Бастаан «бырайыак», «наука», «конференция» диэн тыллары иһиттэхпинэ, харахпар профессордар, элбэх ыарахан формула көстөллөр этэ. Арай ол барыта ханна эрэ миигиттэн ыраах, мин курдук оскуола оҕотугар сыһыана суох дии саныыр этим. Бу санаабын билигин тосту уларытан, олох да барыта кыраттан, дьиэҕиттэн, оскуолаҕыттан саҕаланар эбит диэҥҥэ кэллим.
Бу кыра идея Москва куоракка тиийэн сыанабыл ылыа дуо диэн санаабар да суоҕа. Быйыл бырайыакпынан дьарыктаммытым бэһис сылыгар барда.
Туохтан саҕаламмытай?
Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ бииргэ төрөөбүт үспүт. Мин орто оҕобун, түөрт сыл аҕа эдьиийдээхпин, сэттэ сыл балыс балтылаахпын. Биһиги дьиэ кэргэҥҥэ кыра эрдэхпититтэн ону-маны толкуйдаан эбии үөрэхпитигэр дьарыктанар этибит. Боростуой садаачалары, илиинэн оҥоһуктары, бириэмэҕэ күрэхтэһиилэри – араас хабааннаах, ньымалаах соруктарынан эдьиийбинээн дьарыктанааччыбыт. Эбиитин ол сыл пандемия буолан бэйэбитин аралдьыта ону-маны толкуйдаан бириэмэбитин атаарааччыбыт. Ордук математиканы сөбүлээн суоттуур этибит. Оннук төгүллээһин таблицатын, логикаҕа садаачалары холкутук үөрэппиппит. Биир күн учууталым Вера Панфиловна бырайыак диэн тугун кэпсээбитэ, элбэх туһалааҕын истэммин итириэһиргээбитим. Дьоммун кытта өр толкуйдаабакка бу дьиэҕэ дьарыктана сылдьар ньымабытын ырытыһан, бырайыак курдук оҥоруохха сөп эбит диэн толкуйдаабыпппыт. Миэхэ бэйэбэр интэриэһинэй, ханна да манныгы көрбөтөҕүм, дьоҥҥо туһалаах буолуон сөп эбит диэнтэн үлэбит саҕаламмыта.
Бырайыагым туһунан кылгастык
Мин бырайыагым «Гений» диэн ааттаах математическай остуол оонньуута. Бу оонньууну бэйэм илиибинэн оскуола мастарыскыайыгар, онтон дьиэбэр аҕабынаан айылҕа матырыйаалынан оҥорбутум. Сурун тутула алҕас түбэспит сыыппыралары туһанан математическай этии оҥорон таһаарыы буолар. Хас биирдии хаамыытын, усулуобуйатын ымпыгар-чымпыгар диэри үөрэтэн сүрүн быраабылаларын таҥан оҥорбутум. Бу оонньуу саастарыттан, бэлэмнэриттэн тутулуга суох барыларыгар барсар. Уратыта кини судургутугар, ханна хаһан баҕарар киһи туттуон сөбө, элбэх араас ньымалааҕа буолар. Кэлин түмүгүн чинчийэн, элбэх дьону оонньотон туһалааҕын дакаастаабытым, бигэргэппитим. Ол курдук бырайыагым күн бүгүнүгэр диэри кыра-кыралаан сайдар, саҥа өрүттэрин эбии үөрэтэн иһэбин.
Конференциялар
Бастакы холонуум оскуола иһинээҕи алын кылаастарга ыытыллар конференциятыгар кыттыбытым буолар. Манна мин 8 эрэ саастаах этим, туох баарынан, хайдах сатыырыбынан кэпсээн тахсыбытым. Бэйэм саастыы оҕолору кытта тэҥҥэ кэпсээн соһуччу кыайыылаахтар ортолоругар киирбитим. Онтон уокурук, куорат, өрөспүүбүлүкэ таһымыгар тахсан бырайыакпын көмүскээбитим. Кыра кылаастарга аналлаах «Ступеньки к творчеству», «Эврика», «Первые шаги», «Окно в науку» курдук улахан конференцияларга кыттан мунутуур кыайыылаҕынан буолбутум. Ону таһынан саамай киэн туттар кыттыыларбынан «Ларионовские чтения» дойду аһаҕас научайо-практическай конференцията, «Самсоновские чтения» регионнар икки ардыларынааҕы научнай-практическай конференциялар буолаллар.
Бу түмүктэрбинэн 4-с кылааска сылдьан Москва куоракка сүүмэрдэнэн «Шаг в будущее. Юниор» дойду эдэр чинчийээччилэр курэхтэригэр кыттар чиэскэ тиксибитим. Манна улахан тургутуулары ааһан бастакы миэстэ буолбутум. Эбиитин «За практическую ценность» анал мэтээл туттарбыттара. Бу барыта үс бастакы үлэлээбит сылларбар.



Хас бырайыакпын көмүскүүрүм ахсын үлэбин сайыннаран, экспертэр этиилэригэр болҕомто ууран тугу эрэ саҥаны эбэн үлэлэһэ сатыыбын. Манна улахан өҥөнү научнай салайааччым, бастакы учууталым Вера Панфиловна Петрова оҥорор. Сүбэлээн, көмөлөһөн, ыйан-кэрдэн биэрэрэ. Мин киниэхэ махталым улахан.
Билигин 6-с кылааска үөрэнэбин. Быйылгы саамай улахан ситиһиим «Шаг в будущее» өрөспүүбүлүкэ таһымыгар холонон көрүүм буолар. Быйыл алтынньы ыйга Москва куоракка «Шаг в будущее. Юниор» иккис кыттаммын 2-с миэстэ буолан кэллим. Манна эбиитин МИРЭА – Российский технологический университет анал дипломунан бэлиэтээтилэр. Мин санаатахпына, бу кыайыыны мин олоҕум тухары умнуном суоҕа. Тоҕо диэтэххэ, бастакы сырыыбар кыра эбиппин, улахан долгуйуу суохха дылы этэ. Онтон билигин улахан кылааспын. Москва таһыма ирдэбилэ үрдүк, регионнартан күүстээхтэн күүстээхтэр кэлэллэр диэн өйдөөн туран эрдэттэн бэлэмнэммитим, кыттарбар олус долгуйбутум. Кыттар оҕо элбэҕэ, сыана улахана, экспертэр дьоһуннара, тэрээһин олус күүстээҕэ, хас биирдии үлэ уратыта үчүгэйэ… Ол эрэн бэйэбэр эрэллээх этим. Миэстэҕэ тиксиэм диэн сыал-сорук туруоруммутум. Хата, этэҥҥэ ааһан ол баҕа санаам туолбутуттан билигин дьоллоохпун.
Ити курдук, 20-тэн тахса научнай-практическай конференцияларга кытынным. Элбэх оскуолалары, улахан научнай площадкалары көрдүм. Москва куоракка иккитэ бара сырыттым. Дьон бөҕөтүн кытта билистим, экспертэри кытта алтыһарга, уопсайынан аһаҕас буоларга үөрэнним диэххэ сөп. Оттон саамай сүрүнэ диэн бу дьарык элбэх кыаҕы арыйар эбит: бэйэҕин сайыннараҕын, дьиэ кэргэҥҥин, оскуола, куорат, өрөспүүбүбүкэ чиэһин көмүскүүр кыахтанаҕын, саҥа сирдэри арыйаҕын.
Ситиһиилэрим
- Ноябрь, 2023. Общешкольная краеведческая конференция «История моей семьи в истории страны» в рамках проекта «Культурное наследие» и трека «Орленок-эрудит». 2 место
- Декабрь, 2023. Школьная конференция «Молодые исследователи». Секция «Математика и технические науки». 1 место
- Декабрь, 2023. IV Всероссийская НПК с международным участием Северо-восточного федерального университета «Человек и мир». Секция «История родного края». Диплом степени
- Февраль, 2024. XIV Республиканская конференция учебно-исследовательских работ учащихся начальных классов «Ступеньки к творчеству». Секция «Техническое творчество»
- Апрель 2024, Городская конференция с межрегиональным участием детских исследовательских работ «Первые шаги – 2024», 2 место
- Апрель 2024, Российские Соревнования «Шаг в будущее. Юниор». г.Москва, 1 место, Присуждение специальной медали «За практическую ценность работы»
- Апрель 2024, VII фестиваль научно-исследовательских работ обучающихся начальных классов «Окно в науку», посвященного Году детства и Году семьи. Секция «Мир вокруг меня», Диплом 1 степени
- Май 2024, XIII открытая всероссийская НПК младших школьников «Эврика», приуроченная Году семьи в РФ и Году детства в РС(Я), Диплом 2 степени
- Декабрь 2024, НПК МОБУ СОШ №25 «Наука. Человечество. Прогресс», Диплом 1 степени
- Декабрь 2024, Республиканская НПК дошкольников и младших школьников «Наука будущего». Секция: «Математика, техника», Лауреат 1 степени
- Декабрь 2024, V Всероссийская НПК с международным участием Северо-восточного федерального университета «Человек и мир», секция «Мир удивительных открытых и увлечений», Диплом 1 степени
- Декабрь 2024, Межрегиональный конкурс проектных и научно-исследовательских работ для обучающихся 1-4 классов «Интеллект будущего. Мои первые открытия». Секция: «Математика». г. Санкт-Петербург, участие.
- Февраль 2025, Всероссийская открытая научно-практическая конференция школьников и педагогов «Ларионовские чтения», посвященная академику В.П. Ларионову. Секция «Математические и информационные науки», Диплом Лауреата (высшая награда)
- Март 2025, VI Межрегиональная НПК «Самсоновские чтения», посвященная 80-летию Победы в ВОВ, 110-летию МАОУ «ХСОШ», 100-летию выдающегося педагога Т.П. Самсоновой. Секция «Математические науки», Диплом 1 степени
- Март 2025, Конкурс для выборов в действительные члены и члены-корреспонденты Малой академии в 2025-2025 уч.г., участник
- Март 2025, II Региональная конференция для обучающихся начальных классов «Орленок-Хранитель исторической памяти», посвящённый Году защитника Отечества и 80-летию Победы, участник
- Декабрь, 2025. Региональный этап соревнования молодых Российские Соревнования «Шаг в будущее. Юниор», посвящённый 35-летию программы «Шаг в будущее». Диплом 3 степени
- Декабрь 2025. Муниципальный этап ХХХ республиканкой конференции-конкурса молодых исследователей им. В.П. Ларионова «Инникигэ хардыы». Лауреат (наивысшее достижение)
- Участник ХХХ республиканкой конференции-конкурса молодых исследователей им. В.П. Ларионова «Инникигэ хардыы». Участник.
- Декабрь 2025. VI Всероссийская НПК с международным участием Северо-восточного федерального университета «Человек и мир», секция «Мир удивительных открытых и увлечений», Диплом 1 степени
- Февраль 2026. Региональный конкурс проектных и научно-исследовательских работ «Интеллект будущего. Мои первые шаги в науке». Диплом призера.
- Май, 2026. Межрегиональная (с международным участием) научно-практичексая коференция “Мои первые научные открытия”. Диплом лауреата.
- Октябрь, 2026, Российские Соревнования «Шаг в будущее. Юниор». г.Москва, 2 место, Присуждение специального диплома МИРЭА – РТУ.





Түмүкпэр этиэм этэ, сыыһартан дуу, кыайтарыыттан дуу куттанымаҥ. Проектнай, научнай үлэ онтуката суох үлэ буолбат. Элбэхтэ эксперименнээн, импровизациялаан да диэххэ сеп. Наукаҕа ол барсар. Экспертэр хаһан да кими да мөхпөттөр, кытаанахтык саҥарбаттар, барыта үлэ тула кэпсэтии эрэ буолар. Ордук хайгыыллар, хайдах өссө сайыннарыаххын сөбүн ыйан-кэрдэн биэриэхтэрин сеп. Ону сөпкө ылыныахха наада. Уонна сүрүнэ диэн бэйэҥ уонна эйигин өйүүр дьоннор интэриэстээх буолуохтарын наада. Онтон бырайыак сайдыытын суола мунура суох, тыһыынчанан ньыма көрдөөн булуохха сөп. Барыта кып-кыра идеяттан уонна баҕа санааттан үөскүүр. Ситиһиилэри баҕарабын!
Бырайыактыыр үлэбэр бастакы хардыыларбын оҥорбут дьоммор Петрова Вера Панфиловнаҕа, Дмитриева Надежда Ивановнаҕа, Саввинова Мария Николаевнаҕа уонна төрөппүттэрбэр махталбын тиэрдэбин.
Антон ЛЬВОВ, VI кылаас,
саха политехническэй лиссиэй, Дьокуускай
