Тааттатааҕы лиссиэй бүтүн Арассыыйатааҕы Геннадий Тимченко пуондатын гранын ылар иһин күрэххэ кыттан, икки сыл субуруччу кыайыылаах аатын ылбыта сүргэни көтөҕөр. Грант көмөтүнэн үлэлээн-хамсаан кэлбиппит иккис сыла түмүктэнэн эрэр. Лиссиэйбит дириэктэрэ А.С. Посельскай бырайыак үлэтин өйүүрэ, күүс-көмө буолара улахан суолталаах.
2026 сыллаахха электроннай-цифровой микроскоптары ылбыппыт. Микроскоптар 1500, 2000 төгүл улаатыннарар кыамталаахтар. Бу тэриллэри ылыахпытыттан үөрэтиибит, чинчийиибит өссө кэҥээтэ, дириҥээтэ. Ол курдук, эрдэ Хадаайы күөлүн үөнүн-көйүүрүн, үүнээйитин үөрэппит буоллахпытына, билигин биир килиэткэттэн турар, киһи хараҕар көстүбэт харамайдары үөрэтэн саҕалаатыбыт.
Саҥа микроскоптар оҕо эрэ буолбакка, улахан дьон болҕомтотун эмиэ тардаллар. Оҕолор интэриэстэрэ күүһүрэн, бу харамайдар тустарынан дириҥэтэн чинчийиэхтэрин баҕаралларын биллэрдилэр. Холобур, Амилия Жегусова «Культивирование инфузории туфельки на разных питательных средах в условиях школьной лаборатории», Реас Сыромятников «Наблюдение за развитием долгоножки от куколки до имаго в искусственных условиях» үлэлэрин ситэрэн, улуустааҕы научнай-практическай конференцияҕа дьүүлгэ таһаарыахтара.

Микроскоптары уруокка, уруок таһынааҕы дьарыктарга көхтөөхтүк туһаналлар, оҕолор элбэҕи билэллэр-көрөллөр.
Геннадий Тимченко пуондата тыа оҕото үүнэригэр-сайдарыгар, саха буолан сандаарарыгар олук уурар, тирэх буолар. Биһиги, лиссиэй кэлэктиибэ, пуонда тэрийээччилэригэр улахан махталбытын тиэрдэбит!
Сандаара Мосоркина, Х кылаас, А.Е. Мординов аатынан Тааттатааҕы лиссиэй
