Мин быйыл «Первые шаги» улуустааҕы научнай-практическайконференцияҕа кыттан 1 миэстэни ылан кэллим. Дакылаатым темата «Дополнительный доход для семьи» диэн. Былыр харчы суоҕар дьоннор малларынан атастаһаллар эбит. Холобур кунду туулээххэ атастаһаллар эбит дьиэҕэ туттар малларын, аһы-таҥаһы. Бу маннык атастаһыы билигин бартер диэн ааттанар. Мин дакылааппын суруйар кэммэр 8 кылааска диэри үөрэнэр 45 оҕоҕо анкета толотторбутум. Анкетам үс боппуруостаах этэ.
- Нэдиэлэ устата төһө харчыны туттаҕын?
- Эйиэхэ ким харчы биэрэрий?
- Эн хаһан эмит бэйэҥ үлэлээн хамнас ылбытыҥ дуо? Тугу үлэлээбиккиний?
Анкетам түмүгүнэн 30 оҕо үлэлээн хамнас аахса иликтэр эбит, онтон 15 оҕо үлэлээн харчы ылбыттар эбит. Мин бэйэм наклейка оҥорон атыылыыбын. Биир наклейкам сыаната 5-10 солк. Маҥнай оҕолорго каталогынан мультик персонажтарын, атын да ойуулары талларабын. Наклейкабын фотобумагаҕа, эбэтэр А кумааҕыга заказтыахтарын сөп. Атыыласпыт наклейкаларын дневниктэригэр, блокноттарыгар сыһыараллар. Ийэм бэйэтэ бизнестээх. Мин киниэхэ магнитка, брелок оҥорорго көмөлөһөбүн. Оҕо кыра эрдэҕиттэн дьиэ кэргэнигэр үлэлээн харчы киллэриэн сөп диэн кэпсээтим.Мин санаабар бу маннык дьарыктаннахха харчыны үчүгэйдик тутта үөрэнэҕин. Үлэни сыаналыыр буолаҕын уонна самостоятельнай, экономичнай буолаҕын дии саныыбын. Ийэлээх аҕам хас биирдии солкуобайы сыранан үлэлээн аҕалалларын өйдөөтүм.
Ангелена Богдокумова, 4 кылаас. Таатта “Харбалаах кыымнара”