Биһиги Албан Аат скверигэр Кыайыы 73 сылыгар аналлаах үөрүүлээх линейкаҕа кыттыбыппыт.
Үөрэнээччилэр бары биир кэккэнэн турбуппут. I “Г” кылаас оҕолоро, “Катюша” ырыаны толорбуппут.
Линейкаҕа Аҕа дойду Улуу сэриитин кэмин үс оҕото ыалдьыттаабыта. Хоһоон, уруһуй күрэҕэр кыайбыт оҕолору наҕараадалаабыттара.
Бүтэһигэр иһийии мүнүүтэтэ буолбута, пааматынньыкка сибэкки уурбуппут.
Тускул НИКОЛАЕВ,
I “Г” кылаас,
ХИФУ иһинэн
тэриллибит “Сэргэлээх”
оскуола-лаборатория.
Дьокуускай.