Ыһыах – сахалар Саҥа дьылбыт, этэҥҥэ өссө биир хаары уулларан, төгүрүк сылы түмүктээн, саҥа күөххэ үктэнэр бырааһынньыкпыт. Саха сирин бары муннугар дьон саамал кымыс утахтаах, сылгы этэ сэмсэлээх, ырыа-тойук түһүлгэлээх, саха төрүт оонньуулаах ыһыах ыһар. Былыр-былыргыттан саха дьоно ыһыахха дьиэ кэргэнинэн киирэн түһүлгэлиир үгэстээхтэр – оҕолуун-уруулуун, кыралыын-улаханныын бары мусталлар. Ол иһин, төһө да аныгы сайдыылаах үйэҕэ олордорбут, өбүгэлэрбит төрүт үгэстэрин тутуһар ытык иэстээхпит.
Ол курдук, бэлиэ күн “Кэскил” оҕо бэчээтин дьиэтин эдэр корреспонденнара Дьокуускай куорат олохтоохторуттан уонна ыалдьыттарыттан «Ыһыах күнүн төһө билэллэрин» туһунан субу курдук ыйытыктары бэлэмнээн туоһуластылар.
- Бүгүн туох күнэй?
- Тоҕо бу күн бэлиэтэнэрий?
- Ыһыах күнүгэр ыытыллар ханнык үгэстэри билэҕитий?
Опрос-ыйытыкка уопсайа 50 киһи кытынна. Онтон 28 эр киһи, 20 кэрэ аҥар, 2 оскуола үөрэнээччитэ. Оҕолор икки болуоссаттарынан, атыы-эргиэн кииннэринэн сүүрэ сылдьан 50 киһини хаба тардан ыйыталаһан сөптөөх хоруйдары ылары ситистилэр.
Дьэ, көрүөххэ эрэ, маҥнайгы боппуруоска биэһэнтэн биэһэн киһитэ “Ыһыах күнэ” бэлиэтэнэр диэн сөптөөх эппиэтии биэрбиттэр.
“Тоҕо бу күн бэлиэтэнэрий?” – диэн ыйытыкка субу курдук эппиэттээбиттэр: “бүгүн саамай уһун күн диэн 48 киһи, баһылык талбыт күнэ 1 киһи, билбэппин диэн 2 киһи, саха норуотун национальнай бырааһынньыга 3 киһи хоруйдаата, сайыны көрсүү 10 киһи, сахалар саҥа дьылбыт 15 киһи…” Тоҕо бу күн бэлиэтэнэрин адьас билбэт киһи диэн суох эбит.
“Ыһыах күнүгэр ыытыллар ханнык үгэстэри билэҕитий ?” –
Бары кэриэтэ сахалыы таҥас кэтиитэ, саха норуотун төрүт оонньуулара, күнү көрсүү, оһуохай, ат сүүрдүүтэ диэн эппиэттээтилэр, алаадьыны астаан ыраастаныы, дыгын оонньуулара, кымыс иһиитэ, тойук туойуута 20 киһи, сиргэ-уокка сүгүрүйүү, алгыс иҥэринии 12 киһи, ханнык да үгэһи билбэппин диэн биир да киһи эппиэттээбэтэ.
Опрос түмүгүн таһааран көрдөххө, ыһыаҕы билбэт киһи диэн суох. Бары кэриэтэ бу күн туттуллар уонна туһаныллар саха төрүт үгэстэрин билэллэр. Онуоха биһиги ыһыах олох салҕанарын бэлиэтэ буоларын өйдүөх тустаахпыт. Сиэр-туом толорон биһиги омук быһыытынан уратыбытын өссө биирдэ дакаастыыбыт уонна кэлэр дьыл устата айар-тутар, олохпутун дьоһуннаахтык олорор туһугар ыраастанабыт, арчыланабыт, күүс-уох ылынабыт. Үрүҥ Тунах Ыһыаҕынан!
“Кэскил” оҕо бэчээтин дьиэтин эдэр корреспонденнара.