Биһиги сааскы сынньалаҥмытыгар икки күннээх “Ураты кэрэ көстүүлээх Горнай улууһа” диэн экспедицияҕа сылдьыбыппыт.
Сарсыарда мустан, алгыс ылан баран, 16 оҕо, 10 төрөппүт буолан, ыраах айаҥҥа туруммуппут.
Бастаан Маҕараска тохтообуппут. Манна саха ынахтарын ураты көрүҥнэрин билсиһии буолбута. “Сахаплем” тэрилтэ филиала 100-тэн тахса ынаҕы көрөр, ахсаанын элбэтэр сыаллаах үлэлиир. Саха ынаҕа кыра уҥуохтаах, көп түүлээх эбит, тымныыны тулуйумтуо, аһылыга кэмчи, үүтэ хойуу, этэ мраморнай диэн сыаналанар.
Салгыы Бэрдьигэстээххэ Духуобунас киинигэр сылдьан, ини-бии Даниловтар тустарынан Клавдия Георгиевна кэпсиирин сэргээбиппит.
Онтон норуодунай суруйааччылар Семен, Софрон Даниловтар уонна улуу худуоһунньук Афанасий Осипов күн сирин көрбүт дойдуларыгар Мытаахха тиийбиппит. Кинилэргэ аналлаах мусуой-галереяҕа Лидия Семеновна кэпсиирин дуоһуйа истибиппит, Афанасий Осипов хартыыналарын астына көрбүппүт, ыйытыктарга эппиэттээн хайҕаммыппыт. Нэһилиэк олохтоохторо кинилэри биэс тарбахтарын курдук холкутук билэллэрин, киэн тутталларын сөхпүппүт.
Дьиикимдэ Софрон Данилов аатынан оскуолатыгар бэйэбит саастыы оҕолору кытта билсэн оонньообуппут, күрэхтэспиппит, бириэмэбитин бэркэ атаарбыппыт.
Дириэктэри солбуйааччы Саргылана Викторовна, кылаас салайааччыта Алевтина Максимовна биһигини ытыстарын үрдүгэр түһэрэн көрсүбүттэрэ, төрөппүттэргэ дуобакка, волейболга күрэхтэһиини тэрийбиттэрэ. Остолобуой үлэһиттэрэ минньигэстик аһаппыттара. Оскуолаҕа киириигэ “Үтүөнү өйдүүр, кэрэни кэриэстиир көлүөнэ эрэ үрдүк аналга тиксэр аналлаах” диэн тыллар сөпкө этиллибиттэрин итэҕэйбиппит.
“Бүгүн туох үчүгэйи оҥордуҥ, бүгүн туох саҥаны биллиҥ, бүгүн туох туһугар олордуҥ?” диэн санаа атастаһыытынан күммүтүн түмүктээбиппит.
Сарсыныгар Маай алааһыттан Бэрдьигэстээххэ диэри үс биэрэстэни сатыы хаампыппыт, ыраас салгынынан тыынан астыммыппыт, сымнаҕас хаарга төкүнүйэн ылбыппыт.
Бэрдьигэстээх Кыраайы үөрэтэр мусуойугар өбүгэлэрбит олохторун, Горнай улууһун биллэр-көстөр дьонун ураты дьарыктарын, мусуой дириэктэрэ Елена Григорьевна фарфор оҥоһуктарын кэллиэксийэтин көрбүппүт.
Ытык дьоммут ымыылаах суолларынан айаннаан, икки күннээх экспедициябыт туһалаахтык ааспыта.
Горнай улууһун ыалдьытымсах дьонугар махталбытын этэбит.
Дайаана ДЬЯКОНОВА,
VIII «Б» кылаас,
«Айылгы» пост.
12 №-дээх оскуола.
Дьокуускай.