Биһиги оскуолабытыгар Хомус күнүгэр аналлаах улахан тэрээһин буолан ааста. Бу күн Танда, Тиит Арыы, Бээрийэ уонна Дүпсүн нэһилиэктэриттэн эдэр хомусчуттар уонна салайааччылар муһуннулар. Уопсайа 89 киһи кыттыыны ылла.
Сүрүн ыалдьыттарынан «Кэскил» Саха Өрөспүүбүлүкэтин оҕо образцовай кэллэктиибэ уонна салайааччылара СӨ үөрэҕириитин туйгуна, «Учууталлар учууталлара» анал бэлиэ хаһаайката Тамара Семеновна Михайлова, СӨ үөрэҕириитин туйгуна Евдокия Васильевна Атласова буоллулар.

Бырагыраама быһыытынан, күн устата кыттааччыларга олус интэриэһинэй уонна туһалаах тэрээһиннэр ыытылыннылар. Оҕолор И.П. Готовцев аатынан Тандатааҕы историко-архитектурнай түмэлгэ уонна Танда орто оскуолатыгар экскурсияларга сылдьан, нэһилиэк, оскуола историятын кытта билистилэр. Онтон оскуола аактабай саалатыгар «Кэскил» ансаамбыл кыттыылаахтара уонна салайааччылара хомуска оонньуур ньымаларга, сахалыы төрүт дорҕооннору таһаарарга үөрэттилэр, уопуттарын атастастылар.

Эбиэт кэнниттэн «Первые вместе» диэн квест-оонньуу ыытылынна. Онтон киэһэ өттүгэр оҕолор бииргэ чэйдээн баран, «Доҕордоһуу биэчэригэр» ылбаҕай ырыанан, үҥкүүнэн уонна хомус алыптаах тыаһынан тэрээһини түмүктээтилэр.
Сахалыы таҥастаах, хомустаах кэлбит оҕолор саҥа билиилэри ылан, саҥа доҕоттордонон, өрөгөйдөөх күнү олус сэргэхтик уонна туһалаахтык атаардылар. Маннык тэрээһиннэр үүнэр көлүөнэҕэ төрүт култуураҕа тапталы иҥэрэргэ улахан суолталаахтар.
Күндүүнэ ЕГОРОВА, IX кылаас,
М.Н. Готовцев аатынан Танда орто оскуолата, Уус Алдан
Валерия Колодезникова хаартыскалара, ХI кылаас
