«Добун» сааһы айхаллыыр
Өбүгэбит үгэһин сөргүтэн, саха төрүт үнүстүрүмүөннэрин үйэтитэр туһугар, ыам ыйын 6 күнүгэр Дьокуускайдааҕы Саха политехническай лиссиэйгэ «ДОБУН» норуодунай этно-фольклорнай ансаамбыл бэрт тыҥааһыннаах тэрээһини ыытта.
«Добун дуораана» аһаҕас куонкурус-фестиваль сыала-соруга саха төрүт үнүстүрүмүөннэрин, итиэннэ төрүт матыыбы үйэтитии буолар. Охсор, тардар, табыйар, аалар… бары муусука дорҕоонун иэйэн таһаарар дьикти тэриллэр… Манна барыта түөрт бөлөххө, үс улуустан Оҕо искусствотын оскуолатын уһуйуллааччылара, Дьокуускай куорат оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ уонна орто анал үөрэх кыһатын устудьуоннара кытыннылар. Бары кулгаахтарынан уһулуччу чуор уонна чуолкай дьон.
Оҕолор варган, үнүстүрүмүөн уонна оркестр хайысхаларынан күрэхтэстилэр. Варган муусукатын бөлөхтөрүгэр уопсайа 18 оҕо кытынна. Үнүстүрүмүөннэр бөлөҕөр 17 үөрэнээччи, оркестр муусукатыгар түөрт оскуолаттан кытыннылар.
Бастакы бөлөххө варган көрүҥэр: оскуола боруогун атыллыы илик оҕолор, Дьокуускайдааҕы 14 №-дээх «Журавлик» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ Ева Крылова, Света Тарасова уонна Диана Герасимова «Хомуска дьүһүйүү», «Дьүрүһүй, хомуһум» уонна «Норуот матыыптара» композицияны толороннор, үгүс дьон сэҥээриитин ыллылар. Уус-уран салайааччы Надежда Николаевна Тимофеева кыралары бэркэ такайбыт.
Ыраах улуустар айаннара уустук буолан, кыайан кэлбэтэхтэр. Горнай Бэрдьигэстээҕиттэн Оҕо искусствотын оскуолатын 19 уһуйуллааччыта «Кылыйа» диэн саха үнүстүрүмүөнүнэн оонньоотулар. Хаҥалас улууһун Өктөм нэһилиэгиттэн «Өркөн» оҕо уһуйаанын иитиллээччилэрэ хомус уонна дьаҕа курдук тэриллэри хото тыаһатан, көрөөччүлэри сэргэхситтилэр.
Хатастааҕы Оҕо искусствотын оскуолатын норуодунай хорун салаатын IV кылааһын үөрэнээччитэ Уйгун Максимов 9 сааһыттан балалайкаҕа оонньуурун саҕалаабыт, күрэххэ кыттаары, ох курдук оҥостон кэлбит. «Инникитин бу дьарыкпын муусука алыптаах дорҕоонугар уйдаран салгыам, сайыннарыам», – диэн баҕа санаалаах.
Бу курдук саха төрүт дорҕоонун иэйэр үнүстүрүмүөннэри инники кэскиллэрбит кэрэхсии, баһылыы тураллара истэргэ-көрөргө кэрэтиэн диэн сөхпүппүн, хайҕаабыппын үөрэ тиэрдэбин.
Арылхан МОЙТОХОНОВ.
Василий ПАК түһэриилэрэ.