Бу дьыл сэтинньи 14 күнүгэр сахабыт литературатын төрүттээччилэртэн биирдэстэрэ А. И. Софронов – Алампа төрөөбүтэ 140 сылын туолла. Кини айан-тутан хаалларбыт айымньыларыттан биирдэстэрэ “Куоратчыт” кэпсээн буолар. Салгыы А.Е. Мординов аатынан Таатта лиссиэйин үөрэнээччилэрэ бу кэпсээн геройдарыгар суруйбут суруктарыттан быһа тардыылары билиһиннэрэбит.

Арина Никонова, V кылаас:
Дьиҥэр, эн бэрт көнө, сымнаҕас уонна үлэһит киһигин. Даайа диэн кэрэ кэргэннээххин, түөрт оҕо амарах аҕатаҕын. Ол гынан баран, биир куһаҕан кыдьыктаах буолаҥҥын, манныкка тиийдэҕиҥ, сааһын тухары кыһалҕалаахтык, дьадаҥытык олордоҕуҥ. Ол барыта хаарты диэн хара дьай буоларын бэйэҥ да билэҕин, өйдүүгүн. Онно эбии арыгы диэн алдьархайдаах ас. Арай хаартылаабат, арыгы испэт буол, төһөлөөх үчүгэй буолуо этэй, ойоҕуҥ, оҕолоруҥ үөрүөхтэрэ, дьоллонуохтара этэй… Ол эрээри санааҕын түһэримэ, бу олоххо ханнык баҕарар киһи бүдүрүйүөн, сыыһыан сөп. Ыал аҕата, туллар тутааҕа, мантан ыла күүстээх эр санааны ылынаҥҥын, киһини иирдэр дьаллыктары кыайан, дьиэ кэргэниҥ туһугар көнөр суолга туруоҥ диэн итэҕэйэбин.
Сергей Кириллин, VII кылаас:
Даайа, эн олус ис киирбэх, үлэһит уонна көрсүө саха дьахтара буоларгын сөҕөбүн. Эн тулаайах олоҕуҥ ыарахан. Оҕолоруҥ барахсаттар көнөлөр, судургу майгылаахтар. Олох сиэрин-туомун билбэт буоланнар, дьон күлүүтүгэр да түбэһиэхтэрин сөптөөх, ол эрээри кинилэр ыраас дууһалара, эн ийэлии истиҥ тапталгар бигэммитэ хайдах да үчүгэйдик көстүбэт. Оҕолоргун көрөөрү араас эрэйи, ыараханы тулуйан баччааҥҥа диэри кэллэҕиҥ. Эйигинэн оччотооҕу кэмнээҕи саха ийэтин эрэйдээх, ол эрээри ис күүстээх олоххо олорбуккун биллим. Былыр-былыргыттан саха дьоно хайдах олорбуттарын, ийэ тапталын күүстээҕин дьэҥкэтик өйдөөтүм.
Кристина Вырдылина, Х кылаас:
Эн уобараһыҥ нөҥүө ааптар киһи хара дьайга ылларан, хайдах бэйэтин олоҕун, дьиэ кэргэнин уонна киһилии сирэйин сүтэрэрин олус арылхайдык көрдөрбүтэ. Билигин 21-с үйэҕэ арыгы уонна хаарты эрэ буолбакка, өссө куһаҕан — электроннай оонньуулар, электроннай табахтар, атын да туора мучумааннар угуйуктара ыччаты олох дьэбэрэтигэр угуйаллар. Эн олоҕуҥ холобура биһиэхэ, улаатан эрэр дьоҥҥо, улахан сэрэтии буолар. Биһиги дьылҕабыт бэйэбит илиибитигэр баарын, сыыһа суолу таллахха төттөрү эргитэр уустугун өйдүүбүт. Олоххо чөл туругу, үөрэҕи уонна сырдык инники кэскили талыахтаахпыт диэн санааны бигэтик ылынныбыт.
Бу суругунан мин эйигин утаран буолбакка, эн сыыһаларгын хатылаабат туһугар, бэйэм саастыылаахтарбар чөл олох суолун ыҥырабын. Ааптар маннык үчүгэй айымньы дьоруойун айбытын иһин тэттик хоһоонунан сурукпун түмүктүүбүн:
Алампа-сахабыт чулуу уола
Айар кут сырдык, ыраас суола,
Кини тыла сүрэҕи үөрдэр
Кэрэ кэскилгэ норуоту сирдиир
Үйэҕэ тухары сулустуу умайар.
Дьулусхан Андросов, VIII кылаас:
Кыһыыта бэрт, дьиэҕин-уоккун быраҕан, кэргэҥҥин, оҕолоргун да аһымматыҥ бэрт эбит. Эбиитин кытта төрөөбүт кыдьыккын, хаарты маатыскаҕа ылларан, улууһу улууһунан, сири сибииринэн сылдьаргын дьон билэ, көрө-истэ сылдьар. Туох ааттаах таас сүрэхтээх киһигин дуу, чиччиккин дуу? Манна биһиэхэ улахан сонун суох. Тааттаҕа эмиэ дьыл эргииринэн кыһыммыт түөрт уон хонук уһаата. Дьон сүөһүтүн сыл аайы аччатан иһэр. Ол эн курдук көччүргээн буолбакка, сайын курааннаан, от аанньа үүммэккэ, идэһэ оҥорон, сороҕун атыылаан дьиэ кэргэнин иитэр-аһатар кыһалҕатыгар сылдьар. Аны аҕа оруола быдан улаатта. Ыал баһылыга наар оҕолорун туһугар үлэлиир-хамныыр. Ким да хаартылаан быраҕан барбыта иһиллибэт. Даайаҕар, оҕолоргор төнүн. Кинилэр син-биир бырастыы гыныахтара. Күүстээх санааны ылынан, уол оҕото бу дойдуга төрөөн, ааккын-суолгун көннөрөр суолга турун.
Сайыына Аянитова, V кылаас:
Эн куһаҕан киһи буолбатаххын. Иэскин төлөөөрү соҕотох бургунаскын атыылыы куоракка киллэрбитиҥ. Хайдах сатанарынан, өйүҥ тиийэринэн атыылаан, харчыланан үөрбүтүҥ. Онно хаарты, арыгы угаайытыгар киирэн биэрээхтээтиҥ. Санааҕын түһэрбэккэ, хайдах эмэ үлэлээн харчылан. Аскын-таҥаскын ылынан дьиэлээ. Баһаалыста, көрдөһөбүн, төнүн дьиэҕэр. Оҕолоруҥ, кэргэниҥ эн эргиллэн кэлэргин күүтэн олороллор. Кинилэр эн саамай улахан баайыҥ буолаллар, ону өйдөө. Арыгы, хаарты — албын, онно балыйтарыма. Куорат куһаҕан дьонун тылыгар киирэн биэримэ, албыннаттарыма. Ити дьон эн харчыгар эрэ ымсыыраллар. Эйиэхэ, эн оҕолоргор наадыйбаттар.
Вилия Боппосова, V кылаас
Эн оҕолоруҥ, кэргэниҥ эйиэхэ эрэнэн, бүтэһик сүөһүгүтүн биэрэн, куоракка ыыппыттара. Кинилэр эһиги иэскититтэн төлөрүйэргит туһугар эйиэхэ эрэммиттэрэ. Мин санаабар, эн иһиэҥ, хаартылыаҥ суоҕа этэ. Кэргэниҥ Даайа, оҕолоруҥ дьоллоохтук, астаах-үөллээх, таҥастаах-саптаах олоруохтаах этилэр, иэстэргин сабыаҥ этэ. Эн оҕолоргор холобур буолаҕын, кинилэр эйиэхэ эрэниэхтээхтэр, эн кинилэргэ төһүү күүс буолуохтааххын. Эн итиччэ бүтэһик сүөһүгүн атыылаан баран, итинник акаарытык арыгыга, хаартыга сүүйтэрбитиҥ куһаҕан! Эйигин кэргэниҥ, оҕолоруҥ аччыктыы-аччыктыы кэтэспиттэрин кэннэ, эн туга да суох кэлбиккин дии, барытын сүүйтэрбиккин. Арыгы диэн дьаат, өйү сүүйэр, иирдэр куһаҕан утах, доруобуйаҕа куһаҕан! Кытаанах санааны ылын, эр киһи биир тыллаах буолуохтааҕын умнума.
Эрчим Егоров, X кылаас
Ыстапаан, эн хаартылыам суоҕа диэн кэргэҥҥэр тыл биэрэн бараҥҥын туттуммакка, кычыкаланан харчыгын барытын биэрэн сүүйтэрбит буруйдааххын. Ыстапаан урут арыгыны испэт этиҥ, ол гынан баран, «баҕар, мантан санаам көтөҕүллэн, ордук сайдан оонньуом», — дии санаан, ылан чааскылаах арыгыны түһэрэн кэбиһэҥҥин аатыҥ-суолуҥ алдьаммыта. Ситэ биир ый буолбакка, суос-соҕотох оҕус тыһаҕастааххын хаартыга сүүйтэрэн баран: «Кытта төрүөбүт кыдьык буоллаҕа, ону хайдах гыныллыай», — дии сылдьар сурахтааҕыҥ… Чэ, ити курдук олоҕу олордуҥ. Мин эдэр киһи эйигин аһынабын эрэ.
Виолетта Луковцева, VIII “А” кылаас:
Эһиги дьиэ-кэргэн элбэх оҕолоох, аҕыйах ынах сүөһүлээх быстар дьадаҥытык олорон, үөрэх-сайдыы туһунан санаан да көрбөт этигит. Билиҥҥи олоххо элбэх оҕолоох ыалга харчынан көмө, оҕону иитэр сир, үөрэх оскуолата, үлэнэн хааччыллыы — барыта дьиэ кэргэн туһатыгар улахан социальнай программалар бырайыактара үлэлииллэр. Сыл аайы идэһэ өлөрөн, онон таҥас-сап, чэй-табаах, иэс-күүс төлөспүккүт. Онтон билиҥҥи ыалга оҕо харчыта, үлэҕэ хамнас төлөбүрэ, сылаас дьиэ-уот, маҕаһыын толору табаар. Дьиэ ис-тас үлэтэ, сүөһү көрүүтэ, оҕолору көрүү-истии- барыта дьахтар, эр киһи санныгар тэҥҥэ сүктэриллэр. Былыргыттан быйылгыга диэри хас күһүн ахсын идэһэни куоракка баһаарга атыылаан харчыны барытын арыгы гынан иһэн, хаартылаан сүүйтэрии үгүс. Куһаҕан дьаллыктан аккаастанан дьиэтигэр, оҕолоругар кыһаллыах буолуу курус хартыыната хатылана турар. Сүүс сыл ааспытын да кэнниттэн хаартылыыр сир, арыгы атыыланар маҕаһыыннар дэлэйдэр. Онно аҕыйах ахсааннаах саха дьоно киирэн биэрээхтииллэр…
Даниил Иовлев, IX кылаас:
Ыстапаан, иэһиҥ-күүһүҥ мунньуллан отучча сүүс буолбут сурахтааҕа. Баара-суоҕа түөрт-биэс бөдөҥ сүөһүнү туттан кэбиспэтэргин ханнык. Харах таһаарынар кыаҕыҥ суох буоллаҕына кытарах бургунаскын туттаҥҥын арыгылаабат, хаартылаабат киһини көрдөһүөҥ этэ. Ол оннук киһини билэбин. Кини эйиэхэ сүүрбүт-көппүт соболоҥун уу харчынан ылыа. Ону атыылаабыт этиҥ харчытыттан тутатына ылыа. Сөбүлэһэр буоллаххына, суругунан биллэрээр.
Егор Тарабукин, X кылаас:
Быстах харчыга ымсыыран, куһаҕан дьаллыгы батыһан, кыра бириэмэҕэ кыахтаах курдук сананан, хаарыан хас да сыл көрбүт-истибит сүөһүгүн, сайыҥҥы куйааска оттообут оккун, түбүккүн сыаналаабакка, кэлбит харчыгын оонньууга, көргө бараатыҥ. Эн кэргэҥҥэр Даайаҕа, түөрт оҕоҕор куораттан таҥас, кэһии аҕалыах буолан бараҥҥын ис дууһаҕыттан баҕарбытыҥ. Ол эрэн, хаартыһыттар сымыйа абылаҥнара эйигин кыайда. Олох эйигин үөрэттэ, эн бу куһаҕан дьаллыктан, сымыйа суолтан арахсар, өй булар кэмиҥ кэллэ. Кэргэниҥ, оҕолоруҥ уонна бастатан туран бэйэҥ тускар сөптөөх суолу тал. Бэйэҥ олоххун бэйэҥ салай. Эн оҕолоргор уонна кэргэҥҥэр эрэллээх киһи, күүстээх көмө буолаҕын. Уолаттаргар олохторун тухары холобур буолуохтааххын. Харчыгын сатаан тутта үөрэн. Күүстээх санааланан, үлэҕэ турун, кытаат, эрэнэбит, барыта сатаныа.
Даниил Павлов, XI кылаас:
Эн ыал аҕа баһылыга буолан туран дьиэ кэргэҥҥин иитэр-аһатар кыһалҕатыгар сылдьаҕын. Маны кыайан быһаарбаккаҕын чэпчэки алдьатыылаах суолу талбытыҥ буолар. Мин эйиэхэ маннык сүбэлэри биэриэм этэ. Бастатан туран, хаартыттан аккаастан, хаартыга ылларыма. Иккиһинэн, дьиэ кэргэҥҥэр эрэллээх киһи буоларгын умнума! Хаарты эйиэхэ кыайтарыыны эрэ буолбакка сүтүүнү, кыһалҕаны уонна дьиэ кэргэҥҥэр куһаҕаны аҕалар. Үсүһүнэн, хаартыһыттар, арыгыһыттар түмсэр сирдэригэр барыма. Оонньууттан аккаастан, дьиэ кэргэҥҥэр эргиллэн кэл, эн олоҕуҥ, инники кэскилиҥ бэйэҥ эрэ илиигэр баар. Оҕо аҕата суох улаатара адьас куһаҕан. Кытаат, кытарчы көр. «Эр киһи биир күн ат уорҕатыгар, биир күн ат өрөҕөтүгэр» диэн өс хоһооно мээнэҕэ этиллибэтэх буолуохтаах. Эйиэхэ эрэнэбин.
Кэскил14.ру