Аан дойдутааҕы муcуой күнүгэр анаан Үөһээ Бүлүү улууһа Харбалаах нэһилиэгин Н. Якутскай аатынан Харбалаах орто оскуолатыгар «Басхан-2024» күрэх иккис төгүлүн ыытылынна. Уһуйаан басханнара туох түһүмэхтэри ааһан күрэхтэстилэр?
«Удьуор утума» түһүмэххэ хос эбэлэрин, эһэлэрин ийэ-аҕа өттүнэн кэпсээтилэр. Иккис түһүмэххэ «Өркөн өй» күрэххэ уһулуччулаах судаарыстыбаннай уонна бэлитиичэскэй диэйэтэл И.Н. Барахов олоҕун туһунан ыйытыыларга хоруйдаатылар. Үһүс түһүмэххэ «Мин маны сатыыбын» диэн оҥоһуктарын көмүскээтилэр уонна бүтэһик «Остуоруйалыыбын» түһүмэх.
Күрэҕи И.Н. Барахов аатынан СӨ судаарыстыбаннаһын түмэлин экскурсовода В.И. Семенов, Н. Якутскай аатынан орто оскуола 10 кылааһын үөрэнээччитэ, И.Н. Барахов аатынан оҕо тэрилтэтин Президенэ Николай Николаев уонна улуустааҕы «Басхан -2022» кылаан кыайыылааҕа, өрөспүүбүлүкэтээҕи күрэх кыттыылааҕа Кристьян Николаев сыаналаатылар.
Кырачаан 8 басханнар түөрт түһүмэххэ олус бэлэмнэммиттэр. Төрүччүлэригэр хос эбэлэрэ, эһэлэрэ тугу үлэлииллэрин, үлэлээбиттэрин билиһиннэрдилэр. Басханнар И. Барахов туһунан ыйытыыларга бука бары хоруйдаан, тойон сүбэни уустук балаһыанньаҕа киллэрэ сырыттылар. Биир дойдулаахтарын кыра оҕо саастан үөрэтэр буолан, бу түһүмэҕи ыарырҕаппатылар. «Мин маны сатыыбын» түһүмэххэ уруһуйдарын, «леготтан», пластилинынан оҥоһуктарын көмүскээтилэр.
Нэһилиэкпитигэр ыытыллар «Остуоруйа истэр дьоро киэһэ» бырайыакпыт түмүгүн манна көрдүбүт. Ол курдук, оҕолорбут остуоруйалаатылар. «Таал-Таал эмээхсин», «Оҕус уонна сылгы», «Ыт таҥара күлүүһүнньүгэ» уо.д.а. саха остуоруйаларын астына иһиттибит.
Түмүккэ, кылаан кыайыылаах — Вилюян Семенов, 2 үрдэл — Уларов Харысхал, 3 үрдэл — Уларов Петя буоллулар. Иитээччилэр кыракый басханнара олус бэркэ кыттыбыттарыттан астыннылар. Күрэххэ төрөппүттэр уонна иитээччилэр бииргэ көмөлөөн уолаттары бэлэмнээбиттэрэ көстөр.
Онон «Басхан» күрэх Харбалаах оскуолатын уһуйааныгар ситиһиилээхтик барда. Бу улахан бырайыакка Харбалаах нэһилиэгин уһуйаана кыттыста. Биир сыллаах үлэбит түмүгэ манна көстөр эбит диэн түмүккэ кэллилэр.
Кыракый басханнар ийэ куттара уһуктан, «мин сахабын» диэн тыыннара уһуктарыгар олукпут уурулунна диэн киэн тутта ааттыахпытын сөп.
Евдокия Павловна Семенова, «Басхан» бырайыак ааптара.