Ааспыт нэдиэлэҕэ Саха сиригэр Өрөспүүбүлүкэ күнүн уонна Үлэ, маай бырааһынньыгын бэлиэтээтибит. Оттон сорохтор кэнсиэринэн, параадынан эрэ муҥурдаммакка, сонун тэрээһиннэри ыыттылар. Холобура, үөһээ дьааҥылар балык күрэҕин тэрийдилэр, онтон үөһээ бүлүүлэр субуотунньуктаатылар.
Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр Үөһээ Дьааҥы улууһун Эҥэтигэр балык күрэҕэ буолла. «Муус устар 27 күнүгэр Ымыйахтаах күөлүгэр балыктаатыбыт. Мин дьоммун кытта сырыттым. Күөл олус улахан эбит. Кини дириҥэр кыайан тиийбэттэр үһү», — диэн суруйар «Саһарҕа» эдкорпостан Баир Бурцев.
Бу күн ким элбэх уонна улахан балыгы хаптарарыгар күрэхтэстилэр. Саамай элбэх балыгы (68) Иван Барашков тутта. Саамай улахан алыһары Леонид Постников, саамай кыра алыһары Мирон Бурцев таһаардылар. Саамай улахан сордоҥу Саша Стручков (8 кылаас үөрэнэччитэ) хаптарбыт. «Саамай кыра сордоҥу мин алта саастаах балтым Лена хаптарда уонна оҕолорго саамай элбэх балыгы хаптаран (21) «Эдэр кэскиллээх балыксыт» номинация хаһаайката буолла», — диир ааптар. Кыайыылаах Иван Барашковка буур биэрдилэр уонна саамай кара кыттааччыга 2 саастаах Дамир Чириковка бэлэх туттардылар.
Үлэ бырааһынньыгар Үөһээ Бүлүү Далырыгар оҕо лааҕырын тутуута саҕаланна. Нэһилиэккэ баар «Трудовой-81» лааҕыр иккис тыыннанан эрэр. Быйылгыттан улуус сүүһүнэн оҕото сайыҥҥы сынньалаҥн манна атаарыа. «Төһө кыалларынан аныгылыы, үчүгэй усулуобуйалаах гына оҥоруохпут. Эргэ сарайдар көтүллэн саҥа объектар тутуллуохтара, улахан бассейн кэлэн туруоҕа, — дииллэр тутааччылар.