Хаһыаппыт үбүлүөйүнэн сибээстээн, Бырабыыталыстыба бэлэҕэ – инньэ Париж куоракка баран, күүлэйдээн кэлэргэ 5 путевка!
Кэлэктиип быһаарыытынан Нина Иннокентьевна, мин, Мотя Кондратьева, Евдокия Иринцеева, Маша Васильева барар чиэстэннибит.
Парижпытыгар тиийэн биир нүөмэргэ түһэргэ Нина Иннокентьевналыын эмиэ куомуннастыбыт. Хайабыт да итии чэй диэн баран буорайбыт дьоммут. Ол иһин мин кыра кипэтиинньик уонна тимир курууска оҕотун ылбытым.
Ол улуу дойдуга тиксибиппит хаһыс эрэ күнүгэр сарсыарда чэй өрөөччү буоллум. Кинилэр розеткалара олох аллараа, сиртэн нэһиилэ быгар. Онон муостаҕа тиийэ тоҥхойо сытан холбоотум. Онтон, кыратык сыҕарыйаат, туох эрэ “сыр-сыр” тыаһын истэн, эргиллэ биэрбитим, кипэтиинньигим муостаҕа түһэн буруолаан эрэр! Ыксаан розеткаттан туура тартым да… ковролины хайыы-үйэ биэстээх харчы саҕа дьөлө сиэбит. Сыт бөҕөтө.
Наһаа уолуйан быһыылаах, хата, кэргэним ыраах суолга атаараары тэрийбит “суһал көмөтө” өйбөр охсулунна. Ыскааптан суумкабын элээрдэн таһааран иһэн көрбүтүм, онно ковролиннарын кытыытын, французтар да буоллаллар, ситэ сыһыарбатахтар, һуу гына түстүм. Кешам “суһал көмөтүгэр” иннэтэ, саба, кыптыыйа, онноҕор бу түбэлтэҕэ анаан курдук “универсал” силимэ барыта баар эбит.
Ол салыбырыы сылдьар көбүөртэн сөп буолар лоскуйу быһан ыллым. Уот сиэбитин сэрэнэн төгүрүччү кырыйдым уонна хайаҕаһыгар ылан силимнээн кэбистим. Түүтүн нарылаан дэлби тараатым. Ол кэбилэнэ сырыттахпына, Иннокентьевнам бааннаттан тахсан кэллэ, эргим-ургум көрдө:
—Хайа, Варя, хайдах самаатыҥ бу, олох туох да буолбатаҕын курдук дии?! Ай, да маладьыас! Олох да ювелирнай үлэ! – диэн үөрдэ-көттө. Өссө хайҕабыллаах мин буоллум…
Чахчы да киэҥ-куоҥ көҕүстээх, муударай өйдөөх буолан, ол буруйбар мөҕөн-этэн кыыһыран, миигин өмүтүннэрбэтэҕин сөҕө да, махтана да ахтабын…
Варвара Угарова.