Олунньу 21 күнүгэр “Сосновый бор” лааҕырга сменабыт үөрүүлээхтик түмүктэннэ. Олунньу 9-21 күннэригэр “Кэскил” медиа оскуола юнкордара уонна “Бастакылар хамсааһыннарын” активистара бииргэ “Сосновый бор” лааҕырга олорон үөрэннибит, сайынныбыт, сынньанныбыт. Бастакы күннэргэ барыбытыгар да ыарахан этэ. Билсиһии, саҥа сиргэ үөрэнии, эрдэ билбэтэххин-көрбөтөххүн үөрэтии – маны барытын тута ылына охсубатаҕым.
Тус бэйэм “Самые быстрые национальные виды спорта” диэн тиэмэҕэ рилс форматтаах видео оҥоруутугар улаханнык ыарырҕаппытым. Эппиэтинэс диэн тугун үчүгэйдик өйдөөтүм. Хамаандабар монтажер этим. Хамаандам оҕолоро түмпүт үлэлэрин барытын холбоон оҥорон таһаарыы улахан эппиэтинэс этэ. Наар ону саныы, толкуйдуу сылдьыбытым. Бииргэ түмсүбүппүтүгэр, толкуйдаабыппытыгар, айымньылаахтык үлэлээбиппитигэр хамаандам оҕолоругар наһаа махтанабын. Саха сирин араас улуустарыттан кэлбит элбэх оҕону кытта билсэн, медиа өттүгэр опыт бөҕөтүн ыллым, саҥаны биллим.
Сменабыт бүтэһик күнэ миэхэ саамай ыарахан этэ. Кылгас кэм иһигэр билсибит, бииргэ сылдьыбыт, үлэлээбит доҕотторбун кытта, кыра бириэмэ иһигэр дьиэҥ-уотуҥ курдук ылыммыт сиргин кытта арахсар ыарахан да этэ. Итинник кылгас кэм киһиэхэ улахан да суолталаах буолар эбит!
Вадим КОЛЕСОВ, Х кылаас, Хайахсыт, Чурапчы