Төрөөбүт түөлбэттэн саҕалаан
(Эссе)
Сүлүөккэ кыттыыны ыла кэлиэхтээх эдэр кэрэспэдьиэннэргэ «Бүлүү экологията” эссени суруйууга дьиэҕэ үлэ эрдэттэн бэриллибитэ. Онно Дьөккөн Н.А. Кондаков аатынан орто оскуолатын IХ кылааһын үөрэнээччитэ Даниил Петров суруйуута хайҕанна.
Даниил маны таһынан кэллиэксийэһиттэр “Мин дьиэ кэргэним сөбүлүүр дьарыга” быыстапкаларыгар эмиэ ситиһиилэннэ (хаартысканы көр). Кини эдьиийэ Маргарита Егоровна Петрова саҕалаабыт значоктарын кэллиэксийэтин салгыы мунньан, хас да сүүс ахсааҥҥа тиэрдэн, көрдөрүүгэ туруорда.
Билигин Даниил ПЕТРОВ айымньытын билсиэххэ.
«… эн куккар-сүргэр төрөөбүт буоргар умсулҕаныҥ бэйэтэ туспа, тугунан да солбуллубат, былдьаммат миэстэлээх, ону атын төһө да бэйэлээх үтүө иэйии үтүрүйбэт, өһөрбөт…».
Советскай Союз Геройа Н.А. Кондаков.
Хас биирдии киһи бэйэтин төрөөбүт дойдутун кэрэтинэн, чэгиэн-чэбдик салгынынан, көҕөрөр халлаанынан, күөх суугун тыатынан, кэрэ сибэккилэринэн тэлгэммит ача алаастарынан киэн туттар. Ханна төрөөбүт, олохсуйбут сирин төрүт дойдутунан ааҕынар.
Мин олорор нэһилиэгим, Хаҥалас аҕатын ууһуттан төрүттээх киһи кэлэн олохсуйуутуттан, ол киһи аатынан Дьөккөн диэн ааттаммыт. Өбүгэлэрбит төрөөбүт, олохсуйбут сирдэрин ытыктаан, харыстаан Эбэ диэн ааттаабыттар.
Олорор сирдэрин тулата, сирэ-уота, айылҕата, аата-суола, омос көрдөххө, туох да уратыта суох.
Ол гынан баран, миэхэ кини курдук чугас суох. Биир дойдулаахпыт суруналыыс Н.А. Кондаков кэргэнэ Н.И. Протопоповаҕа төрөөбүт дойдутун туһунан истиҥник суруйбутун аахтахха, чахчы да киһи дойдутугар таптала күүстээҕин билэҕин:
«Олорор күөлү олохтоохтор Алаас диэн ааттыыллар. Кини курдук куһаҕан сирдээх, адаардаах сир ханна да суох. Ол гынан баран, ама, кини курдук үчүгэйдик саныыр сирим баар буолуо дуо? Суох, Бүлүү кумаҕа, Дьокуускай тураҥа, Урал таастаах арҕаһа, Москва аннынааҕы биэ эмиийдээх чараҥа, Украина улаҕата биллибэт хонуута, аатырар Карпат хайалара, Германия харыйа ойуура, Дунай биэрэгэ, о.д.а. – ити тохтотолообут сирдэрим. Кинилэр бары мин сүрэхпэр туох эмэ кэрэ бэлиэни хаалларбыттара дуо? Суох, букатын суох. Төрөөбүт сир, итэҕэли билинэрим буоллар, аптаах эбит диэм этэ. Кэрэ, кэрэ – кини саҕа суох», – диэн суруйан хаалларбыт аҕыйах тыла сүдү, элбэҕи толкуйдатар, киһиэхэ төрөөбүт сиригэр тапталын итэҕэтиилээхтик тириэрдэр.
Мин айылҕаны харыстааһын, ытыктааһын төрөөбүт сири-дойдуну таптыыртан-ахтартан саҕаланыахтаах дии саныыбын. Төрөөбүт дойдутун ис сүрэҕиттэн ытыктыыр киһи хайаан да төрөөбүт сиригэр сүгүрүйүө, сиэри-туому тутуһуо, тыыннаах айылҕатын харыстыа. Төрөөбүт сиргэ таптал, олорор алаһа дьиэҕиттэн, тиэргэҥҥиттэн, дьиэ кэргэҥҥиттэн саҕаланар.
Мин быйыл сайын төрүттэрим олорбут алаастарыгар сырыттым. Эбээм бу кэрэ айылҕалаах сиргэ төрөөбүт, улааппыт. Эбээм төрөөбүт алааһын куруук саныыр-ахтар, кэпсиир. Кырдьык да, айылҕата кэрэтэ, худуоһунньук тула өттүн араас өҥүнэн, көмүс дуйдаах кыраасканан уруһуйдаан кэбиспитин курдук. Тула барыта чуумпу, истиҥ, сылаас. Сайыны быһа айылҕалыын сэһэргэһэр курдуккун. Үлэлииргэр айылҕа эйиэхэ күүс биэрэр курдук.
Хомойуох иһин, өтөхтөргө, ходуһаларга, ойуурга бөҕү мээнэ тоҕоллор эбит. Төрүттэрбит өтөхтөрүн сайылык оҥостордуу былааннаатыбыт. Өтөх бөҕүн-сыыһын, хаппыт мастарын ыраастаатыбыт. Аймахтарым сайын сайылыыр дьиэ, титиик туттарга былааннаатылар. Сайын ыанньык ынахтарын аҕалыахтара. Суруйааччы Иван Гоголев айымньыларыгар сурулларыныы, «Эбэм, эһэм өтөхтөрүгэр» сылдьыахпыт, «Атыыр оҕус сайылыкка айаатыа», «Кырдьаҕас ынах» маҥырыа, «Собо» сыта дыргыйыа, «Аар хатыҥ» суугунуо, «Кутаа аттыгар» сыламныахпыт, «Төрүт буор» өтөхпүтүгэр олох салҕаныа. «Ийэ сирим дууһабар ол алаастан саҕаланар». Өтөхтөрү, алааһы хаартыскаҕа түһэрэн аҕалан, кырдьаҕас эбээбэр көрдөрбүппэр үөрбүтэ аҕай. Алааһыгар сылдьыбыттыы санаммыта, бэрт элбэҕи кэпсээбитэ.
Биһиги биир дойдулаахпыт, профессор, Саха сиринээҕи норуот эмчиттэрин Ассоциациятын президенэ В.А. Кондаков Аар Айыы итэҕэлин сүрүн ирдэбиллэригэр айылҕаҕа киһи сөптөөх сыһыанын ирдэбиллэрин суруйбута. Кини киһи айылҕаҕа сөпкө дьүөрэлэһэн олороругар, айылҕаҕа сыһыан, сиэр-туом туһунан суруйбутун сэргии аахтым. Нэһилиэкпитигэр айылҕаны харыстыырга, айылҕа туһунан Владимир Алексеевич этиилэрин суруйан, баннер оҥорон ыйыахха сөп эбит диэн санааҕа кэллим:
– Тулалыыр эйгэҕэ ытыктабыллаахтык сыһыаннаһыы, айылҕаны харыстааһын – тыыннаах буолар төрүт үгэс.
– Түмсүүлээх буолуу, төрөөбүт дойдуга муҥура суох таптал – уһун дьылҕаланыы аартыга.
– Айылҕа диэн бэйэтэ тыынар тыыннаах, өйдөөх эйгэ.
– Ийэ айылҕабытын кытары сөпкө дьүөрэлэһэн, кини ис тыыныгар сөп түбэһэн олох олоруу – хас биирдиибит ытык иэһэ.
Маннык тыллаах баннердар элбэххэ иитиэ-үөрэтиэ, толкуйдатыа этилэр.
Кэлиҥҥи сылларга баһаар туран, хаарыаннаах айылҕабытын сиэтэ, күл-көмөр оҥордо. Баһаар буолбут сиригэр сатыы да киһи сатаан сылдьыбат буолар эбит. Айылҕа бу бааһын оһорунара ыраах быһыылаах. Баҕар, айылҕабыт биһиги киртитэрбитин, харыстаабаппытын иһин утары барара, ыраастанара буолуо дуо диэн санааҕа киһи кэлэр.
Хас биирдии киһи бэйэтин төрөөбүт сирин историятын билиэхтээх, төрүттэрин олорбут сирдэрин үөрэтиэхтээх диэн бары өйдүүбүт. Сир ыларга көҥүл бэриллибитинэн, сорохтор өтөхтөрү, күөллэри ылан сөргүтэн эрэллэр. Ылбыт сирдэригэр дьиэ, үүтээн тутталлар, күрүө-хаһаа оҥостоллор. Сир аһын арааһын хомуйаллар. Ходуһата оттонон, от бөҕө кээһиллэр. Дьон-сэргэ олохсуйбут сирэ ураты тыыннанар, айылҕата чөл буолар.
Түмүкпэр, киһи төрөөбүт төрүт сирдээх, дойдулаах буоллаҕына, ол сир аата ааттаныа, сайдыа, айылҕата чөл буолуоҕа диэн санааҕа кэлэбин. Уонна таптыыр суруйааччым Иван Гоголев хоһоонунан үлэбин түмүктүүбүн.
Күүс ылыаҕым мин
чэпчээн,
Айар үлэм мин дууһабар
Бу кыараҕас тэлгэһэттэн,
Бу өтөхтөн саҕаланар.
Кырдьык даҕаны, барыта төрөөбүт түөлбэттэн саҕаланар эбээт…
Даниил ПЕТРОВ,
IX кылаас.
Дьөккөн, Бүлүү.