Сэтинньи 13 күнүгэр Мэҥэ Хаҥалас улууһун С.З.Борисов аатынан Тыыллыма орто оскуолатыгар 12 саастаах оҕолорго “Сайдам саас” диэн тэрээһин буолан ааста.

Саха тылын кабинетыгар 5-6 кылаастартан 12 саастаах оҕолор кылаас салайааччытын (Борисова В.В.) уонна төрөппүттэрин кытта сахалыы таҥастарын кэтэн, киэргэнэн-симэнэн муһуннулар. Бастаан оҕолору уонна төрөппүттэри чуораан тыаһынан, боҕуруоскай от сытынан ыраастанан, саха тылын учуутала Аргунова М.П алгыс тылын тиэртэ. Бу тэрээһини “Төрөөбүт төрүт тылым кэскилэ” диэн нэһилиэк иһинэн ыытыллар бырайыак салайааччыта, нуучча тылын учуутала Егорова Е.П. иилээн-саҕалаан ыытта. Бары сахалыы астаах-үөллээх сандалы остуол тула олорон, 12 сааһы саха тоҕо болҕойорун, Байанай ый кэрдиилэрин туһунан ыытааччы сэһэнин иһиттилэр, Сайдам саас, Айыы суола диэн өйдөбүллэр туһунан сэһэргэстилэр уонна сэтинньи ыйга төрөөбүт биллиилээх дьон тустарынан биллилэр. Төрөппүттэр оҕолорго алаадьы, кус, тайах этин аҕалан амсаттылар.

Оҕолор Айыы суолун тутуһарга 7 быраабыланы өйдөрүгэр хатаатылар: сөпкө хамсан, сөпкө аһаа, сөпкө бириэмэҕин аттар, сөпкө үөрэн, сөпкө сынньан, сөпкө сыһыаннас, сөпкө дьай. Түмүгэр сахалыы оонньуулары астына оонньоон, олус үөрэн-көтөн, астынан-дуоһуйан тарҕастылар.
Төрөппүт Аксинья Алексеевна Осипова оҕолорго баҕа санаатын эттэ:
Оҕолорго баҕа санаам диэн, саха тылын үчүгэйдик үөрэтэллэригэр, өбүгэбит тылын умнубатыннар уонна чэгиэн доруобай буоллуннар.
6 кылаас үөрэнээччитэ- Борисов Павел:
Бүгүн мин элбэх саҥаны биллим, оҕолорго 7 быраабыла диэн баарын, Айыы Суола диэн тугун саҥа билбитим.
6 кылаас үөрэнээччитэ -Трофимов Айгылаан:
Тэрээһин үчүгэйдик ааста. “Тарбах таайсыыта”, “Аат таайсыыта”, “Кыыртаах кус” диэн оонньуулары астына оонньоотубут.
Төрөөбүт тылынан саҥарар, төрүт үгэһинэн иитиллэр оҕо инникитэ кэскиллээх. Бу тэрээһин хас биирдии кыттааччыта төрүт силистээх, үрдүк санаалаах саха дьоно буола үүннүн! Саргылаах сарсыҥҥылаах, сайдыылаах олохтоох буолуҥ!
Дайбанныров Айтал, 10 кылаас,
С.З.Борисов аатынан Тыыллыма орто оскуолатын “Урсун” медиа-киинин кэрэспэдьиэнэ.
Хаартыскаҕа түһэрдэ: Винокуров Давид, 10 кылаас үөрэнээччитэ.
Кэскил14.ру