( И.М. Сосин «Алааһым аргыс тыала» сэһэнин холобуругар)
Үгүс хотугу омуктарга курдук, сахаҕа оскуола өтөрдөөҕүтэ үөскээбитэ. Кыра оҕо тэрилтэлэрэ өссө хойут. Ыйытык үөскээн тахсар. Оскуола үөдүйэ илигинэ оҕону, ыччаты ким иитэрэй? Норуот бэйэтэ, бэйэтин педагогикатынан. Онон норуот педагогиката киҺи аймах үөскүөҕүттэн баар сүдү көстүү.
Бастатан туран, ийэ уонна аҕа, эбэ уонна эһэ, убайдар уонна эдьиийдэр, аймахтар педагогикалара. Кинилэр дьиэни-уоту, олоҕу тэринэр үөрүйэхтэрэ, үгэстэрэ, төрүт көрүүлэрэ, тыл-өс, айылҕа, итэҕэл, олоххо дьулуур иитэр. Аҕа ууһун аатын үрдүктүк тутар, ханнык даҕаны куһаҕан быһыынан түһэн биэрбэт иһин, бары бүттүүн кыһаналлара.
«Ыал» диэн олус киэҥ хабааннаах, дириҥ суолталаах, ураты ис хоһоонноох эйгэлээх өйдөбүл. Көннөрү төрөппүттэр уонна оҕолор биир дьиэҕэ олорон, хаһаайыстыба тэринэн олоруулара буолбатах. Ыал буолан олоруу – дьон олоҕун тутула, философията, өссө киэҥник ылан эттэххэ, норуот тыыннаах хаалар суола. Күн бүгүн биһиги бары ытыктыыр киһибит, биир дойдулаахпыт — биллиилээх оҕо суруйааччыта, эколог-суруйааччы, поэт, прозаик, суруналыыс, этнограф, публицист, билгэһит, кыраайы үөрэтээччи, Саха Өрөспүүбүлүкэтин култууратын үтүөлээх үлэһитэ, ССРС Суруналыыстарын, Арассыыйа Суруйааччыларын сойууһун чилиэнэ, Саха Өрөспүүбүлүкэтин Бочуоттаах ытык кырдьаҕаһа, Мэҥэ-Хаҥалас улууһун, Майа, Моорук, Тараҕай, Уус-Алдан улууһун Мүрү нэһилиэктэрин Бочуоттаах олохтооҕо Иннокентий Сосин «Алааһым аргыс тыала» диэн норуот педагогикатыгар, дьиэ кэргэн бигэ туруктаах буолуутугар ананар ыллыктаах санаалардаах, дириҥ ис хоһоонноох автобиографическай айымньытын инники олохпут сайдыытыгар, дьиэ кэргэн кэскилигэр өйү-санааны түмэр, саҕахтары арыйар төһүү күүс, духуобунай баай, үөрэҕирии, иитии национальнай идеятын быһыытынан көрөбүт.
Суруйааччы бииргэ үөскээбит доҕотторо Рафаэль Баҕатаайыскай, Гавриил Попов, Аполлон Апросимов уо.д.а. бигэргэтэллэринэн Иннокентий Михайлович оҕо сааһа олус ыарахан этэ. Сэрии кыһарҕана, кимэ да суох буола тулаайах сүүрэн хаалыы, колхоз үлэтигэр мүккүллүү, аһа-таҥаһа суох буолан өрүү-өрүү үөрэнии, аччыктааһын, ыарахан ыарыы ыаллаһыыта, сорох дьон хабыр сыһыаннара – барылара кини оҕотук чараас санныгар сүктэриллибитэ, нарын дууһатыгар охсуллубута. Ол эрээри, кыра Кеша ити ыарахаттарга бэриммэт, санаатын аралдьытар, саргытын көтөҕөр күүһү булуммута. Ол кини ийэ айылҕатыгар, төрөөбүт алааһыгар, сайылыгар сүгүрүйүүтэ, таптала кини оҕо туҥуй сүрэҕэр күүһү-уоҕу укпута.
Иннокентий Сосин «Алааһым аргыс тыала» диэн сэһэнин туһунан кини бииргэүөскээбит доҕоро, филология билимин кандидата Г.В. Попов маннык суруйбута: “Иннокентий Михайлович биир сүрүн айымньыта 1996 сыллаахха тахсыбыт автобиографическай хабааннаах «Алааһым аргыс тыала» диэн сэһэнэ буолар. Манна суруйааччы оҕо сааһа, саха тыатын дьонун сэрии иннинээҕи олохторо уустаан-ураннаан ойууланар. Сэһэн эргийэр киинэ – автор оҕо сааһа. Кини тула айымньы ис хоһооно сайдар. Бастаан балаҕан иһэ, онно олорор дьон. Онтон сайылык, өтөх тэлгэһэтэ, салгыы сайылык, өтөх алаастара, чугастааҕы алаастар уонна дьон-сэргэ. Ити барыта оҕо хайдах билбитинэн-көрбүтүнэн, өйдөөбүтүнэн, кини эйгэтэ хайдах кэҥээн иһэринэн суруллар. Оҕо саамай чугас дьоно – ийэлээх аҕата. Олус көнө, чиэһинэй дьон – сэрии иннинээҕи тыа сирин типичнэй сахалара – уоруу, албын-көлдьүн диэни билбэт дьон. Ханна эмэ барар буоллахтарына ааннарын маһынан баттаталлар – дьиэлээхтэр суохтар, ол аата дьиэҕэ ким да киирбэт. Ити оччотооҕу суруллубатах эрээри кэһиллибэт сокуон. Сытыары-сымнаҕас, намыын майгылаахтар, оҕолоругар үтүө сыһыаннаахтар, оҕоҕо кыыһырар, быыппастар, мөҥөр-этэр диэн суох. Өбүгэ үгэһинэн харыстаан, көрөн-харайан, сүбэлээн-амалаан, үчүгэй тылынан, үтүө холобурунан олоххо, үлэҕэ иитэллэр. Оҕо туох эмэ кыра да үчүгэйи оҥордоҕуна, таба көрөллөр, бэлиэтииллэр, үөрэллэр уонна хайгыыллар. Бу оччотооҕу сахалар оҕону иитиигэ бүттүүн туттар үгэстэрэ этэ. Оччотооҕу саха дьонун тулалыыр эйгэҕэ сыһыаннара эмиэ холобурга туруон сөп. Оҕону айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэтэллэр. Киэсэҕэ доҕоро Туллааскы тыыннаах туллук аҕалбытын, ийэтэ өлөн хаалыа диэн итэҕэтэн ыыттарар. Улахан дьон оҕолорго кус, чыычаах, атын да көтөр уйатын тыыттарбаттар. Ойуурга хас биирдии лабааны харыстыыллар, ыһыытыыр—хаһыытыыр, ыллыыр сатаммат. Ол мас көтөрө, куобах, о.д.а. күрэниэхтэрэ диэн. Ол иһин оччотооҕу сахалар олорор алаастарын саҕатыттан куобахха туһах, сохсо иитэллэрэ уонна бултуйаллара. Уопсайынан, төрөөбүт айылҕа кэрэтин, кинини кэтээн көрүү уонна ону оҕолорго өйдөнүмтүөтүк тиэрдии – И. Сосин айар үлэтин биир сүнньэ».
“Алааһым аргыс тыала”сэһэн ааҕааччы халыҥ араҥата остуолларыттан арахпат кинигэлэрэ буолбутуттан киһи үөрэр. Иннокентий Сосин “Алааһым аргыс тыала” сэһэниттэн ааҕааччы элбэх билиини-көрүүнү иҥэринэрин таһынан элбэххэ үөрэниэн сөп. Айымньы биһирэмнээх өттө итиниэхэ диибин. Сэһэҥҥэ суруллубут сүмэлээх санаалары, үтүө сүбэлэри, этиллибит этиилэри, иитии ньымаларын олоххо туһалаах буолуо диэн санааттан бэлиэтэммиппиттэн холобур аҕалабын:
1. «Оҕо төрөппүттэрин кытары бииргэ айылҕаҕа, дьоҥҥо-сэргэҕэ, үлэҕэ-хамнаска сылдьара бэйэтэ оскуола, ону ааһан университет диэн этээччилэр» (26 с.).
2. Оҕоҕо кыра сааһыттан айылҕаҕа тапталы иитии. «Ийэлээх аҕабыттан бэрт кыра эрдэхпиттэн уһуйуллан, мин айылҕаны таптыыр буола улааппытым. Айылҕаҕа кэрэхсэбилим өссө айылҕаны кытары күннэтэ аалсыһыы түмүгэр үөскээбитэ. Айылҕабыт дьиэбит курдук. Бэйэбит да билбэппитинэн, хара сарсыардаттан киэһэ хойукка диэри айылҕа үөһүгэр сылдьарбыт». (27 с.).
3. Оҕо инникитин үтүө үлэһит, сүрэхтээх киһи буоларын билгэлээһин, оҕо оонньуу нөҥүө иитиллиитэ. «Оонньууругар сүрэхтээх оҕо хойут улааттаҕына үлэтигэр эмиэ сүрэхтээх буолар. Мин бииргэ оонньообут оҕолорум бары көхтөөхтүк, хаһан даҕаны салгыбакка оонньууллара. Кинилэр бары улаатан баран үлэҕэ дьоҕурдаах, кыһамньылаах дьон буолбуттара». ( 28 с.).
4. Оҕо ийэни, аҕаны кытта алтыһан улаатыытын, оҕоҕо ийэ-аҕа үөрэҕэ хайа да үөрэхтээҕэр күүстээҕин туһунан. «Төрөппүттэр оскуолалара кытаанах расписаниета суох, хаһан баҕарар, тоҕоостоох кэм түбэстэҕинэ, аһыллар оскуола. Кини олус үчүгэй методикалаах. Ардыгар мөҕөр, ардыгар сэмэлиир, ардыгар сүбэлиир, ардыгар өйдөтөр. Боростуой, дириҥ, муударай. Өйгө-санааҕа тиийимтиэ. «Оҕо сааскар билбитиҥ – тааска чочуллар, кырдьан баран билбитиҥ – мууска суруллар», — диэн татаардар өстөрүн хоһоонугар этиллэр. Син ол кэриэтэ сиртэн саҥа сэрбэйэн эрэр кыракый сааспар ийэлээх аҕам, атыттар даҕаны сүбэлэрэ-амалара, үөрэтиилэрэ олоҕум былаһын тухары улахан үөрүйэх буолбута диэн мин тус бэйэм эрэллээхтик этэр кыахтаахпын. Оҕоҕо ийэ-аҕа үөрэҕэ – хайа да үөрэхтээҕэр күүстээх». (135 с.)
5. «Отуулаах буолан, бу баай тиит күлүгэр бэркэ сынньанныбыт. Хайа, уонна элбэхтик отонноотубут, — диэн аҕам бүгүҥҥү сырыытыттан дуоһуйбут киһи быһыытынан кэпсии олордо. – Кутуйах ороҕунан, киһи олоҕунан үчүгэй буолар диэн манныгы этэн эрдэхтэрэ. Олоҕун үчүгэй буоллаҕына, өйүҥ-санааҥ чэбдик, үлэҥ-хамнаһыҥ тахсыылаах буолар»( 189 с.)
6. Киһи үтүө аатын кэнчээри ыччата ааттатарын, үйэтитэрин туһунан. “Тукаам, өйдөө. Киһи өллөҕүнэ даҕаны оҕотунан тыыннаах хаалар, — мин ити тыллар туох ис хоһоонноохторун толору өйдөөбөтөҕүм да иһин, билиҥҥэ диэри умнубакка илдьэ сырыттаҕым”. (196 с.)
7. Сахалар кыраҕа-кыаммакка, тулаайахха сыһыаннарын туһунан. “Былыр тулаайах оҕону дьон бэйэлэрин оҕолоруттан хаһан даҕаны итэҕэстик туппат этилэр. Тулаайаҕы атаҕастыыр, баттыыр сэттээх-сэлээннээх диир буолаллара.Биир эмэ куһаҕан кэмэлдьилээх киһи тулаайаҕы атаҕастаабыт буолуон сөп. Сүнньүнэн сахалар кыраны-кыамматы, тулаайаҕы аһынар-хараһыйар бэрт үтүө майгыннаахтара. Ол сиэр билигин кэһиллэн эрэр. Оннооҕор, сорохтор бэйэлэрин оҕолорун сороҕун атаахтатар, сороҕун көйгөтүтэр буоллахтара дии ”. (200 с.)
8. Дьону-сэргэни кытта эйэлээх сыһыан туһунан. “Тукаам, сымнаҕас айахтаах ньирэй хотон ынаҕын барытын эмэр баҕайыта, — диэн аҕам миэхэ туһаайан эппитэ. – Син эмиэ ол кэриэтэ, киһиэхэ хабыра суох сыһыаннаах, амарах, аһыныгас санаалаах буоллаххына, дьоннор эйигин хаһан баҕарар «чээн» диэхтэрэ, аһыныахтара, харайыахтара. Киһиттэн киһи үчүгэйи-куһаҕаны араара үөрэнэр. Дьон үтүө быһыыта үчүгэйгэ уһуйар, дьон мөлтөх быһыыта куһаҕантан тэйитэр. Олох барахсан сөрүүн сүөгэйин испитин тэҥэ, олох аһыытын-кутуутун амсайан үөскээбит киһи үксүгэр, куһаҕан киһи буолбат. Оннук киһи олоххо тиксибит дьолун-соргутун өйдөөхтүк туһанар, олоҕун эриирин-мускуурун эрдээхтик тулуйар. Хайҕабылтан өйө көппөт, төбөтө эргийбэт, алдьархайтан, атаҕастабылтан «санаата оонньоон» айманан барбат, киэҥ-хокку буоларыгар эрэнэбин, – диэн аҕам эппитэ, билигин санаатахпына, олус сөптөөх этии эбит”. (202 с.)
9. Аймаҕынан иитии суолтатын, саха омук бэйэ-бэйэлэригэр көмөлөсүһэр, хардарыта өйөсүһэр буолан, онон күүстээх эбитин туһунан. «Аҕам: «Дьону салҕаа, оччоҕо таҥара уон оччону биэриэ», — дииллэр. Хойут улааттаххына дьоҥҥо күтүр буолума, күүһүн кыайарынан көмөлөһөр, иэс-күүс салҕаһар буол. Оччоҕо, бар дьонуҥ күндүтүк саныахтара», — диэн мээнэҕэ эппэтэх эбит. Ону мин сэрии күчүмэҕэй сылларыгар үчүгэйдик өйдөөбүтүм. Оччолорго ийэлэрин-аҕаларын сүтэрбит тулаайах оҕолор, көннөрү да быстарбыттар үтүө санаалаах аймахтарын көмөтүнэн киһи-хара буолбуттара элбэх “.(205 с.)
10. Олоххо сарсын хайдах сылдьарыҥ бүгүҥҥүттэн тутулуктааҕын туһунан. “Киэһэ аҕабынаан ойбоммут сарсыарда тоҥмотун диэн балбааҕынан (ынах сааҕын) тутаах маска чүөччэрдии сыбаан тоҥороллоро. Сабан баран, тула өттүн хаарынан хайарбыт. — Сарсын мин мууһу хаһыспакка, бэлэм балбааҕы хоҥнорон ылабын да, ойбон бэлэм. Ойбоммун саппатахпына, сарсын үлэ бөҕөнү көрсүөх этим. Ити аата буолар, инникини хайыныы диэн. Олоххо сарсын хайдах сылдьарыҥ бүгүҥҥүттэн тутулуктаах. Билигин олоххун үчүгэйдик тэриннэххинэ, сарсын үчүгэйдик сылдьыаҥ. Холобур, эн билигин үчүгэйдик үөрэннэххинэ, элбэҕи биллэххинэ, хойут үөрэхтээх, үчүгэй киһи буолуоҥ. Ити аата буолар инникигин хайыныыҥ диэн». (206 с.)
Ити курдук кырдьаҕас, ыарыһах аҕата олоҕун тиһэх күннэригэр диэри оҕотун эрдэттэн олоххо бэлэмнээн, өйүн-санаатын салайа сатаабыт эбит. Аҕата уолугар эппит кэс тыла: “Былыргы кырдьаҕастар: «Киһи дьоло үс төрүттээх… Бастакыта, төрөппүттэриҥ үчүгэй дьон буоллахтарына оҕо сааһын дьоллоох буолуо; иккиһэ, бэйэҥ үтүө киһи буоллаххына, олоҕуҥ ортото үөрүүлээх, үлэҥ-хамнаһыҥ табыллыа; тиһэҕэр, оҕоҕуҥ киһилии, үчүгэйдик ииттэххинэ, кырдьар сааһын кыһалҕата суох, сыынньалаҥ буолуо», — диэн этэллэрин истэр буоларым”. (207 с.).
Аҕата барахсан киһи дьон ортотугар хайдах олоруохтааҕын туһунан эппит кэс тылын тутуһан, кэлин киһи да буолан баран, Иннокентий Сосин олорор олоҕуттан элбэҕи, улаханы күүппэтэ5э. Ол туһунан сэһэн түмүгэр маннык этэр: “Күннээҕи аһыыр-таҥнар кыһалҕатыттан эрэ босхолонон, олохпор туох баарынан дуоһуйан олорбутум. – Ол мин дьолум эбит. Ол-бу аайы кыҥкыйдаабакка, бэйэм олоҕум кыһалҕаларын туһунан бар дьоммор үҥсэргээбэккэ, ханан чиэһинэйэ, көнөтө буолаарай диэн санаанан салайтаран, баай-талым олоххо тардыспакка, аакка-суолга ымсыырбакка, хайдах баарбынан олорорум үчүгэй эбит”. (208 с.). Иннокентий Михайловиһы тус бэйэтин кытта чугастык алтыспыт киһи быһыытынан чопчу этэбин: суруйааччы аҕатын кэриэс тылын чиэстээхтик толорбута.
Бу курдук оччотооҕу саха дьоно оҕону өбүгэ үгэһинэн харыстаан, көрөн-харайан, сүбэлээн-амалаан, үчүгэй тылынан, үтүө холобурунан олоххо, үлэҕэ иитэллэрэ, тулалыыр эйгэҕэ сыһыаннара, оҕону айылҕаҕа харыстабыллаахтык сыһыаннаһарга үөрэтэллэрэ холобурга туруон сөп.
Филологическай наука доктора Анастасия Никитична Мыреева “Человек и природа в современной якутской прозе» диэн аныгы литература сибилигин уһулуччу суолталаах проблемаларыттан биирдэстэрин — экологическай проблеманы күүскэ сырдатар монографиятыгар: «В традициях жанра лирической повести написано произведение И. Сосина “Тепло родного очага” (1996). Символика названия повести ( в точном переводе с якутского – “Попутный ветер аласа”) раскрывается в целом ряде синонимических понятий: “төрөөбүт төрүт буор ”, “төрөөбүт алаас”, “сир ийэ”, “эбэм эҥэрэ”. Основная суть всех этих понятий едина – родина, родные места. Главное звено в воспоминаниях героя – дивная страна детства, откуда берет начало все: и формирование личности, и патриотизм, и память прошлого, и мечты о будущем. Все в этой стране взаимосвязано. Для автора важно показать нравственное воспитание героя, мальчика из обычной якутской крестьянской семьи. Узловым понятием в повести является понятие “школы родителей”, педагогики семейного воспитания, своеобразного “университета жизни”. Главное в этой родительской школе, по мнению автора, жить в согласии с совестью и с правдой, в добрых отношениях с окружающими. Определяющим выступает стремление вырастить настоящего человека, нравственное воспитание. В народе саха бытуют очень важные понятия: “киһи киһитэ”, “дьон дьоно”, т.е. жить для людей, быть полезным для них. Родительская школа – это школа без раз и навсегда установленного распорядка, но всегда открытая, с выверенной вековым народным опытом “методикой”, — простая, глубокая и мудрая. Выражаясь языком современной педагогической науки, это “педагогика сотрудничества”. Дети постигают окружающий мир в совместном труде со взрослыми, в постоянном общении с природой. В повести представлена своеобразная концепция народной педагогики. Главные воспитатели в семье – отец и мать, их пример определяет формирование основных жизненных ценностей у героя. Отец и мать, какими они представлены в лирических воспоминаниях, это простые, скромные труженики, но со своими твердыми понятиями о добре и зле, люди, глубоко чувствующие, гуманные и мудрые. Родителям присуще подлинно народное представление о взаимоотношениях человека с природой, то, что мы называем экологической культурой. Человеку, живущему в суровых климатических условиях, свойственно поклонение явлениям природы. В традиционных представлениях все в природе имеет душу, у каждой местности, у каждого дерева – свой дух – хозяин. Природа воспринимается деревенскими детьми как уютный, родной дом: “Природа нам – как дом родной. Сами не замечая того, мы с раннего утра до позднего вечера резвимся на лоне природы, слушаем ее успокоительную музыку, вдыхаем ее освежающий воздух, встречаемся с разными пернатыми и зверьем, вкушаем ее сладкие дары. Хотя умом мы и не понимаем до конца, что все это – щедрый дар матери-земли, но глубоко в душе благодарны ей”. Живописны пейзажные картины, воссоздающие волнующий мир родного аласа, разнообразный и полный движения. Так, в жанре лирической повести И. Сосин художественно выразил свое видение нравственного, экологического воспитания”.
2018 сыллаахха ахсынньы ый 5 күнүгэр Майаҕа И.М.Сосин төрөөбүтэ 90 сылыгар аналлаах «Киһи дьоло үс төрүттээх…» диэн киэҥ далааһыннаах духуобунас Форумун ыыппыппыт. Форумҥа суруйааччылар, суруналыыстар, экологтар, култуура, үөрэҕирии үлэһиттэрэ, кыраайы үөрэтээччилэр, учууталлар, иитээччилэр, төрөппүттэр, Уус-Алдан, Амма улууһун делегациялара мустан санаа атастаспыттара, бэрт көхтөөхтүк кыттыбыттара. Биир дойдулаахпыт, Иннокентий Сосин үөрэнээччитэ, дьиэ кэргэн педагога Любовь Семеновна Аргунова учууталынаан биир санааҕа киирэн «Айылҕа – дьоһун педагог» бырайыагынан бииргэ үлэлэспитин астына ахтыбыта. “Иннокентий Сосин айар үлэтэ айылҕалыын дьүөрэлэһэр, айымньыларыгар таптал, айылҕаны кэтээн көрүү сүрүн миэстэни ылар. 1999 сыллаахха Бэдьимэҕэ чинчийэр үлэ ыыта сылдьан, «Айыл5а – дьоһун педагог» диэн оҕо бэйэтин айылҕатын быһыытынан сайдыытыгар анаммыт наука уонна практика үөрүйэхтэрин дьүүллэһэр конференцияҕа Иннокентий Михайлович үөрэ-көтө кыттыбыта. Кини «Абылаҥнаах көстүүлэр киһиэхэ сабыдыаллара» диэн темаҕа бэрт дириҥ, эҥсилгэннээх этиини оҥорбута: “Сахалар айылҕаны ытыктыыллар, таҥара оҥостоллор. Кини күүһүгэр, көмөтүгэр эрэнэллэр, үҥэллэр-сүктэллэр, көрдөһөллөр. Ол ханнык да мистика буолбатах – ол сырдык итэҕэл”, — диэн бэлиэтээн эппитэ. Бу улуу күүскэ итэҕэлэ оҕо төрөппүттэриттэн кэлэрин бэрт муударайдык үөрэппитэ. “Оҕо сааска билбитиҥ – тааска чочуллар, кырдьан баран билбитиҥ – мууска суруллар”, — диэн ийэ-аҕа, дьиэ кэргэн, өбүгэ үөрэҕэ күүһүн хайа да үөрэхтээҕэр киһи киһи буоларыгар, майгыта-сигилитэ сайдарыгар тоһоҕолоон бэлиэтээбитэ. Иннокентий Михайлович конференцияҕа киһиэхэ киһилии сыһыан, ол эбэтэр духуобунас муҥутуур чыпчаала төрүтүнэн айылҕаҕа тапталы иитии буоларын бар дьонугар тиэрдибитэ ылыннарыылаах уонна долгутуулаах этэ”.
Көрөрбүт курдук, суруйааччы Иннокентий Михайлович Сосин “Алааһым аргыс тыала” айымньыта дьиэ кэргэн туруктаах буолуутугар ананар, ыал дьолун араҥаччылыырга туһуланар. Суруйааччы «Былыргы кырдьаҕастар: «Киһи дьоло үс төрүттээх… Бастакыта, төрөппүттэриҥ үчүгэй дьон буоллахтарына, оҕо сааһыҥ дьоллоох буолуо. Иккиһэ, бэйэҥ үтүө киһи буоллаххына, олоҕуҥ ортото үөрүүлээх, үлэҥ-хамнаһыҥ табыллыа; тиһэҕэр, оҕоҕун киһилии, үчүгэйдик ииттэххинэ, кырдьар сааһыҥ кыһалҕата суох, сынньалаҥ буолуо» диэн дьиэ кэргэҥҥэ, норуот педагогикатыгар сыһыаннаах дириҥ иитэр-такайар суолталаах этиитин олохпутугар туһаннарбыт ханнык диэн баҕа санаалаах ыстатыйабынтүмүктүүбүн. Иннокентий Михайлович Сосин “Алааһым аргыс тыала” кинигэтин ааҕан, оҕону иитиигэ көмөлтө, тирэх оҥостуоххут диэн эрэнэбин.
Ольга Дьяконова,
Мэҥэ Хаҥалас улууһун М.И. Брызгалова аатынан Майа оҕо библиотекатын сэбиэдиссэйэ.