Ааспыт нэдиэлэҕэ Дьокуускай ардахтаах, силбиктээх күһүҥҥү курас күннэрин, тымныы тыалын аахсыбакка, Соҕуруу Кэриэйэттэн наар мичээрдии сылдьар «Double Eight» бөлөх ырыаһыт, үҥкүүһүт уолаттара ыалдьыттаатылар.
Быйыл кинилэр кулун тутар 8 күнүн көрсө Дьокуускайга аан бастаан кэнсиэртээбиттэрин туһунан «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар кулун тутар 17, 21 күннэригэр сырдаппыттара.
Биһиги хаһыаппыт «Double Eight» бөлөх көрсүһүүтүн балаҕан ыйын 20 күнүгэр Медиа-Кииҥҥэ көҕүлээтэ. Сити күн Бэчээт дьиэтин сып-сырдык, мааны уораҕайыгар К-РОР сүгүрүйээччилэрэ…пресс-кэмпириэнсийэ саҕаланыан быдан иннинэ тоҕуоруспуттара. Билиҥҥи кэм «сулустарын» илэ көрөөрү, саҥаларын-иҥэлэрин, тылларын-өстөрүн истээри, кэпсэтэн, ыйыталаһан хаалаары. Ону баара, сүгүрүйээччилэр кэчигирэччи…кыргыттар буолан биэрдилэр.
Ыраах сир ыалдьыттара «Алгысфильм» устуудьуйа (салайааччы Константин Барашков) ыҥыран, көҕүлээн, манна иккис төгүлүн ыалдьыттаатылар. Пресс-кэмпириэнсийэни уруккута бэйэбит эдкорбут, билигин үлэһиппит, Кэриэйэҕэ Пусаҥҥа үөрэнэ сылдьыбыт Мирослав Бочкарев салайан ыытта.
Олеся Бомбина, Марк Жирков аатынан муусука кэллиэһин устудьуона:
– Саас «Double Eight» бөлөх кэнсиэригэр сылдьыбытым. «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар тэрийбит пресс-кэмпириэнсийэлэригэр сылдьан элбэҕи биллим. Бөлөх биир уола аармыйаҕа барбыт эбит, кини оннугар 25 саастаах ырыаһыт кэлбит. Мин бэйэм «Grey today» диэн бөлөххө сөбүлээн сылдьабын, үҥкүүлүүбүн. К-РОР оҕолору тоҕо абылыырый, тардарый? Ырыаһыттара кыраһыабайдар, муусукалара хаачыстыбалаах. Россия сорох ырыаһыттара тапталы эрэ туойар эбит буоллахтарына, кэриэйдэр ырыалара-тойуктара ис хоһоонноох, дириҥ, философиялаах. Бу – Кэриэйэ аныгы култууратын сорҕото.
Вика Саввинова, 10 №-дээх оскуола, Дьокуускай:
– Мин бу пресс-кэмпириэнсийэҕэ сылдьан, уолаттар хайдах «айдол» буолбуттарын биллим. Уолаттар лиидэрдэрин кытары ыга ситимнээхтэрин, бэл диэтэр, ыйытыыга хайдах хоруйдуулларын сүбэлэһэллэрин сөҕө-махтайа көрдүм.
Антонина Егорова, 10 №-дээх оскуола, Дьокуускай:
– Мин Кэриэйэ поп муусукатын үһүс кылаастан сөбүлээбитим. Миэхэ эдьиийим дьайбыта, кини К-поппер этэ. Бэйэм Оҕо дыбарыаһыгар аныгы үҥкүү бөлөҕөр дьарыктанабын. «Double Eight» саҥа ырыаһыта кыраһыабай уол эбит. Бассаапка аахпытым, саҥа солист кэлбит диэн. Пресс-кэмпириэнсийэни сөбүлээтим!
Анжелика Андреева, Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ:
– Оҕолоор, бүгүн эһиэхэ чахчы үөрүүлээх күн үүннэ. Эһиги ыраахтан кэлбит сөбүлүүр ырыаһыттаргытын кытары көрсө, кэпсэтэ олороҕут. Олоххут тухары сөбүлүүр дьарыккытын батыһыҥ, ааҕааччы аахтын, суруйааччы суруйдун, ыллааччы ыллаатын!
Евдокия Иринцеева, «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар кылаабынай редактора:
– Субкултуура – урут-уруккуттан баар көстүү. Биһиги оҕо, эдэр кэммитигэр субкултуура бэрэстэбиитэллэрэ, геройдара эмиэ бааллара. Ол эрээри, оччотооҕуга сүгүрүйэр, кэрэхсиир дьоммутун бүгүҥҥү эһиги курдук, илэ көрөр түгэммит ончу да тосхойбот этэ. Бэйэлэрин кэмнэригэр муодунай, «неформал» дьон «толкиенистар» билигин бэйэлэрэ улаатан, ситэн, бырабыыталыстыбаҕа тиийэ үлэлииллэр. Бүгүн бүтүн общество эһиги, оҕолор тускутугар күүскэ үлэлиир. Ол чаҕылхай туоһута – манна эһиги иннигитигэр сөбүлүүр артыыстаргыт Соҕуруу Кэриэйэттэн кэлэн олороллор. Биһиги, оҕо хаһыатын үлэһиттэрэ – сайдыыны өйүүбүт. Сайдыылаах буолар туһугар ааҕыаҕыҥ, суруйуоҕуҥ!
Константин Барашков, «Алгысфильм» устуудьуйа салайааччыта, режиссер, продюсер:
– «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттар «Алгысфильм» таһаарар киинэлэрин тустарынан бастакынан суруйаллар, сырдаталлар. Редакцияны кытары инникитин да бииргэ үлэлиир санаалаахпыт. Холобур, сценарийга сөптөөх айымньылар манна бэчээттэнэллэр дии саныыбын. «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттарга бэчээттэммит айымньыларынан сценарий суруйуутугар куонкурус биллэрэн баран, ол түмүгүнэн, биһиги оҕолорго аналлаах үчүгэй киинэлэри устарга бэлэммит. Маннык үрдүк таһымҥа «Double Eight» бөлөх пресс-кэмпириэнсийэтин тэрийбит «Кэскил», «Юность Севера» оҕо хаһыатын редакциятыгар барҕа махталбын биллэрэбин.
Бу күн Н.Е. Мординов-Амма Аччыгыйа аатынан «Кэскил» оҕо бэчээтин кыһатын дириэктэрэ А.Е. Андреева уонна «Алгысфильм» салайаччыта К.З. Барашков салгыы бииргэ үлэлииргэ илии баттастылар.
Жанна Леонтьева.
Денис Попов түһэриилэрэ.