Ыам ыйын 15 күнэ Дьиэ кэргэн Аан дойдутааҕы күнэ бэлиэтэнэр. Бу бэлиэ күҥҥэ Г.Г. Софронов аатынан Өлөөкө-Күөл орто оскуолатын 7-с кылааһыгар оонньуу дьоро киэһэтэ тэрилиннэ. Манна оҕолор ийэлэриниин кытыннылар.
Бастаан төрөөбүт дойдуларын төһө билэллэрин тургутар ыйытыктарга көмөлөөн хоруйдаатылар, онтон саха таабырыннарын, өс хоһооннорун таайдылар, ситэрдилэр. Салгыы өйү эрчийэр толкуйдатар оонньууга күөн көрүстүлэр. Онтон түмүгэр, бу күн төрөөбүт күннээх, 88 сааһын туолар аарыма кырдьаҕас «Кэскил» хаһыаппытын сурутууга көҕүлүүр постердары оҥордулар.
Онон дьоро киэһэ олус интэриэһинэйдик уонна туһалаахтык ааста. Кыайыылаахтар минньигэс бэлэхтэри тутан үөрдүлэр-көттүлэр.
Маннык тэрээһиннэр оҕолор уонна төрөппүттэр икки ардыларыгар истиҥ сыһыаны, бэйэ-бэйэҕэ убаастабылы, эрэниини, итэҕэйиини күүһүрдэллэр.
И. Ноговицына,
Орто Халыма, Өлөөкө-Күөл б.