Биһиги хоту сирбитигэр Сылгы Ыытар нэһилиэгэр быраастар мобильнай биригээдэлэрэ кэлэн нэһилиэнньэ доруобуйатын көрөн-истэн барбыттара. Мин түгэни мүччү туппакка, балыыһаҕа баран, Анжелика Иннокентьевна Матвееваны көрсөн интервью ылбытым.
– Үтүө күнүнэн, Анжелика Иннокентьевна, сылын аайы киин сиртэн хоту сытар нэһилиэктэргэ быраастар мобильнай биригээдэлэрэ кэлэр буолбуттара олус үчүгэй. Быйылгы сырыыгыт туһунан кэпсииргэр көрдөһөбүн.
– Үтүө күнүнэн! Доруобуйа уонна медицинскэй профилактика өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин оҕолор доруобуйаларын көрөр-истэр быраастар мобильнай биригээдэлэрэ Орто Халымаҕа кэлэ сырыттыбыт. Ол курдук, Орто Халыма куоратыгар, Налимскайга, Өлөөкэ Күөлгэ, Ойуһардаахха, Эбээххэ, Сыбаатайга, Березовкаҕа уонна эһиэхэ, Сылгы Ыытарга сырыттыбыт. Бөртөлүөккэ батарбытынан, элбээбитэ 14 буолан сылдьабыт. Бу сырыыга неврологпыт уонна эндокринологпыт кыайан кэлсибэтилэр. Онон толорута суох састааптаах 12 быраас буолан сырыттыбыт. Биригээдэбит икки саастаапка арахсан үлэлээтэ. Биһиги биригээдэбитигэр Доруобуйа уонна медицинскэй профилактика өрөспүүбүлүкэтээҕи киинин бэйэтин үлэһиттэрэ, ону кытта тастан сылдьар үлэлиир быраастар бааллар. Холобур, хирург, уролог, гинеколог, ортопед быраастар тастан сылдьаллар. Мобильнай биригээдэ сүрүн сыала-соруга хоту улуустарынан сылдьан нэһилиэнньэ доруобуйатын көрөр-истэр, медицинскэй көмөнү оҥорор.
– Ол аата эһиги наар хоту улуустарынан сылдьар буоллаххыт дии?
– Оннук. Сылы эргиччи айанныыбыт. Сайын эрэ айаннаабаппыт
– Хоту сир оҕолорун доруобуйаларын туругун көрдөххө, кыһалҕа туохха баарый?
Нэһилиэк оҕолорун 100 % хабан көрдүбүт. Оҕолор харахтара мөлтөөбүт. Тиистэрин туруга соччото суох, дьөллүүлээх (кариестаахтар). Уойуу кыһалҕата баар буолбут. Тиис өттүгэр стоматологтар биригээдэлэрэ туспа сылдьан эмтиир.
– Генетическэй анализ туһунан сырдатыаҥ дуо?
– Бу саҥа бырайыак буолар. Оҕо төрүүрүгэр улахан ыйааһыннаах, өйүн үлэтигэр хаалыылаах буоллаҕына, генетика аналиһын ылабыт. Бу ыйааһынна нуорматтан таһынан тахсар оҕолор төрөппүттэриттэн ыйыттахха, ийэлэрэ, аҕалара, эбэлэрэ «саахарынай диабеттаах» дьон эбиттэр. Ол иһин оҕо ыалдьыбатын туһугар эрдэттэн профилактика ыытыллар. Генетическэй анализ ыарыыны эрдэттэн сэрэтэргэ көмөлөөх.
– Олохтоохтор хайдах көрүстүлэрий дии санаатыгыт?
– Хоту дьонун сиэринэн, олус үчүгэйдик, истиҥник, сылаастык көрүстүлэр. Тото-хана аһаттылар. Амбулатория дьиэтигэр хонон-өрөөн олордубут.
Сылгы Ыытар олохтооҕуттан Галина Михайловна Бандероваттан быраастар мобильнай биригээдэлэрин туһунан санаатын ыйыталастым. Галина Михайловна санаатын маннык үллэһиннэ:
Мин үс оҕолоохпун. Биһиэхэ, ыраах хоту сиргэ Дьокуускайтан быраастар кэлэн, көрөн-истэн бараллара, оҕолорбут туохтара ыалдьарын билэрбит үчүгэй бөҕө буоллаҕа дии. Мобильнай биригээдэ үлэтин тэрийэр өрөспүүбүлүкэбит салалтатыгар махталбытын тиэрдэбит.
Карина РОЖИНА, Х кылаас,
А.Н. Явловскай аатынан Сылгы Ыытар орто оскуолата, Орто Халыма