Төрүт аспыт минньигэс,
Төрүт аспыт ичигэс,
Төрүт аспыт туһалаах,
Төрүт аспыт тапталлаах.
Балык аһа:
Барча,
Дьуухала,
Лыыба…
Бурдук аһа:
Баахыла,
Бэрэски,
Лэппиэскэ…
Үүт аһа:
Саламаат,
Суорат,
Үрүмэ…
Эт аһа:
Үтэһэ,
Харта,
Хаһа…
Төрөөбүт аспытын аһыаҕыҥ
Уонна доруобай буолуоҕуҥ!
- Айыл5абын таптыыбын.
Айыл5абын таптыыбын-
Сандал, ыраас халлаанын,
Алама5ай, сылаас күнүн,
Сарсыардааҥҥы саһарҕатын.
Айылҕабын таптыыбын-
Элбэх араас кыылларын,
Кылбаа маҥан былыттарын,
Кыраһалаах хаардарын.
Айылҕабын таптыыбын-
Сыыдамнык сүүрэр өрүстэрин,
Алааспар үүнэр сибэккилэрин,
Сарыал түһэр күөллэрин.
Айылҕабын таптыыбын-
Курулас, күүстээх ардаҕын,
Араас өҥнөөх кустугун,
Үрдүк ыраас очуоһун.
- Салтаһа таастара
Салтаһа таастара-
Сирим-дойдум киэргэлэ,
Салтаһа таастара-
Сүдү, ытык хайалар.
Салтаһа таастара-
Сыаҥаннаааҕым кэрэхсэлэ,
Салтаһа таастара-
Сүрэҕим таптала.
Мин онно тиийдэрбин
Очуоһар турдарбын,
Дойдубун хоһуйуом
Тапталбар билиниэм!
- Сибиинньэ
Сыттык саҕа сыалаах,
Сэнтэгэр муруннаах,
Эриллэҕэс кутуруктаах,
Тугу да сирэрэ биллибэт,
Тотор да диэни билбэт,
Чалбахха, ньамахха булкуллар,
Хаһыгыраан саҥарар,
Сибиинньэлэр убайдара
«Сэлбирээски» бу турар!
- Кыталыктар
Кыырай халлаантан иһэллэр
Кэрэ, нарын көтөрдөр.
Кылбаҥнаһар кынаттар,
Кыҥкыр-лыҥкыр ырыалар,
Кыраһыабай кыталыктар.
Күөл кытылыгар,
Көнө кырдалыгар,
Көтөн кэлэн түстүлэр.
Кэрэтик үҥкүүлээн ойдулар,
Көттүлэээээр!
- Федор Попов
Сэрии ынырык сылларыгар
Днепр өрүһү туораабыта,
Саа саадаҕынан, сытыы буулдьанан,
Элбэх фашиһы охторбута,
Хотторон, түһэн биэрбэтэҕэ,
Хорсун быһыы оҥорбута.
Биһи дохсун уолбут,
Биһи улуу геройбут,
Фронтовик, буойун-
Федор Попов буолбут!
- Төрөппүттэрбэр
Күн сирин көрдөрбүт,
Олоҕу миэхэ биэрбит,
Күҥҥэ тэҥниир дьоннорум
Баар суох төрөппүттэрим.
Кинилэртэн ордук дьону,
Мин кими да билбэппин
Аҕабын, ийэбин — иккиэннэрин
Олус күүскэ таптыыбын.
А5а5а, ийэ5э
Тапталым үйэҕэ!
- Кинигэ
Библиотекаҕа тиийэммин,
Көрдүүбүн мин
Былырыын аахпыт
Кинигэбин.
Кини миэхэ өссө наада
Үөрэхпэр көмөлөһөр атаһым,
Истиҥ иһирэх табаарыһым,
“Кинигэ”- диэн ааттаах доҕорум.
- Сүрэҕим истиҥ иэйиитэ.
Сарсыарда халлааҥҥа саһарҕа тыкта,
Сардаҥатын түннүкпэр ыста,
Кып-кыһыл халлаан кыраһыабайын,
Көрүөххэ дьикти кэрэтин!
Дьиэбиттэн тахсан хаамабын
Дэриэбинэм тулатын көрөбүн,
Кыра сүүрүк устарын,
Ыраах чыычаах көтөрүн,
“Дружба” тыаһыырын истэбин
Дьон туттарын сэргиибин
Сүрэҕим иһигэр ону кытта
Уһугунна туох эрэ
Дойдубунан киэн туттаммын
Эмискэ айыахпын баҕардым.
Хоһоон, уруһуй эйгэтигэр
Хоһуйан хааллардарбын!
- Уруһуй миигинниин
Уруһуйдуурбун астынабын,
Кыра эрдэхтэн сатыыбын.
Атынынан да дьарыктыныым,
Төннөн кэлэ турабын!
Харандааспын ыларбын
Тарбахтарым күүтэллэр,
Кумааҕыбын тутарбын
Харандаастар кэтииллэр!
Эльдар Садовников, Сыаҥааннаах Абый улууһа с. 2017