Ньурба оройуонун Н.И.Кочнев аатынан 1-Хаӊалас орто оскуолатыгар Региональнай «Кочневскай ааҕыылар» буолан аастылар. Пантелеймон Иннокентьевич Кочнев төрөппүт уола профессор, педагогическай наука доктора, норуоттар икки ардыларынааҕы наука академига, үрдук профессиональнай үөрэхтээһин Бочуоттаах үлэһитэ Валерий Пантелеймонович Кочнев кыттыыны ылбыта тэрээһин таһымын лаппа үрдэттэ.
Ньурбаҕа буолбут «Кочневскай ааҕыыларга» Кочневтар династияларыттан 11 киһи кытынна. Кэмпириэнсийэҕэ уопсайа 18 ыҥырыылаах ыалдьыт, 72 оҕо, 20 салайааччы кытынна, 6 секция үлэлээтэ. Мин «Гуманитарно-общественные науки» диэн секция кыттыылааахтарын кытта кэпсэттим, бэйэлэрин санааларын иһиттим.
Ковлекова Руслана, Үөһээ Бүлүү И.Барахов аатынан оскуола 7в кыл. үөрэнээччитэ:
— Мин чинчийэр үлэм «Популяризация стихотворений П.Н. Тобурокова в новом формате 3D». Бу секцияҕа саамай элбэх кыттааччы баар, олус элбэх интэриэһинэй үлэлэр киирбиттэр. Хаӊалас оскуолатыгар бастакыбын сырыттым, элбэх оҕону кытта билсистим, музейдарын наһаа сэргээтим.
Моисеева Нюрбина, Маар орто оскуолатын 10 кылааһын үөрэнээччитэ:
— Олус үрдүк тэрээһиӊӊэ кэлэн кыттан бэйэбит секциябытыгар 1-кы бочуоттаах миэстэни ыллыбыт. Биһиги үлэбит — «Айыы киһитэ аһыныгас, күн киһитэ көмүскэс» диэн социальнай проект. Салайааччыбыт дириэктэри иитэр үлэҕэ солбуйааччы Иванова В.Д.
Воронина Нарыйа, Үөһээ Бүлүү И. Барахов аатынан оскуола 10 б кыл. үөрэнээччитэ:
— Мин дакылаатым «Сингапур скилс на уроках русского языка». Бу теманы бэйэм үчүгэйдик үөрэтэн, чинчийэ сылдьабын. Тоҕо диэтэр мин инникитин учуутал буолар былааннаахпын.
Валерий Пантелеймонович Кочнев:
— Бу тэрээһиӊӊэ кэлбиппиттэн олус долгуйабын. Биһиги 812 саастаах династиябыт оскуола Н.И. Кочнев аатын сүгэриттэн киэн туттар. Оҕолорго, оскуола кэлликтиибигэр инникитин үрдүк чыпчааллары баҕарабыт!
Ааптар: Петрова Олеся, 7 кылаас үөрэнээччитэ, «Ыллык» эдкорпост