Билиҥҥи кыргыттар тыҥырах, кыламан оҥортороллоро, массааска уонна косметологка сылдьаллара элбээн турар. Соторутааҕыта Дьокуускайдааҕы Медицина кэллиэһигэр “Технология эстетических услуг” хайысхата баар буолла. Манна киириэн, косметолог идэтин баһылыан баҕалаах элбээтэ. Бу үөрэххэ XI кылаас кэнниттэн туттарсыахха сөп. Аттестат баалларынан уонна уруһуй эксээмэнинэн көрөн талаллар. Сорудахтара араас буолар.
Үөрэҕи талар олус уустук. Толкуйдаан көр, олоҕуҥ тухары талбыт идэҕинэн сөбүлээн үлэлиэҥ дуо? Эн уруһуйдуур, дьоҥҥо көмөлөһүөххүн, кими эрэ кэрэ сэбэрэлээн дьоллуоххун баҕарар буоллаххына, бу үөрэх эйиэхэ сөп түбэһиэҕэ.
Александра Алексеевна НОВИКОВА, эстетическэй өҥө технологиятын учуутала:
– “Прикладная эстетика” салаата арыллыбыта иккис сыла. Билигин “Tехнология эстетических услуг” диэн буолан турар. Бу үөрэхпит билиҥҥи кэмҥэ киэҥник биллэр. Россияҕа “Tоп-150” саамай наадалаах идэлэргэ киирсэр.
Билиҥҥи сайдыылаах олоххо биһиги идэбит олус туһалаах. Манна үчүгэйдик уруһуйдуур оҕолору талан ылабыт.
Тоҕо диэтэххэ, I кууруска маникюрга, педикюрга үөрэнэллэр, онно дизайн оҥороллор. Эмиэ худуоһунньук үлэтин курдук. Иккискэ – косметология, сирэй тириитин ыраастааһын, чөлүгэр түһэрии. Үһүс куурус – эти-сиини массаастааһын, быһыытын-таһаатын көннөрүү. Итиэннэ макияжка үөрэнэллэр. Барытын моделларга оҥорон көрдөрөллөр. “WorldSkills” стандартарынан үөрэтэбит. Эксээмэннэрбит эмиэ онон ааһаллар.
Соторутааҕыта Тюмень куоракка “Молодые профессионалы” (“WorldSkills”) – 2019 Национальнай чөмпүйэнээт ааста. Манна 17 куораттан кэлбиттэр. “Эстетическая косметология” диэҥҥэ Саха сириттэн, Дьокуускайдааҕы Медицина кэллиэһин II кууруһун устудьуона Инга ЛУКИНА кытынна.
– Мин Дьокуускай 2 №-дээх оскуолатын бүтэрэммин, бу үөрэххэ XI кылаас кэнниттэн киирбитим. Араас сиргэ туттарсан бараммын, маны ордорон талбытым. Үөрэхпин үрдэтинэн, косметолог буолар былааннаахпын.
Ситиһиилээхтик үөрэнэ сылдьабын. Региональнай чөмпүйэнээккэ бастааммын, Тюмень куоракка тиийбитим, оттон билигин бу Казань куоракка бараары бэлэмнэнэбин.
Елена КОРЯКИНА, II куурус:
– Манна наһаа интэриэһинэйдик кэлбитим. Урут экэнэмиис буолаары үөрэххэ киирбитим, онтон ону ончу сөбүлээбэккэ, миэнэ буолбатах диэммин, атын үөрэххэ киириэм диэн барбытым. Аан бастаан тиис оҥорорго туттарса кэлбитим. Онно бу салаа саҥа арыллыбыт этэ, кэрэхсээммин докумуоннарбын эмиэ туттардаҕым дии… уонна киирэн хаалбыппын. Кэбиниэппитин сууйан-сотон, бэйэбит оҥостубуппут. Бу үөрэххэ биһиги бастакы буоларбытынан киэн туттабын. Дипломмунан “технолог-эстетист” диэн буолабын. Ол аата талбыппынан үлэлиэхпин сөп. Холобур, маникюр, педикюр, кыламан оҥоруута, шугаринг, визажист, о.д.а. Ол гынан баран, миэхэ макияж чугас дии санаатым.
Ааптар: Айаана ТРЕТЬЯКОВА