай тылынан суруллубут. Ханнык эрэ Костя Гаврильев туһунан суруйбуккун. Кини ханна үөрэнэрэ ыйыллыбатах.
Коля, суруйаргар барытын чуолкайдык ыйар буол.
Пионерскай эҕэрдэни кытта, лит.сотрудник Мартынов.
2-с суругуҥ эмиэ чуолкайа суох. Валя Малардырова хаһыс кылааска үөрэнэрий? Пионер дуу, үөрэнээччи дуу? Хас хос ахсын “Бэргэн” диэн истиэнэ хаһыата тахсара саамай сөп. Хаһыат мэник оҕолору, үөрэхтэригэр ситиспэт пионердары кытта эйэлэспэтин истэн улаханнык үөрдүбүт. 4-с чиэппэргэ хайдах үөрэнэргитин, тугу үлэлииргитин суруйа туруҥ.
Эҕэрдэни кытта, Мартынов
***
14 апреля 1962 г.
Күндү Коля!
Суруккун туттубут. Бу суругу саамай сөпкө суруйбуккун. Вожатайгыт үлэлээбэтэ чахчы хомолтолоох суол. Наташа Алексеева вожатай үлэтин толоруо диэн биһиги эрэнэбит. Пионердар Наташаҕа бары өттүнэн көмөлөһөр буолуҥ.
Коля! Наташа эбэтэр атын оҕо вожатайынан үлэлиир буолбутун биһиэхэ биллэрэргэр көрдөһөбүт.
***
22 мая 1962 г.
Коля, дорообо!
“Мутукча” диэн ыстатыйаҕын хаһыакка таһаарар кыахпыт суох. Үүнэн турар үүнээйи мутукчатын алдьатар көҥүллэммэт. Инникитин мутукчаны тонуур оҕолору кытта охсуһуохха наада. Үүнээйини туһата суох алдьатымыахха, хата интернаккытыгар дьиэ үүнээйитин олордуҥ.
Эҕэрдэни кытта, наука уонна спорт отделын сэбиэдиссэйэ М. Ушницкай
***
28 ноября 1962 г
Коля, дорообо!
Быйыл хайдах үөрэнэҕин? Оскуолаҕытыгар юнкордар постара баар дуо? Хайа оҕолор ордук үчүгэйдик суруйар талааннаах быһыылаахтарый?
Коля, эн урут киирбит суруктаргар эппиэти күүтүмэ. Олор бэчээттэммэттэр. Сурук барыта кыайан бэчээттэммэтин сайын кэлэ сылдьан бэйэҥ да көрбүтүҥ буолуо. Уонна наар биир оҕо суругунан эбэтэр хоһоонунан хаһыат сирэйин толорор сатамматын өйдүүгүн.
Быйылгы үөрэх дьылыгар киирбит матырыйаалларыҥ баран иһэллэр. Этэрээттэр куоталаһыыларыгар туох үлэни ыытан эрэҕит? Үлэ мөлтөх буоллаҕына, тоҕо?
Суруй, үөрэххэр кытаат.
Пионерскай эҕэрдэни кытта, оскуола отд. сэбиэдиссэйэ М. Дьячковская
***
22 октября 1962 г.
Коля, дорообо!
Кэнникинэн наһаа элбэхтик суруйар буоллуҥ. Сорох күн эйигиттэн иккилии бакыат кэлэр. Суруйаргынан үлүһүйэн, үөрэххин кичэйбэт буоллуҥ быһыылаах. Суруккар наһаа элбэхтик алҕаһыыгын. Итини учуоттуургар сүбэлиибит.
“Маҥнайгы хаар”, “Тигээйи – биһиги сүбэһиппит”, “Күһүҥҥү хараҥаҕа” диэн ыстатыйаларгын туһамматыбыт, итинэн тугу этээри гыммыккын өйдөөбөтүбүт.
Эҕэрдэни кытта, сурук отделын сэбиэдиссэйэ Н. Дмитриев
***
Коля, дорообо!
Редакциябытыгар юнкордар хаартыскаларын мунньан монтаж оҥорор былааннаахпыт. Эн бу суругу ылаат, 6х9 см. ыытаргар көрдөһөбүт.
Сайын оҕолор үлэлэрин, сынньалаҥнарын туһунан суруйа тур. Ол барыта биһиэхэ күндү буолуоҕа. Сыл иккис аҥаарыгар “Бэлэм буолга” суруттараргын умнума.
Эҕэрдэни кытта, сурук отд. сэбиэдиссэйэ Н. Дмитриев
***
15 февраля 1963 г.
Коля, дорообо!
“Ытыыр сөп дуо?” диэн ыстатыйанан ыытыллыбыт кэпсэтиигэ кыттыбытыҥ иһин редакция махтанар. Эн суруккун ити кэпсэтии түмүктэммитин кэннэ туппуппут, онон билигин бэчээттиир кыахпыт суох уонна кинигэҕэ кэпсэммиттэн киһи ытыан сөбүн туһунан оҕолор суруктарын бэчээттээн турабыт. Оттон ойуун туһунан таһаарар кыахпыт суох.
Эҕэрдэни кытта, наука уонна спорт отд. сэбиэдиссэйэ М. Ушницкай
***
20 марта 1963 г.
Коля, дорообо!
«Юбилейы көрсө» диэн матырыйаалыҥ бэчээттэммэтэ. Үөрэххин кытаат, иллэҥ кэмҥэр суруй.
Эҕэрдэни кытта, литсотрудник Н. Алексеев
***
22 мая 1963 г.
Коля, дорообо!
Эн «Хорсуну норуот таптыыр», «Колхоз дьыалата – бүттүүммүт дьыалата», «Дьулустаан» диэн ыстатыйаларыҥ хаһыакка бэчээттэммэтилэр. Итиннэ барытыгар дьиҥнээх буолбут чахчыны буолбакка, бэйэҥ өйгүттэн ылан суруйбуккун, быһыыта. Ол аата уус-уран айымньы курдукка дылы. Эмиэ даҕаны кэпсээн диэххэ сатала суох. Онон кэлэр өттүгэр итинник хорсун, чиэһинэй быһыылары суруйар буоллаххына, ханна, хаһан буолбутун көрдөрөр буол.
Сайын тугу гынаҕын? Эһиги оскуолаҕыт оҕолоро сынньалаҥнарын хайдах атааралларый?
Пионерскай эҕэрдэни кытта, оскуола отделын сэбиэдиссэйэ М. Дьячковская
***
1 апреля 1963 г.
Күндү Коля!
«Үлэҕэ көлөөк, аһыырга аллаах» диэн матырыйаалыҥ ис хоһооно ситэтэ суох эбит. Иккис уруһуйгар моҕус уол быраатын оонньуурун хантан тутан иһэрэ биллибэт. Итиннэ атын оҕону кытта иһэн, биирдэстэригэр ыараханы туттарбытыҥ буоллар, ордук этэ. Уруһуйдарыҥ толоруллуулара мөлтөх соҕустар эбит. Атын айымньыларгар эппиэт ыытыахпыт.
Эҕэрдэни кытта, Д. Попов
***
31 мая 1963 г.
Коля, дорообо!
«Үчүгэйин эбитин» диэн хоһоонуҥ бириэмэтэ сайын таһаарарга сөп түбэспэт буолан, туһамматыбыт.
Эҕэрдэни кытта, литсотрудник Д. Попов
***
3 октября 1963 г.
Коля, дорообо!
«Пионерскай куоталаһыы» диэн суругуҥ хаһыакка миэстэ тиийбэтэҕинэн сибээстээн бэчээттэммэтэ.
Куоталаһыы оскуолаҕар хайдах тэриллэн эрэрин туһунан суруй.
Эҕэрдэни кытта, Н. Алексеев
***
Коля, дорообо!
Эһиги оскуолаҕытыгар «Пионерскай фонарик» үлэлиир дуо? Оҕолор сынньалаҥнарын хайдах атаараллар? Ол туһунан суруйарыҥ буоллар, бэрт этэ.
Эҕэрдэни кытта, сурук отд.сэбиэдиссэйэ Н. Дмитриев
***
20 декабря 1963 г.
Коля!
«Эрдэдээктэр» хоһоонуҥ бэчээттэниэ суох. Эрэдээктэрдэри, хаһыатчыттары күлүү-элэк оҥостуохха сатаммат. Биирдии эрэдээктэр эбэтэр хаһыатчыт үлэлииригэр сөбө суох киһи баар буоллаҕына, ону чур ааттаан-суоллаан суруйуохха буоллаҕа дии. Хоһоонуҥ уопсайынан да мөлтөхтүк суруллубут, аанньа өйдөммөт.
Н. Мординов
Коля!
Эн ыыппыт үлэлэргиттэн «Туруҥ, туруҥ үлэҕэ» диэн хоһооҥҥун бэчээттииһикпит. Кэпсээннэриҥ тыллара-өстөрө үчүгэй эбиттэр. Кинилэр ис хоһооннорунан мөлтөхтөр. «Күөрт айах» оччо быһаччы буруйа суох кыыс оҕону хос аат биэрэн суруйар сыыһа; «Киһиргиириҥ эрэ киһитик» диэн өйдөнүллүбэт; «Сулусчаан» – иитэр суолтата суох (дьадаҥы сүүйэн байар); «Сымыйаччы сирэйэ» оҕо сирэйэ суруктана сылдьара сүрүккэтэ бэрт; «Көр-күлүү» эмиэ мөлтөх, иитэр идеялара чуолкайа суохтар.
Эн наар сириилээҕи, итэҕэстээҕи суруйталаабыккын. Аны хайҕаллааҕы, кырдьыксыты, үөрэҕэр, үлэтигэр, үчүгэйи суруйан ыыталаа эрэ. Баҕар, ол табыллаарай. Суруйарга дьоҕурдаах буолуох курдук эбиккин.
Эҕэрдэни кытта, литсотрудник Д. Попов
***
Коля!
«Тойоку» диэн кэпсээниҥ бэчээттэниэ суох. Былыргы хараҥа үйэҕэ омугунан эбэтэр аҕа уустарынан атааннаһан өстөһүү-кыргыһыы туһунан суруйуу аныгы ыччаты коммунистыы иитэргэ көмөлөспөт. Аныгы олоҕу, норуоттар доҕордоһууларын, араас омуктар дьонноро бииргэ үлэлии-хамныы сылдьалларын туһунан, оскуола олоҕуттан, үөрэххэ үтүө майгыга-сигилигэ биримиэр буолар оҕо туһунан суруй эрэ биһиэхэ.
Эҕэрдэни кытта, литсотрудник Д. Попов
***
12 марта 1964 г.
Коля, Ваня, дорооболоруҥ!
«Химическэй биэчэр» диэн суруккут иһин махтанабыт. Кинини таһаарбатыбыт.
Оҕолор, химия көмөтүнэн оскуолаҕа, колхозка туох үлэни ыытаргыт туһунан суруйаргытыгар көрдөһөбүт. Атын да сонунна суруйа сылдьаҥ.
Эҕэрдэни кытта, наука уонна спорт отд. сэбиэдиссэйэ М. Ушницкай
***
8 июля 1965 г.
Коля, привет!
Суругуҥ, сүбэҥ иһин баһыыба. Учуоттуохпут. Бэйэҥ тугунан дьарыктанаҕын?
Шрифтэрбитин улаатыннара сатыыбыт да, кыаллыбат. Хаһыаппыт формата кыра, онон матырыйаалларбыт кыайан баппаттар. Суруйар киһи барыта ыыппыт ыстатыйата тахсарыгар баҕарар. Сурук киириитэ элбэх, улахан өттө эппиэтэнэн иһэр, миэстэ тиийбэт буолан тахсыбакка.
Эн суруктарыҥ сэдэхтик кэлэр буоллулар. Тоҕо? Үөрэххин хайдах бүтэрдиҥ?
Эҕэрдэни кытта, «Бэлэм буол» редактора Н. Протопопова
***
Верхне-Вилюйский район, ул. Колхозная 20.
Егорову Коле.
Коля, дорообо!
Бу күннэргэ хайыһарга республиканскай күрэхтэһиилэр буоланнар, наар ол матырыйаалларын бэчээттээн, хаһыаппыт страницатыгар атын спортивнай информациялары бэчээккэ туһамматыбыт. Онон эн заметкаҕын эмиэ бириэмэтин аһаран кэбистибит. Кэлэр да өттүгэр биһиги хаһыаппытыгар оскуолаҥ физкультурнай олоҕун туһунан суруйаргын тохтотума.
Редактор А. Егоров
Спорт отделын сэбиэдиссэйэ И. Кычкин
11.11.1962 с.
***
Верхне-Вилюйский район, ул. Колхозная 20.
Егорову Николаю.
Ытыктабыллаах таб. Егоров!
Биһиэхэ ыыппыт информацияҕын туттубут. Ол гынан баран бэчээккэ туһамматыбыт. Манна үөрэнээччилэр көрдөөх похпдка барыахтара диэн суруллар. Баран кэлбиттэрэ, тугу ситиспиттэрэ суох. Хаһыакка бэчээттээтэххэ, биллэрии эрэ курдук буолсу.
Эҕэрдэни кытта, редактор А. Егоров
Оскуола отд.үлэһитэ И. Кычкин
***
Үөһээ Бүлүү орто оскуолата, Егоров К. С.
Ытыктабыллаах Коля!
Биһиги хаһыаппытыгар Ойуунускай аатынан Саха театрын гастрольнай биригээдэтин сырыыларын туһунан сир-сир ахсыттан балачча матырыйаал киирэн бэчээттэнэр. Оттон «Дьадаҥы Дьаакып» драма ис хоһоонун, суолтатын саха көрөөччүлэрэ бэркэ билэллэр. Эн суругуҥ олус сонуна суох буолан, туһамматыбыт.
Күндү Коля, итинтэн хомойбокко туран, биһиэхэ оскуолаҥ, дэриэбинэҥ ыччатын олоҕуттан үчүгэй сонуннары салгыы суруйаргар баҕарабыт.
Эҕэрдэни кытта, редактор А. Егоров
ОПА үлэһитэ И. Васильев
1963 с. кулун тутар 2 күнэ
***
25 января 1967 г.
ЯАССР, Тикси – 3 в/ч 41588 “К”
Егорову Николаю
Ньукулай, эҕэрдэ!
Суруккун туттубут уонна эн көрдөһүүгүн кыайан ылыммат кутталлаахпыт. Ол курдук, Николай Павлов суруйбут айымньыларын билигин булар уустук. Кини кинигэ бэлэмнээн хаалларбыт буолуохтаах. Ол кинигэ издательствоҕа баар. Онон кинигэтэ тахсарын кэтэһиэххэ эрэ сөп.
Доруобай буол. Биһиэхэ саллаат санаатын сайан кэпсиир хоһооннордо ыытар буол.
Эҕэрдэни кытта, сурук отдела: М. Матахова
***
Верхне-Вилюйский район, ул. Колхозная 20.
Егорову Н. С.
Коля Егоров!
Соторутааҕыта «ЭК» хаһыат 40 сылын үөрүүлээхтик атаарыыга киирбит телеграммалары ааҕыы буолбута. Онно эһиги телеграммаҕытыгар ордук күүскэ ытыстарын таһыммыттара. Хаһыат эдэр көмөлөһөөччүлэрэ диэн…
Ол кэнниттэн эйигиттэн хас да суругу туттубут. Ол гынан баран, суруллуута мөлтөһүөр диэн хаһыакка бэчээттээбэтибит. Билигин даҕаны биир теманы ылан (атыҥҥа аралдьыйбакка), ону дириҥэтэн, чочуйан оҥорорго үөрэнэ иликкин. Туох буолуой, суруйан истэҕиҥ аайы тупсан иһиэ. Ити “Пионерия бырааһынньыгын көрсө”, “Үөрэнээччилэр колхозка көмөлөрө” диэн матырыйаалларыҥ туһунан эттибит.
Сайыҥҥы өттүгэр элбэхтик суруйа тур.
Эҕэрдэни кытта, сурук отд.сэбиэдиссэйэ Д. Васильев
30.05.1963 г.
***
В-Вилюйск, Колхозная 20, Егорову Н.
Ытыктабыллаах Коля Егоров!
Билигин от хампаанньата чугаһаата. Онон хаһыат сүрүн сырдатар сыала – от хомууругар тэрээһин үлэ, бэлэмнэнии үлэ. Хаарбах тимири хомуйуу туһунан суруйбуккун бэчээттээбэтибит. Инники өттүгэр от үлэтигэр ыччаттар кыттыыларын, звенолар үлэлэрин, сайыҥҥы бириэмэҕэ үөрэнээччилэр көмөлөрүн о.д.а. тустарынан суруйа тураргар.
Эҕэрдэни кытта, сурук отд.сэбиэдиссэйэ Д. Васильев
28.06.1963 г.
***
12 ноября 1963 г.
с. Верхне-Вилюйск, средняя школа, ученикам Егорову Колу, Иванову Ване
Күндү оҕолор!
Эһиги “Кэрэхсэбиллээх киэһэлэр” диэн төбөлөөх информацияҕытын хаһыакка туһамматыбыт. Биһиги ордук политехническэй үөрэххэ, үлэ уруогар, үөрэнээччилэр производствоҕа кыттыыларыгар сыһыаннаах матырыйааллары туһаныа этибит. Эбии опыты, практиканы көрдөрөр матырыйааллар наадалар.
Эҕэрдэни кытта, редакторы солбуйааччы С. Николаев
Сурук отделын сэбиэдиссэйэ С. Базаров
***
1 июня 1966 г.
Хаһыат корреспонденнара таб. Егоров Н., Иванов М.
Сорудах.
Үөһээ Бүлүүтээҕи быыбардыыр учаастак уонна быыбарга бэлэмнэнии үлэлэрин туругун кытта сиһилии билсиһэргэ уонна матырыйаал бэлэмнииргэ сорудахтаннылар.
Быыбардыыр учаастак комитетын председателэ Габышев Дм. Иванович,
Редактор В. Никитин
***
Муус устар 6 к. 1962 с.
Үөһээ Бүлүү, орто оскуола үөрэнээччитэ
Н. Егоровка.
“Үтүөкэн үлэһит” диэн заметкаҕын бэчээттээбэтибит. Эркин хаһыатыгар таһаарыахха сөп эбит.
Редакторы солб. П. Филиппов
Советскай тутуу отд.сэбиэдиссэйэ В. Николаев
***
Бэс ыйын 28 к. 1962 с.
Үөһээ Бүлүү, Колхознай уулусса 20№-рэ
таб. Егоров Николай Степановичка
Эн “Саха АССР 40 сылын көрсө” диэн информацияҕын бэчээттээбэтибит. “Бэлэм буол” редакциятыгар ыытыаҥ хаалбыт, ис хоһоонунан пионерскай хаһыакка ордуга хаалбыт.
Редактор С. Томскай
Культура отделын сэбиэдиссэйэ П. Егоров
***
От ыйын 2 к. 1962 с.
Үөһээ Бүлүү орто оскуолатын үөрэнээччитэ Николай Егоровка
“Көҕөрдүү үлэтэ өссө күүркэйэр” диэн заметкаҥ туһаныллыбата. Ити темаҕа атын заметканы туһанныбыт.
Редактор С. Томскай
Отдел сэбиэдиссэйэ В. Николаев
***
От ыйын 19 к. 1962 с.
Үөһээ Бүлүү, таб. Егоров Николай Степановичка
Эн Үөһээ Бүлүүтээҕи көһө сылдьар драмтеатр либреттотын туһунан информацияҕын, хойутаан кэлэн, туһамматахпыт. Үөрэнээччилэр сайыҥҥы сынньалаҥнарын, производствоҕа көмөлөрүн туһунан суруйарыҥ буоллар.
Редактор С. Томскай
Культура отделын сэбиэдиссэйэ П. Егоров
***
От ыйын 19 к. 1962 с.
Үөһээ Бүлүү оскуолата, Коля Егоровка
Эн “Ыалдьыт – Строд саллаата” диэн информацияҕын хаһыакка туһамматыбыт. Гавриил Салашин эмиэ бу оскуолаҕа пионердары кытта көрсүһүүтэ олунньу 29 күнүгэр бэчээттэммитэ.
Эҕэрдэни кытта, редактор С. Томскай
Информация отделын сэбиэдиссэйин э.т. Е. Афанасьев
***
Атырдьах ыйын 26 к. 1962 с.
Үөһээ Бүлүү орто оскуолатын үөрэнээччитэ
Егоров Николай Степановичка
Биһиги редакциябытыгар ыыппыт “Чэй дэһэн баран, чэйдии ыстаныаҕыҥ” диэн сатирическай кэпсээниҥ – сатираҕа маарыннаабат. Хайдах кэпсээн сатирическай кэпсээн аатырарын ситэ өйдүү илик быһыылааххын. Онон сатира туһунан үгүстүк ааҕаргар уонна суруйа үөрэнэргэр баҕарабыт. Ааҕыы – бэйэтэ эмиэ туспа оскуола. Суруйбут кэпсээннэргин тематынан көрөн ордук ыччат хаһыатыгар ыытаргар уонна кинилэри кытта сибээстэһэргэр сүбэлиибит.
“Кыым” хаһыат редактора К. Габышев
Сатира отделын үлэһитэ А. Бэрияк
***
Сэтинньи 7 к. 1962 с.
Үөһээ Бүлүү орто оскуолата
Егоров Николай Степанович
Күндү Коля!
Эн “Кэрэ айылҕаны чинчийиэхтэрэ” диэн ааттаах заметкаҕын бэчээттээбэтибит.
Эһиэхэ, пионердарга, аналлаах “Бэлэм буол” диэн хаһыат баар. Мантан инньэ ол хаһыакка суруйар буол.
Биһиги хаһыаппыт улахан дьоҥҥо аналлаах, онон пионерскай олоҕу сиһилии соччо сырдатааччыбыт суох.
Редактор К. Габышев
Культура отделын сэбиэдиссэйин э.т. В. Петров
***
Телеграмма.
Үөһээ Бүлүү, Колхознай уул. 20 №-рэ
Егоров Николай Степановичка
Эйигин күүтүүлээх күөх сааспыт иһэринэн, 1 Маай кэрэ бырааһынньыгынан уонна таптыыр хаһыаппыт – “ЭДЭР КОММУНИСТ” 40 сааһын туоларынан эҕэрдэлиибит!
Комсомольскай эҕэрдэни кытта, “Эдэр коммунист” хаһыат редакцията
23.04.1963 с.
***
Уолаттар бэйэлэрэ көҕүлээн тэрийбит куруһуоктара «Бэлэм буол» хаһыаты кытта итинник ситимнэнэн, Үөһээ Бүлүү улууһугар улахан юнкоровскай хамсааһыҥҥа тиийэ үүммүтэ. «Бэлэм буол» хаһыат 1959-1969 сс. нүөмэрдэрин арыйан көрдөххө, Үөһээ Бүлүү оскуолаларын юнкордарын суруйууларын элбэхтик ааҕыахха сөп. Николай Степанович Егоров оҕо сааһыгар Үөһээ Бүлүү оройуонун оскуолаларыттан бииргэ юнкордаабыт оҕолоро «Бэлэм буол» хаһыакка бэчээттэммит үлэлэрин барытын тиһэн муспут.
– Оччотооҕу дьоллоох кэм салгынынан тыынан, оччотооҕу кэми оҕо хараҕынан ылынан суруйа, дьарыкта сылдьыбыппытын олус күндүтүк саныыбын. Хайдах «Бэлэм буол» хаһыакка бэчээттэммит бэйэм эрэ хоһооннорбун, кэпсээннэрбин, заметкаларбын ууруна сылдьыахпыный?! Юнкор доҕотторум суруйууларын кинилэри кэриэстээн илдьэ сылдьабын. Тоҕо диэтэххэ, биһиги Үөһээ Бүлүү оройуонун 1959-1969 сс. юнкордара бэйэбит икки ардыбытыгар уонна «Бэлэм буол» хаһыаппытын кытта доҕордуу истиҥ сыһыаннаах этибит. Ааҕыыга, суруйууга көҕүлээбит, оҕо сылдьан Ойуунускайга майгыннатар доҕорбут Иван Иванов кэлин Уйбаан Ороһуунускай диэн аатынан биллибит суруйааччы буолбута. Николай Неустроевка майгыннатар уолбут Василий Васильев суруналыыс буола үүммүтэ, 33 эрэ сааһыгар олохтон туораабыта. Петр Федоров Хоро Бүөтүрэ диэн аатынан биллэр суруналыыс буолбута. Василий Алексеев лирик поэт буолбута. Василий Харлампьев-Хара Лааҥкы диэн аатынан сахатыны дьонугар өйдөнө хаалбыт поэт буолбута. Юрий Самсонов, Толя Попов, Январий Егоров, Коля Евдокимов, Валерий Николаев, Юрий Миронов, Леонид Варвариков үтүө үлэһит дьон буолбуттара. Оҕо сааһым дьоллоох дорҕоонноро – доҕотторум суруйуулара миэхэ олус күндүлэр, – диэн биир кэмҥэ юнкордаабыт доҕотторун олус истиҥник, сылаастык ахтар, кинилэри умнубат.
***
Николай Степанович Егоров оччолорго Коля Егоров 1962 сыллаахха Үөһээ Бүлүү оройуонун бастыҥ юнкора буолан, Дьокуускай куоракка ыытыллыбыт V пионерскай сүлүөккэ кыттыыны ылбыта. Билигин кини 90 сааһыгар үктэнэн олорон ити кэми олоҕун биир саамай кэрэ түгэнинэн ааҕар уонна аныгы кэм юнкордарыгар анаан маннык кэпсиир:
– Арай миигин Дьокуускай куоракка пионердар бэһис сүлүөттэригэр ыҥырдылар. «Бэлэм буол» хаһыат эрэдээксийэтэ Коля Егоров диэн юнкор оҕобутун тэрийэн ыыт диэн Үөһээ Бүлүү оройуонун комсомолун сэкэрээтэригэр Александр Самсонович Архипову сорудахтаабыттар. Александр Архипов кэлин биллиилээх суруналыыс буолбута. Оччолорго таҥас-сап мөлтөх. Онон бастакы уочарат куоракка барар киһиэхэ таҥас-сап булуунутун боппуруоһа турбута. Руфов Коляттан бачыыҥка уларыстыбыт. Оннук мунньан-тараан, тэрийэн, Үөһээ Бүлүүттэн борохуокка олордон ыыттылар. Борохуокка биир умнуллубат түгэн буолбута. Палубаҕа мин көрдөхпүнэ, эмээхсин олорор. Кини тула уонча киһи турар. Эмээхсин кэпсиирин сүрдээҕин болҕойон истэллэр, сэҥээрэллэр. Туохха мустубут буоллахтарай диэн 13 саастаах оҕо син интэриэһиргээтим. Хайа уонна юнкор киһи билэр-көрөр баҕам диэн баар буоллаҕа дии. Аттыларыгар туран иһиттим. Дьэ, доҕоор, ол эмээхсин диэбит киһим Алампа кэргэнэ эбит. Ньурбаттан Дьокуускайга айаннаан иһэр. Бу диэн тугу кэпсээбитин арылыччы өйдөөбөппүн гынан баран, били миигин доҕотторум Алампаҕа майгыннаталларын санаан кэлэммин уонна Алампа айымньыларын умсугуйан аахпыт буоламмын, оҕотук санаабар туох эрэ улахаҥҥа тиксибит курдук санаммытым. Иһиттэҕим аайы Суорун Омоллоон, Алампа диир. Пионерскай сүлүөккэ айаннаан иһэн Алампа Дуунньатын көрбүт дьоллоохпун.
Икки аҥаар суукка айаннаан Дьокуускай куораты буллубут. Борохуоппут Даркылаахха тохтоото. Куораты аан бастаан көрөбүн. Даркылаах улахан сүрдээх, мин көрдөхпүнэ. «Бэлэм буол» эрэдээктэрэ Нина Иннокентьевна Протопопова миигин бэйэтинэн күүтэн турар эбит. Үөрбүт, долгуйбут аҕай – букатын ааттаах-суоллаах улахан киһини көрсөр курдук.
Куоракка барар сирэ суох диэн хаһыат эрэрдээксийэтигэр олохтоотулар. Амма Аччыгыйа, Мария Дьячковская бааллар. Наһаа истиҥ, сылаас эйгэ этэ. Мин оннук үчүгэйтэн арахсыахпын олох баҕарбатаҕым. Ол иһин куоракка эдьиийим баар, онно түһүөхпүн сөп диэн олох эппэтим. Онон сүлүөт устатын тухары «Бэлэм буол» эрдээксийэ үлэһиттэригэр мааныланан наһаа да үчүгэйдик сылдьыбытым. Пионердар сүлүөттэрэ Шестаковка үрэххэ аттыгар мыраан утары буолбута. Онно икки-үс күн балаакканан түһэн олорбуппут. Уус Алдантан Курбуһахтан Аммосов диэн юнкор уол уонна Сунтаартан Лиза Игнатьева диэн кыыс бааллара. Сүлүөт арыллыытыгар Гаврил Чиряев тыл эппитэ. Мустубут дьон ортотугар эдэр корреспонденнар диэн ааттаан туран, биһиэхэ «Смена» фотоаппарт уонна грамота туттарбыттара. Амма Аччыгыйа биһигини кытта тэҥҥэ сылдьыспыта. Коля диэн сиэнин илдьэ сылдьара. Үрэххэ умса оонньоон күрэхтэһэбит. Амма Аччыгыйа аламаҕай баҕайы этэ. «Чэ, манна олор уонна икки кэпсээннэ суруй», – диэн оонньуурбут быыһыгар сорудах биэрэн, тута кэпсээн суруйтарар. Амма Аччыгыйын кытта мыраан үрдүгэр тахса сылдьыбыппыт. Таастар бааллар. Бу таастар туһунан наһаа үчүгэйдик кэпсиир, хайдах суруйарга үөрэтэр, сүбэлиир. Сүлүөт кэнниттэн куоракка киирэммит музейдарга сырытыннарбыттара. «Бэлэм буол» эрэрдээксийэтигэр олордохпуна, Амма Аччыгыйыгар Баал Хабырыыс кэлэ сылдьыбыта. Кэпсэтэллэрин иһиттэххэ, хоһоонун көрдөрөр, сүбэлэттэрэр. Амма Аччыгыйын кытта кэпсэтэн, сүргэтэ олус көтөҕүллэн, үөрэн-көтөн тахсыбытын өйдүүбүн. Биир хомойорум диэн маннык. Амма Аччыгыйа наһаа эйэҕэс. «Бүгүн миэхэ баран хон», – диэтэ арай. Ону эрэдээксийэ үлэһиттэрэ «ээ, кэбис, оннук сатаммат» диэн саба саҥаран кэбиспиттэрэ. Онно наһаа хомойбутум. «Сааскы кэм» арамаанын түөрэ барытын аахпыт оҕо арай онно дьиэтигэр барсыбыт буолуум…
Бэһис пионерскай сүлүөккэ хаһыат үлэһиттэрэ хаартыска быыстапкатын оҥорбуттар этэ – Саха сирин улууһун оҕолорун барыларын хабан. Наһаа астына көрбүппүн умнубаппын. Атын улууска олорор бэйэм саастыы оҕолору хаартыска нөҥүө көрөр туспа ураты буолар эбит этэ. Бу сүлүөккэ «Бэлэм буол» хаһыат үлэһиттэрэ биһигини бэйэлэрин оҕолорун курдук бүөбэйдээн илдьэ сылдьыбыттара.
Үөһээ Бүлүү юнкордарын туһунан этнопедагог Константин Спиридонович Чиряев «Олох педагогиката» диэн 1998 с. тахсыбыт кинигэтигэр маннык бэлиэтээбитэ баар:

«Учуутал буолуохпуттан (ол аата 50 сыл буола охсубут) «Бэлэм буол» үлэм үтүөкэннээх аргыһа буолбута. Ол учууталлыыр, директордыыр эрэ үлэбэр буолбатах. Бэл диибин, Бүлүүтээҕи педагогическай училищеҕа педагогиканы, психологияны үөрэтэ сылдьаммын элбэхтик тумалык оҥосторум. Оччотооҕу 5-6 кылааска үөрэнэр Петя Федоров хойут Хоро Бүөтүр диэн суруйааччы, журналист Коля Егоров – билигин Уус-Алдаҥҥа олорор эмиэ айар үлэһит уонна Ваня Иванов билигин биллиилээх журналист уонна суруйааччы тиһигин быспакка бытархай бэлиэтээһиннэри суруйар буолаллара. Ону студеннарга ааҕарым уонна эһиги бу оҕолорго тиийбэккит, эһиги даҕаны суруйа үөрэниҥ диирим. Ол түмүгэр сорохтор суруйарга үөрэнэн барбыттара. Билигин олортон Христина Хабарова, Клавдий Павлов курдук журналистар үлэлэрин сэргии ааҕабын…»
Николай Степанович оҕо эрдэҕиттэн уруһуйдуур буолан, инники олоҕун уруһуйу кытта ситимнээбитэ. Оскуолатын бүтэрэн баран, аармыйаҕа сулууспалаабыта. Ол кэнниттэн Намнааҕы педучилищеҕа үөрэнэн уруһуй уонна черчение учууталаын идэтин баһылаабыта. Салгыы икки сыл Үөһээ Бүлүү Кэнтигэр учууталлаабыта. Ол кэнниттэн наар Уус Алдан улууһугар үлэлээбитэ. Билигин Хаҥалас улууһугар Өктөмҥө олорор. Улахан дьиэ кэргэн ытык киһитэ. Кэргэнинээн ыал буолан олорбуттара 56 сыл буолла.
ҮӨҺЭЭ БҮЛҮҮ ОРОЙУОНУН 1959-1969 сс. ЮНКОРДАРА
«БЭЛЭМ БУОЛ» ХАҺЫАККА БЭЧЭЭТТЭММИТ ҮЛЭЛЭРЭ
(Н.С. Егоров дьиэтээҕи архыыбыттан)
Күүстээх тыал
(Оҕолорго)
Күүстээх тыал силбиэтэнэн
Көтүтэр сыыһы-буору.
Көдьүүһэ суох үлэнэн
Көрдөрүөн саныыр уорун.
Мэник оҕо кэриэтэ:
Соломону сахсыйар.
Туох көрүстүн суолугар
Ыһар-тоҕор, бурайар.
Ардыгар «мэнигилээн»,
Аара айан киһитин,
Сүрдээх күүскэ сирилээн
Туллаҥнатар бэргэһэтин.
Сиртэн үөһэ ытыйан
Сэбирдэҕи көтүтэр.
Уолусханын таһаара
Сыһыы устун тэлээрдэр.
Коля Егоров, Үөһээ Бүлүү оскуолатын
IX кылааһын үөрэнээччитэ
«Бэлэм буол», 1959 с. кулун тутар 5 күнэ
***
Тииҥ
Чэрэгэр кулгаахтаах,
Чэмэлкэй харахтаах,
Күкээркэй көп түүлээх,
Эриэкэс тииҥ кыылым.
Тииттэртэн тииттэргэ,
Лабааны кэрийэн,
Эриэхэ кэбийэ,
Ойулуу, чэрэҥнии
Ол курдук сырытта.
Валерий Николаев
«Бэлэм буол» № 1, 1963 с. тохсунньу 3 күнэ
***

Учууталбар
Саҥа суумка тутуурдаах
Оскуолаҕа кэлбитим,
Күндү учууталым үөрэтэн
«А» — ны, «Ы» — ны билбитим.
Баһыыба эйиэхэ, учуутал,
Баһыыба советскай норуокка.
Араас элбэх сэһэни,
Ааҕан билэр буолбутум,
Арыт дьоммор суруйан,
Адаарытар буолбутум.
Баһыыба эйиэхэ, учуутал,
Баһыыба советскай норуокка.
Кини сырдыкка угуйан,
Билэбин «сэрии» диэн тугун,
Билбин «Эйэ» диэн тугун,
Билэбин «коммунизм» диэн тугун.
Баһыыба советскай норуокка,
Баһыыба эйиэхэ, учуутал.
Юра Миронов, Үөһээ Бүлүү орто оскуолатын
VII кылааһын үөрэнээччитэ
***
Музыканан абылаппыт уол

Мин кинини сүлүөт бастакы күнүн киэһэтигэр бэлиэтии көрбүтүм, ол гынан баран аатын билбэт этим.
Оҕолор сынньана сылдьаллар. Сорохтор мээчиктииллэр, сорохтор кинигэ ааҕаллар, сорохтор атах ооньуутугар күүстэрин холоноллор, лаптаһыттар эмиэ бааллар. Сорох оҕолор киэһэҥи чуумпуга налыйбыт Ытык-Күөлү көрөн тураллар, арааһы кэпсэтэллэр.
Ол турдахпытына, эмискэ бэстэр ортолорунааҕы балааккалар диэки көрдөөх, тэбэнэттээх «Матросскай үҥкүү» музыката дьиэрэйэ түстэ. Ити кэнниттэн аргыый «Катюша» ырыа музыката сыыйылынна. Хантан эрэ музыкант кэллэҕэ дии санаан барбыппыт, били мин бэлиэтии көрбүт биир кыра уолум гармошкаҕа оонньуу олорор эбит.
Уол синньигэс тарбахтара клавишалар устун имигэстик сүүрэлииллэр. Оҕолор кинини тула, абылаппыт курдук, киһини долгутар, үөрдэр, арааүы, ырааҕы санатар дьикти кэрэ музыканы истэ олороллор. Бу «Вальс», бу «Катюша», бу көрдөөх «Яблочко» – барыта уол имигэс тарбахтара клавишалар устун имгэстик сүүрэлээтэхтэрин аайы дьиэрэйэр.
Санаам тулуппата. Хайаан да бу талааннаах тарбахтаах кимин билэр санаа көтөн түстэ. Ити Аллараа-Кириэстээх орто оскуолатын 4-с кылааһын бүтэрбит Кеша Слепцов эбит. Муузуканан алта сааһыттан дьарыктаммыт. Баяҥҥа уонна гармошкаҕа иккиэннэригэр иҥнигэһэ суох оонньуурга үөрэммит.
Онтон кэлин Кеша Халымалар концертарыгар «Маленький барабанщик», «Орленок» диэн ырыалар музыкаларын соҕотоҕун гармошкаҕа толорон, эдэр көрөөччүлэр биһирэбиллэрин ылбыта. Сүлүөт кыттыылаахтара үгүстэрэ кыракый Кешаны, эмиэ мин курдук, сөбүлээтэхтэрэ буолуо ди саныыбын.
Толя ПОПОВ, VI сүлүөккэ Бүлүүттэн делегат, юнкор
«Бэлэм буол» №58, 1964 с. от ыйын 19 күнэ
***
Хоһуун оҕолор
Opohy аҕыс кылаастаах оскуолатын V кылааһын бүтэрбит Петя Борисов «Кынньаахы» ферматыгар энтэлиэнсигинэн үлэлээбитэ. Кини бастаан ыарырҕатара, ону Александра Иванова кэмигэр сүбэлээн, үлэтин кыайа тутар буолбута. Отутчаттан тахса ынахтаах үс ыанньыксыттаах фермаҕа Петя хоһуун үлэтинэн ким баҕарар киэн туттар буолбута.
Бу фермаҕа VII кылаас үөрэнээччитэ Роза Николаева ньирэй көрөөччүнэн үлэлээбитэ. Нам оскуолатын VI кылааһын тахсыбыт Январь Егоров аҕатыныын «Ньэгэдьээк» ферматыгар 180 сибиинньэни бүөбэйдээн үлэлээбиттэрэ.
Ваня Иванов, Проня Иванов. Үөһээ Бүлүү
«Бэлэм буол», №74, 196 с. балаҕан ыйын 18 күнэ
***
Бүгүҥҥү Бүлүүбэр
Устар Бүлүү эбэкэм
Уолусханнаах сүүрүгүнэн,
Усталыыр сайыҥҥы күн
Унаарыйа устар.
Балкыырдаах баалыгар уйдаран,
Борокуот ааллар усталлар,
Күлүмнүүр ньууругар көччүйэн,
Күннүктээн оҕолор харбыыллар.
Оол, онно ходуһа нэлэйэр,
Отчут уол ырыата дьиэрэйэр.
Оол, онно сыһыыга мунньустан,
Оройуон сүөһүтэ мэччийэр.
Түүннэри-күннэри Бүлүүбүт
Түрбүйэр ньиргиэрдээх үлэнэн,
Түүннэри-күннэри уостубат
Кырдьыбат үлэбит, үөрүүбүт.
Вася ХАРЛАМПЬЕВ, Бүлүү, Нам оскуолата
«Бэлэм буол, №45, 1964 с. бэс ыйын 4 күнэ
***
Кинигэлэр үҥсэллэр
Кинигэлэр үҥсэллэр,
Киҥинэһэ саҥарсаллар:
«Сирэйбитин киртитэҕит,
Сыыһы — буору биһэҕит,
Ытатаҕыт-соҥотоҕут,
Ыстал гына оонньуугут.
Көрдөһөбүт оҕолоор,
Киртитимэҥ биһигини!»
Вася Харлампьев, Үөһээ Бүлүү, Нам оскуолата.
«Бэлэм буол», № 62, 1964 с. атырдьах ыйын 2 күнэ
***

Өссө кэрэ айымньыларда
Тапталлаах поэппыт Сергей Степанович Васильев 60 сааһын томтойо туолбут үөрүүлээх күнүнэн, ис сүрэхпититтэн долгуйан туран, оҕо-аймах аатыттан итиитик эҕэрдэлиибин.
Поэт «Көтөр мунньаҕа» остуоруйатын, «Үөлэн Хардааччы», «Эрчимэн Бэргэн», «Күн Эрили» олоҥхолорун биһиги таптаан, тартаран туран ааҕар кинигэлэрбит.
Сергей Степанович үрдүк патриотическай ис хоһоонноох, гражданскай күүрүүлээх айымньылары үгүстүк айар. Олортон биирдэстэринэн «Барыта оҕолор иһин» хоһоон буолар. Манна саҥа үүнэн эрэр сибэккилэр – оҕолор тустарынан олус бэркэ суруллар.
Биһиги, эдэр ааҕааччылар, таптыыр, улаханнык астынар поэппытыгар, күндү Сергей Степановичка, уһунтан-уһун үйэни, бухатыырдыы ыстаал доруобуйаны баҕарабыт. Биһиэхэ, оҕолорго анаан, поэт өссө элбэх кэрэ айымньылары бэлэхтиэ диэн улахан эрэллээхпит.
Петя ФЕДОРОВ, Үөһээ-Бүлүү, Далыр орто оскуолата
«Бэлэм буол», №77, 1967 с. балаҕан ыйын 24 күнэ
***
Өйдөө!
Иистэнньэҥ иннэтин
Күндүтүк да саныыр
Мас ууһа сүгэтин
Дьэбинтэн харыстыыр!
Эн эмиэ мэлдьитин
Үөрэҕин тэрилин
Ыһыма, умнума,
Дьалаҕай буолума!
Коля Егоров
«Бэлэм буол», №74, 1964 с. балаҕан ыйын 13 күнэ
***
Оскуолабыт барахсан
Эн, оскуолам барахсан
Күн күбэй иккис ийэм,
Оскуола… Оҕо саас алааһа.
Хаһан, ханна да буолтун иһин, төрөөбүт алааспыныы, кэрэҕэ, үтүөҕэ угуйан, сүрэҕим тиҥиргэччи тэбиитигэр өрүү эн бааргын.
Мин сүрэхпэр үрдүк үтүө кыһа кыымпарын Ороһу, Сунтаар, Нам, Тойоку уонна Үөһээ Бүлүү Исидор Барахов аатынан оскуолалар сахпыттара. Ойор-тэбэр оҕо саас аргыстаах оскуола сырдык кырааскалаах паартатыгар олбохтонон олордум ахан ини.
Санаан кэллим… Хаһан эрэ мин эмиэ киэҥ, килэгир түннүктээх, дьэндьэйбит үрдүк оскуолаҕа олооччулаах тиийэн кэлбиппин. Биир да букваны, ахсааны билбэт бэйэм өссө сатаан да саҥарбатым. Дэлэҕэ күлүүгэ барыам этэ дуо. Ол маҥнайгы уруокка учууталым Прокопий Степанович Лебедкин: «Ким оҕотоҕунуй?» – диэн ыйыппытыгар, аҕам толору аатын билбэккэбин, Еремей оҕотобун диэбитим. Онтон: «Ханна олороҕун», – диэбитигэр мунаах бөҕөҕө түстүм. Биһиги Ороһу күөлүн уҥуоргутугар, Кустук учаастагар, Дьаархан диэн алаас үрдүгэр, олорорбут. Онуоха мин: «Чаархаан үрдүгэр олоробут», – диэбиттээхпин. Оттон ырыа уруога буоллар эрэ, сатаан ыллаабакка ытаан барарым. Көр оннук бастаан үөрэммиттээхпин. Онтон кинигэни ааҕан сыыйа үчүгэйдик саҥарарга үөрэммитим. Кинигэттэн билбитим: кинигэ киһиэхэ өйдөөх сүбэһитин, саамай чугас, күндү доҕорун, бараммат баайын.
Дьонум эрдэ өлөннөр эбитэ дуу, оччо дьиссипилиинэтэ суох, мэник-тэнэх этим. Сэттис кылаастан үөрэх курдук үтүө суоҕун билбитим. Күн сири сырдатарын курдук, үөрэх эрэ миигин киһи оҥоруохтааҕа. Оттон үөрэнии диэн сир биир сүүрүгү утары эрдинии кэриэтэ. Үөһээ Бүлүү орто оскуолатыгар түөрт сыл үөрэммиппин олус күндүтүк да саныыбын. Оскуола директора Д.С. Спиридонов, учууталлар М.А. Алексеев, А.Г. Попова, В.Р. Тобохов о.д.а. үтүөҕэ-кэрэҕэ үөрэтэн, төрөппүт ийэлии, аҕалыы сүбэлээн, дьулуһуу сырдык кыымын иҥэрбиттэрэ. Ол курдук үөрэххэ, үлэҕэ дьулуһуум сүрэх баҕатынан айаннаабыта. Төгүрүк тулаайах буолан үөрэниэхпиттэн ыла интернакка олорон биһиктэнним. Урукку кэм эбитэ буоллар, хайа эмэ баайга хамначчыттыам эбитэ буолуо. Маннык дьоллоох усулобуйаны тэрийбит хаан-уруу Коммунистическай партияҕа барҕа баһыыбатын этэбин.
Мин бииргэ быйыл бүтэрбит табаарыстарым Виктор Павлов МГУ-га, Люба Дмитриева Свердловскайга, Галя Данилова, Роза Кашлакова, Люба Гольдерова, Саша Николаев ЯГУ-га үөрэнэ киирдилэр. Оттон биһиги, Дмитриева Соня, Иванова Ольга буолан, ЯГУ-га саха тылын отделениетыгар киирдибит. Мин бары экзаменнарбын барытын түөркэ туттартаатым. Бу кыракый сэмэй ситиһиим үөрэппит оскуолаларым үтүө кыһамньыларын түмүгэ.
Күндү үөрэнээччилэр, бэйэҕит төрөөбүт оскуолаҕытын истиҥник таптааҥ, харах харатын курдук харыстааҥ!
И. Иванов, СГУ студена
«Бэлэм буол», №71, 1966 с. атырдьах ыйын 7 күнэ
***
Советскай былаас – Саха сиригэр
Аахтаах сир түҥэтиигэ
Октябрьскай революция кыайан, көҥүл олох күнэ сандаарыйа тыкпыта. Баттаан олорбут баайдар, аҕабыттар, кинээстэр, кулубалар бэйэбит гиэнэ диэн ааттаан үүнүүлээх ходуһалары, киэҥ нэлэмэн бааһыналары аахтаах сир оҥостон олорбуттара.
Революция кыайбытын кэннэ урукку улуус кулубатын оннугар саҥа рескомовецтар талыллыбыттара. Нам улууһугар ревком председателинэн дьадаҥы киһи оҕото Алексей Мултусов анаммыта. Чилиэннэринэн: Иван Саввинов, Степан Семенович Кардашевскай, Василий Николаевич Баннахов, Тересин Николаев буолбуттара.
Бу кэмҥэ аҕа ууһунан олороллоро. Нам улууһа үс аҕа ууһугар арахсара. Бплаҕаннаахтар, Кинээс ууһа, Намнар, Чокуруостар, онтон атыттара – Кобдо уустара диэн ааттаналлара. Ол аахтаах сирдэри тутан ылан, ревкомовецтар норуокка дууһанан үллэрбиттэрэ. Үллэһиккэ анал комиссия талыллыбыта. Баайдар түҥэтиккэ куоластара быһылллыбыта. Кинилэр утары туруохтара диэннэр, Бүлүүттэн тахса сылдьар уполномоченнай Пана Расторгуев Мултусовтыын оҥорбут испииһэгинэн Омук Дьөгүөрүн, Мас Испиридиэни (Чокуруостан), Ыкынааны, Бастаайыны (Кобдоттон), Сээһи (Кинээс ууһуттан) Чундулуга, көскө ыытан, сир оҥоһугар талах солоппуттара.
Аахтаах сир Нам улууһугар үгүс айдаана суох түҥэтиллибитэ. Куоластара быстыбыт баайдар күһүн дойдуларыгар кэлбиттэрэ. Мултусов, төһө да үөрэҕэ суох буоллар, сүрэҕинэн-быарынан, күүрээннээх үлэҕэ баайдардыын хапсыһыыга, активнай салайааччы быһыытынан биллэрэ.
1921 сыллаахха Волгаҕа сут буолбута. Онно сиэртибэ хомуйууга ревкомовецтар норуоту тылларгыра киллэрэн, элбэх суумалаах көмөнү оҥорбуттара. Мултусов ол күннэргэ утуйар уута көппүтэ. Баайдарга дьиэлэригэр тиийэн: «Бачча суумалаах сиэртибэтэ сарсыҥҥы күнү аһарбакка биэриҥ», – диэн модьуйара. Сукулаан дьиэҕэ хас киэһэ аайы мунньахтар ыҥырыллара. Онно ким төһөнү биэрбитин иһитиннэрэллэрэ. Баайдар, торҕоҥ муҥнаан, кыраны биэрэллэрэ, оччоҕуна норуот модьуйуутунан, уураах ылынан баайдарга эптэрэллэрэ. Хор, ол курдук сатабыллаахтык салайара ревкомовец Алексей Мултусов!

Январий ЕГОРОВ, ҮөҺээ Бүлүү
«Бэлэм буол», №2, 1967 с. тохсунньу 6 күнэ
Тимир көлө кэлиитэ
Бүлүү эбэ хотун көмүөлүн мууһа баранан кини устун уу араас ааллара устар буолан турар кэмэ. Ол ыраах борокуот буруота унаарыйан көһүннэ. Омурҕан кэриэтэ күүттэрэн кини биэрэккэ дьэ аргыый аҕай чугаһаата уонна күтүр улаханнык хаһыытаан дуораһытта.
Биэрэккэ дьон бөҕө муһунна. Бары борохуот кэлбит үөрүүтүттэн саҥалара-иҥэлэрэ хойдубут. Хас да киһи биэрэккэ тахсар. Колхоз салайааччыларын кытта сүбэлэһэн баран, кинилэр эр дьону хомуйан борохуокка төттөрү киирэллэр. Биэрэктэн далаһа мас оҥорон уураллар уонна ол устун борохуоттан тимир көлөһөнү үтэн биэрэккэ таһаараллар. Ону көрөөт, сорохтор ат тэлиэгэтэ быһыылаах дии санаабыттара. Оттон тугун баҕас ыараханай? Күүстээх икки оҕус тардара дуу, суоҕа дуу. Сорохтор туохха наада буолуох көлөһөлөрү аҕалан диэн мөҥүттэллэр. Ити “ХТЗ” трактор бу диэки аан бастаан аҕалыллыыта этэ. Барыта 10 тракторы аҕалбыттара. Харлампий Аломподисов дьоҥҥо трактордар тустарынан кэпсээбитэ. Сорох дьон: “Ама, атаҕа суох тимир көлөһө, айыы даҕаны, сүүрдэҕэй?” – диэн мөккүһэ-мөккүһэ, тарҕаспыттара.
Аҕыйах хонон баран, били 4 көлөһөлөөх тэлиэгэлэрэ, сири тобулута үктээн, сүр түргэнник сүүрэн хороҥолообута. Сөҕүү-махтайыы бөҕө буолбута. Нам бөһүөлэгэр сүүрбүт ити бастакы трактордары кырдьаҕастыын-эдэрдиин, кыанардыын-кыамматтыын бүтүннүү тахсан батыһа сылдьан көрбүттэрэ. Бу тимир көлөлөрү аан бастаан Харлампий Аломподисов, Дмитрий Иванов, Зинаида Егорова («Кыым үлэһит» колхозка), Лазарь Иванов, Петр Мухаплев, Иван Спиридонов («Чолбонтон»), Екатерина Григорьева, Дмитрий Сутуруканов (Харбалаахтан) Быһа Тардар Борокуопай (Иккис Үөдүгэйтэн), Байбал (Кэнтиктэн) үлэлэппиттэрэ. Кинилэри колхозтара Ньурбаҕа ыытан үөрэттэрбиттэрэ.
1935 с. Намҥа МТС тэриллибитэ. Ити үөһээ ааттаммыт дьоннор биһиги оройуоммут 30-с сыллардааҕы маяк буолбут механизатордара этилэр.
Я. Егоров, Үөһээ Бүлүү
«Бэлэм буол», №43, 1967 с. ыам ыйын 28 күнэ
Хаартыскаҕа: Январий Егоров. Кини бастыҥ производственник буола үүммүтэ.
***
Дьол диэн тугуй?
Биһиги оскуолабытыгар “Дьол диэн тугуй?” диэн темаҕа диспут буолбута. Онно дьол туһунан олус элбэхтик этиллибитэ. Мин бэйэм этиибин мантан аллара суруйабын.
Дьол туһунан этиигэ сүүс киһиттэн биир тэҥ эппиэти биэрэр икки киһини булар саарбах буолуо. Сорох киһи дьолунан общественнай үлэҕэ кыттыытын, сорох кыраһыабайдык таҥнарын ааҕыаҕа. Сорох спортка ситиһиилэрин дьолунан ааҕынар. Улуу дьоннор уонна научнай коммунизмы төрүттээбит Карл Маркс дьолунан охсуһууну, сорунан бас бэриниини ааҕара. Атын киһи маҥнайгы тапталын дьолунан ааҕыа. Оттон ырыаҕа этиллэринэн ким элбэх доҕордоох – ол эмиэ дьоллоох. Ити бэриллэр эппиэттэр бары да сөптөөхтөр.
Биһиги, билиҥҥи көлүөнэ, дьоллоох олоххо олоробут. Биһиэхэ туох барыта баар. Хоһуун киһи хайдах да күчүмэҕэй күннэргэ өлөн-охтон биэрбэт. Ол да иһин дьиҥнээх дьол үлэҕэ, үөрэххэ, бэйэ илиитин иһигэр баар диэн саамай сөпкө этиллэр. Ханнык баҕарар киһиэхэ оҕо саастан ордук күндү, кэрэ кэскиллээх, ахсаабат эрчимнээх, күүрүүлээх кэм суох. Онон, кыра да бириэмэни мээнэҕэ ыыппакка, бары күүһү-күдэҕи үөрэххэ түмүөхтээхпит. Онон биһиги бэйэбит инники дьоллоох олохпутун оҥостобут.
Хас биирдии үлэлиир киһи норуот историятыгар бэйэтин аатын суруйан хаалларар. Советскай дойдуга үгүс биллиилээх дьоннор дьоллорун буллулар. Үлэ эрэ киһини киэргэтэр. Обществоҕа туһалаах киһи буолар наадаттан үлэлии үөрэниэхтээхпит. Оттон үлэлиир үлэбит таһаарыылаах буоларын туһугар билиилээх-көрүүлээх буолуохтаахпыт.
Дьиҥнээх дьол диэн бу төрөөбүт-үөскээбит Ийэ дойду туһугар ис сүрэхтэн кыһаллан үөрэнии, айымньылаахтык үлэлээһин буолар.
Оҕолоор, оттон эһиги хайдах саныыгыт?
Петя Федоров, Үөһээ Бүлүү, Далыр оскуолатын Х кылааһын үөрэнээччитэ
«Бэлэм буол», 1969 с. муус устар 13 күнэ
Кинилэр эмиэ Үөһээ Бүлүү оройуонуттан «Бэлэм буол» хаһыат юнкордара этилэр





Бэчээккэ бэлэмнээтилэр Алексей Борисов,
Юлия Хомподоева, Сардаана Матвеева
Кэскил14.ру
