Бүгүн кулун тутар 8 күнүгэр Эмис нэһилиэгин олохтооҕо, биһиги биир бастыҥ суоппарбыт Роберт Григорьевич Григорьев куруук буоларын курдук, кэрэ аҥардарга босхо айаны бэлэхтээтэ. Күн устата нэһилиэк кэрэ аҥардара “Король” такси өҥөтүнэн босхо туһаннылар.
– Кулун тутар 8 күнэ кэрэ аҥардар сэргэхсийэр, үөрэр-көтөр күннэрэ. Бэйэм кулун тутар 8 күнүгэр төрөөбүт буоламмын миэхэ эмиэ ураты күн. Оҕо сылдьан ийэбэр, эдьиийбэр, балтыбар, ону тэҥэ учууталларбар куруук открытка суруйан, уруһуйдаан бэлэхтиир этим. Ол кинилэргэ улахан үөрүү буоларыттан бэйэм ордук улаханнык үөрэрим. Киһи киһиэхэ үтүө санааны бэлэхтиирэ бу олоххо саамай үчүгэй дии саныыбын. Нэһилиэгим кэрэ аҥардарыгар анаан сыл аайы кулун тутар 8 күнүгэр босхо өҥөнү үтүө үгэс быһыытынан ис сүрэхпиттэн үөрэн-көтөн туран оҥоробун. Аҕа саастаах, эдэр да дьоҥҥо бу күн саамай түбүктээх, кэлиилээх-барыылаах буолар. Оу өйдөөммүн, кыра да көмө буолаарай диэн маннык үгэһи олохтообутум, – диэн кэпсиир Роберт Григорьевич.
“Король” такси үтүө үгэһин туһунан санаатын үллэстэригэр Нонна Николаевна Ноговицынаттан көрдөстүм.
– Роберт Григорьевич биһиги нэһилиэкпитигэр кулун тутар 8 күнүгэр бу маннык солун хамсааһыны таһаарбыта хас да сыл буолла. Бу күн кини төрөөбүт күнэ. Роберт Григорьевич олоҕун бэлиэ күнүн үөрүүтүн кэрэ аҥардар күннэрин кытта дьүөрэлээн, олохтоохтору кытта маннык уратытык үллэстэр. Бу күн кэрэ аҥардар ким үлэтигэр, ким наадатыгар, ким маҕаһыыҥҥа босхо айанныыбыт. Үтүөнү, кэрэни, үөрүүнү кытта сылдьар Роберт Григорьевичка улахан махталбытын тиэрдэбит. Төрөөбүт күҥҥүнэн эҕэрдэлиибит! Айанын суола сырдык, ыраас буоллун диэн баҕа санаабытын тиэрдэбит, – диэн Нонна Николаевна санаатын үллэһиннэ.
Роберт Григорьевич, нэһилиэгин кэрэ аҥардарыгар аныыр болҕомтоҥ иһин, улахан махтал!
Эрчим НИКОЛАЕВ, VIII кылаас, Эмис, Амма