Муус устар 16 күнүгэр, биһиги оскуолабытыгар «Дьиэ кэргэн, оскуола – биир ситим» төрөппүт түһүлгэтэ чэрчитинэн уруоктарга, куруһуоктарга аһаҕас дьарыктар ыытылыннылар.
Биһиги, 8 «а» кылааһын үөрэнээччилэрэ, бу күн медиа-киин аһаҕас дьарыгар тэрээһиннэри хайдах сырдатарбытын, уһуларбытын дьоммутугар-сэргэбитигэр көрдөрдүбүт.
Медиа-кииҥҥэ кылааьынан дьарыктаммыппыт икки сыла буолар. Улуус, өрөспүүбүлүкэ таһымнаах изданиеларга бэйэбит үлэлэрбитин сырдатабыт.
Миэхэ медиа-киин олус интэриэһинэй, араас тэрээһиннэргэ сылдьабын, элбэх дьону кытта алтыһан үлэлиибин. Медианан дьарыктанарбын олус сөбүлүүбүн. Бэйэм санаабар миэхэ журналист буоларбар туһалаах, олус элбэххэ үөрэнэн, элбэҕи ситиһэн, элбэҕи билэн бэйэм сайдабын, сыалбын ситиһэбин. Бииргэ үөрэнэр оҕолорум эмиэ олус интэриэстээхтик үөрэ-көтө медиаҕа сылдьаллар.
Сидорова Даша, 8 «а» кылаас үөрэнээччитэ,
ОхлопковNews медиа-киин, Мэҥэ Хаҥалас