Биһиги сайын аайы кыһын олорор сирбититтэн ыраах Сылаҥ диэн сиргэ сайылыы көһөбүт. Онно олус үчүгэй. Оттуубут, сир астыыбыт, күһүн кустуубут. Инньэ гынан, Далырбытыгар ыкса күһүн киирэбит.
Биир күһүн бүтэһик оппутун кээһэ сырыттыбыт. Күнүскү омурҕан кэмигэр аҕам сэргэстэһэ баар күөлгэ биэс куһу көрбүтүн кэпсээтэ. Мин сэргии истибиппин көрөн, бара сылдьарбар сүбэлээтэ. Оо, онно үөрбүтүм аҕай. Тоҕо диэтэххэ, соҕотоҕун саалана илигим. Аҕабын кытта хаста даҕаны сылдьыбытым. Сыал, кус ытан көрбүтүм эрээри таппатаҕым. Ол гынан баран, саанан туттуу ньыматын, хайдах кыҥыыры, үөмэри толору ааспытым.
Дьонум миигин эрэнэн саалаан ыыппыттарыттан дьоһуннук туттан, күөлгэ бардым. Чугаһаан иһэн, саабын ииттэн, аа-дьуо тыаһаабакка хааман, тыа саҕатыгар тиийэн, күөлбүн кыҥастаһа турдум.
Арай ити кэмҥэ чугастааҕы маартан кустар намыһах баҕайынан көтөн кэлэн, күөлгэ түстүлэр. Мин хаптас гынным, үөрүүбүттэн долгуйдум ахан. Аҕам үөрэппитинэн, уһун отторго күлүктэнэн, үөмэн киирдим. Уулаах сиргэ тиийэн, сэрэнэн өндөйөн көрбүтүм, кустарым уста ахан сылдьаллар эбит. Хата, үөмэн киирэрбин билбэтэхтэр.
Долгуйуубун кыатана, саабын ытарга бэлэм тутан, кэтэһэ сыттым. Кустар миэхэ эрэ кыһаллыбакка аһыыллар, чомполоноллор, төттөрү-таары усталлар. Син өр кэтэстим, кустарым аһаан, суунан бүтэн, мин сытар кытылым диэки устан чугаһаатылар. Тобукпар олоро түһээт, саам уоһун кустар диэки туһаайаат, ытан бурҕаттым. Долгуйаммын үчүгэйдик көрбөппүн, кустар көтөллөр иҥин. Ботуруонум бүппүтүгэр биирдэ тохтоотум. Ойон тураммын күөлбүн кыҥастастым да, биир даҕаны өлө сытар кус көстүбэт. Олус хомойдум. Били дьоһуннук туттубутум сонно мэлийдэ.
Ол эрээри санаам буолбат, таппыт курдук этим. Отуубар арбы-сарбы буолан кэллим. Куһа суох кэлбиппин көрөн, улаханнык ыйыталаһа барбатылар.
Итинтэн киэһэ наар кустарбын, хайдах ыппыппын санаан таҕыстым. Аҕам ону бэлиэтии көрөн, оттоон бүтэн баран, тыынан киирэн, от саҕатынан уһуннубут. Үөрүөм иһин, икки куһу булан ыллыбыт. Оо, онно аҕабыныын үөрдүбүт аҕай. “Улаатан, киһи сааны эрэнэр киһитэ буолан эрэҕин”, – диэн үөрүүбүн үрдэппитэ.
Киэһэ кутаа суоһугар кустарбытын үтэн сиэбиппит, минньигэһэ олус этэ.
Сергей Семенов,
V кылаас.
Далыр, Үөһээ Бүлүү.