Биһиги нэһилиэкпит олохтоохторо Платоновтар диэн учууталлар династияларын туһунан билиһиннэриэхпин баҕарабым. Билигин бочуоттаах сынньалаҥҥа олорор Россия үөрэҕириитин туйгуна, Саха өрөспүүбүлүкэтин бочуоттаах бэтэрээнэ, «Учууталлар учууталлара» бэлиэлээх Ригоретта Романовна Платоновалыын кэпсэттим.
— Ригоретта Романовна, учуутал идэтин тоҕо таларга санаммыккытый?
— Оскуолаҕа сылдьан ханнык идэни таларбар буккуллар этим. Эмиэ да агроном, эмиэ да биолог идэлээх буолуохпун баҕарар этим. Онтон 1964 сыллаахха Хачыкаат 8 кылаастаах оскуолатын бүтэрэн, Дьокуускайдааҕы педагогическай училищеҕа киирбитим.
— Эһиги династияҕыт кимтэн саҕаланарый?
—Династиябыт аҕабыт Платонов Роман Васильевичтан саҕаланар. Кини 1909 с. Арҕаа Хаҥалас улууһугар, Хачыкаат нэһилиэгэр төрөөбүтэ. С.П.Барашков арыйбыт оскуолатыгар, онтон Ороссолуодаҕа үөрэммитэ. Педагогическай училищены бүтэрэн, учуутал идэтин 1930 сылтан саҕалаабыта, ол кэмҥэ бүттүүн үөрэхтээһин саҕаламмыта. Кини учууталынан, дириэктэринэн араас оскуолаҕа үлэлээбитэ. Аҕа дойду Улуу сэриитин кыттыылааҕа, тыыл, үлэ бэтэрээнэ буолар. Аҕам педстаһа – 41 сыл.
— Аҕаҥ курдук учуутал буолбуккун эбит.
— Аҕам туйаҕын хатаран, учуутал идэтин талбыт эбиппин. Аҕам миэхэ учуутал бастыҥ холобура буолара.
Кини элэккэй, аламаҕай майгылааҕа, дьону түмэр дьоҕурдааҕа. Олохтоохтор ат сүүрдүүтүн тэрийэрин, комментарийдыырын санааччылар. Кыайыы күнүн тэрийэригэр, пааматынньык таһыгар пионер сбора, бэтэрээннэри чиэстээһин, спортивнай оонньуу, күрэх буолар этэ. Бырааһынньыкка, ыһыахха оһуокай тылын этэрин сөбүлүүрэ. Музыкальнай инструменнарга оонньуура, переменаҕа оҕолорго музыкальнай оонньууну, үҥкүүнү тэрийэрэ. Хабылык, хаамыска оонньоторо. Элбэх киһини саахымакка оонньуурга үөрэппитэ. Сельсовет депутатынан, табаарыстыы суут, избирком председателинэн үлэлээбитэ.
— Платоновтар династияларын туһунан сырдатыаҥ дуо?
— Уопсай педагогическай стажпыт 377 сыл буолар. Манна аҕам оҕолоро, сиэннэрэ, хос сиэннэрэ, балтылара киирдилэр.
Кинилэр араас бэридимиэт учууталларынан үлэлии-хамсыы сылдьаллар. Биһиги династиябыт Кыһыл Үрүйэ оскуолатыгар алын кылаас, эбии үөрэхтээһин үлэһиттэригэр аналлаах улуус педагогическай ааҕыыларын тэрийэн ыытабыт. Оскуола иһинэн «Р.В.Платонов аатынан лауреат» диэн анал ааты иитээччигэ, учууталга анаан олохтуубут. Тэрээһиннэргэ спонсор буолабыт, маастар кылаастары ыытабыт.
— Оҕолорго тугу баҕарыаҥ этэй?
— Оҕолор үчүгэй үөрэхтээх, ыра санаалаах, төрөөбүт дойдуларыгар бэриниилээх дьон буолалларыгар баҕарыам этэ.
Нарияна Антипина , IХ кылаас, «Үрүйэчээн» пресс-киин эдкора.
Кыһыл Үрүйэ, Хаҥалас улууһа.
- 100 фактов о Якутии
- 2024 год — Год детства в РС (Я)
- 2024 сыл — Оҕо саас сыла
- 2024 — Год семьи в России
- VIII Международные спортивные игры "Дети Азии"
- Азия оҕолоро" VIII норуоттар икки ардыларынааҕы спортивнай оонньуулар
- Безопасность детей
- Билии күнэ
- Гаджеппын көрүөххэ
- Главная
- Гость номера
- Движение Первых
- Делегаты Елки Главы Якутии
- Десятилетие науки и технологий
- Дети Азии
- Детям
- Дириэктэрдиин сэһэргэһии
- Дойду патриоттара
- Дойдуга бэриниилээх буолуу
- Доруобуйа
- Дьиэ кэргэн — олох төрдө
- Дьиэ кэргэн сыла
- Дьиэ кэргэним үйэлээх баайа
- Дьоҕур уонна дьарык
- Дьоһуннааҕы кэпсэтии
- Елка Главы Якутии
- ЖКХ
- Здоровье
- Ийэ дойдуну көмүскээччи сыла
- Ил Дархан Грана
- Ил Дархан Харыйата
- Ил Дархан Харыйатын делегата
- Интервью
- Интересные факты ЮС
- История издательства
- Иэйии
- К 80-летию Великой Победы
- Колокольчик
- Конкурсы
- Культура и искусство
- Кыайыы 80 сылыгар
- Кыстык
- Көҥүл тустуу
- Лайфхак
- Мас тардыһыыта
- Медиацентры
- Медиашкола "Кэскил"
- Мин Дьоруойум
- Муҥха
- Навигаторы детства
- Наука
- Национальные проекты России
- Наши юнкоры
- Новости медиашкол
- Новости школы
- Новости/Сонуннар
- Новости/сонуннар
- Норуоттар сомоҕолоһууларын күнэ
- НПК Генеалогия моей семьи — 2024
- Обзоры
- Образование
- Общество
- Олоҥхо
- Орлята России
- Оскуолам сонуна
- Оҕо хамсааһына
- Оҕо-оҕо эрдэххэ
- Патриоты страны
- Писатели Якутии
- Подкаст
- Подписка
- Профессиональное образование
- Профориентация
- Профориентация
- Рисуем все
- Саха киинэтэ
- Саха суруйааччылара
- Сахалыы
- Сахалыы ааҕыаҕыҥ
- Сахалыы сөпкө саҥарыах
- СВОих не бросаем
- Сказки
- События
- Спорт
- Спорт
- Суоппар идэтэ
- Тыа сирин ыала
- Тыа сирэ — бүгүн
- Төрүт дьарык
- ТӨРҮЧЧҮ
- Төрөппүт муннуга
- Төрөөбүт дойду
- Уйулҕа
- Урок цифры
- Учуутал аргыһа
- Финансовая грамотность
- Фоторепортаж
- Холобур буолар дьон
- ЧУОР ПЛЮС
- Чуораанчык
- Чурапчы көһөрүллүүтэ
- Эдэр чинчийээччилэр
- ЭКОдело
- Экология
- Эн саастыылааҕыҥ
- Это интересно
- Юность Севера
- Якутские сказки
- Үйэлээх аат
- Үлэһит оҕолор
- Үөрэнээччи үтүөтэ
- Үөрэхтээһин
- Өксөкү сиэннэрэ