Аҕыйах хонуктааҕыта «Бэргэн» спортивнай кулууп, ООО «Охотник» уонна ЗАО «Левша» тэрийиилэринэн булчуттарга анаан «АТА ARMS Кубога» диэн ааттаах компакт-спортиҥҥа күрэхтэһии буолан ааста.
Сааскы кус көҥүлэ чугаһаан, саа тыаһын, буорах сытын ахтыбыт булчуттар хото кэлбиттэр. Ким эрэ саҥа саатын боруобалаары, ким эрэ ботуруон хаачыстыбатын билээри, ким эрэ кус иннинэ эрчиллэ түһээри, үөрэ-көтө мустубуттар. Аҕам саастаах дьонтон саҕалаан, оҕотугар тиийэ кэлбиттэрэ тэрийээччилэри үөртэ. Кинилэр «Булчуттар» уонна «Спортсмен-булчуттар» диэн бөлөхтөргө арахсан күрэхтэстилэр.
Булчут уонна спортсмен
Спортсмен-булчуттарга спортиҥҥа Россия норуоттар икки ардыларынааҕы кылаастаах уонна Россия спордун маастардара, маастарга кандидаттар кыттыннылар. Оттон булчуттарга спортинг диэни истэн эрэ билэр дьон уонна күрэхтэһии күүрээнин толору билбит разрядтаахтар, анал дьарыктанар дьон киирдилэр. Кинилэр истэригэр соҕотох кэрэ аҥаар, спортинынан анаан дьарыктанар, Россия чемпионаттарын хас даҕаны төгүллээх призера Нонна Миронова баар.
Кус буолбатах…
– Кус көтүүтүгэр майгыннаабат эбит, кынат куһугуруур тыаһа суоҕа киһини өрүкүппэт. Эчи, көтөллөрө да түргэнэ бэрт. Биһиги сааһыттар буоллахпыт, мэтээлгэ анньыспат дьоммут. Ахтылҕаннаах сааскы куспутугар бэлэмнэнэбит. Хата, сааны-сэби бэрэбиэркэлииргэ, күөрэтэ үөрэнэргэ бэртээхэй дьарык диэххэ сөп. Хайа уонна саа санныгын дьигиһитэрэ, буорах сыта туохха тэҥнэһиэй? Алҕаска табан, тэриэлкэни хампы ыттаххына, астынаҕын ээ, – диэн аҕам саастаах Ньукулай санаатын үллэстэр. Чахчыта даҕаны, тэриэлкэ көтөрүн саҥа көрөр дьоҥҥо, дьикти бөҕө буоллаҕа. Айылҕаттан бэриллибит кыраҕылара, сааны эспит үөрүүлэрэ холбоһон, булчуттар дуоһуйуулара муҥура суох.
Аҕам… хайҕаата
– Мин доруоп саанан үһүс эрэ ытыым, – диэн Дьокуускай 1 №-дээх орто оскуолатын VI кылааһын үөрэнээччитэ Рамир Николаев ытыытын түмүктээн, үөрэ-көтө кэпсиир. – Аҕабыныын, күрэхтэһии иннинэ, иккитэ тэриэлкэни ытан боруобалаабытым. Онтон олус астынан, билигин анаан эрчиллэргэ былааннанабын. Күрэхтэһиигэ бастакы кыттыым. Аҕам Артур Афанасьевич аттыбар туран, ыйан-кэрдэн биэрдэ. Тэриэлкэ төһө түргэннээхтик көтөрүттэн көрөн, чуут иннигэр ытыллар эбит. Бастаан, долгуйан эҥин, соччо таппатаҕым. Кэлин балаччаны алдьаттым. Аҕам хайҕаата. Онон Аммаҕа буолуохтаах СӨ норуоттарын VII спортивнай оонньууларыгар спортинг күрэхтэһиитигэр бэлэмнэнэр буоллум. Бу улахан күрэхтэһии атырдьах ыйыгар саҕаланар, билигин даҕаны ыраах. Мантан инньэ, күн аайы күүстээхтик дьарыктаннахпына, ситиһии кэлиэҕин билэбин.
Ытыыны кыра эрдэхпиттэн сөбүлүүбүн. Иккис сылбын салгын саатынан ытыынан дьарыктанабын. II спортивнай разряды толорбутум. Аҕабыныын ааспыт күһүн мас көтөрүгэр бултуу тахсыһа сылдьыбытым. Куртуйахтарга түбэспиппит. Аҕам тозовкатынан 100 миэтэрэлээх сиртэн биир куртуйаҕы бастакы ытыыбар таппытым. Дьэ, онно баара үөрүү.
Үөрүү
Манна даҕатан кэпсээн аастахха, Рамир куһаҕана суох көрдөрүүлэннэ. 75 тэриэлкэттэн 54-дүн алдьатан, 66 киһиттэн 13-с миэстэҕэ тигистэ!
Күрэхтэһии түмүгүнэн бас-такы миэстэни 75 тэриэлкэттэн 65-н табан Нонна Миронова ылла уонна «Охотник на Ярославского» булт маҕаһыына туруорбут сүрүн бирииһин – «АТА Neo 12» саа хаһаайына буолла. Иккискэ Алексей Евдокимов, үһүскэ Виктор Петров таҕыстылар. Бириистээх миэстэҕэ тиксибиттэр мэтээлинэн, сыаналаах бириистэринэн наҕараадаланнылар. Саа тыаһыттан сатараабыт тыа иһэ чуумпура, иһийэ, аныгыскы күрэхтэһиигэ диэри чуҥкуйа хаалла.
Иван АНДРОСОВ.
Ааптар түһэриилэрэ.