Мин үҥкүүлүүрбүн уонна хомуска оонньуурбун олус сөбүлүүбүн. Ол иһин «Бүлүү долгуннара» уонна «Үрүйэчээн» үҥкүү уонна хомус ансаамбылларыгар дьарыктанабын. Ону таһынан баскетболлуурбун ордоробун.
Араас кинигэлэри ааҕарбын сөбүлүүбүн. Кэнники кэмҥэ Джейн Остин айымньыларын умсугуйан ааҕа сылдьабын. «Кэскил», «Юность Севера» хаһыаттары кыра эрдэхпиттэн сөбүлээн ааҕабын. Ийэм I кылааска киирэр сылбар суруйтарбыта. Хаһыаттарга кэпсээннэри, бэйэм саастылаахтарым туһунан ааҕарбын ордоробун.
«Дьикти дьүрүскэн» уонна «Эдэр политолог муннуга» рубрикалары сэҥээрэбин. Мин санаабар, «Эдэр политолог муннуга» рубрика мин саастыы оҕолорго олус наада. Тэлэбиисэргэ көстөр элбэх политическай программалар, сонун биэриилэр быыстарыгар «мунан» хаалыахха сөп. Оттон бу рубрика биһиэхэ дойдубут ис уонна тас политикатын туһунан өйдөнүмтүөтүк быһааран, кэпсээн биэрэр.
Бу рубрика иһинэн ыытыллыбыт “Билии – улахан күүс” диэн куонкурус олус интэриэһинэй этэ. Мин сэҥээрбитим диэн, хас биирдии ыйытыы иннинэ тиэмэтинэн ыстатыйа баара ыйытыыны өйдүүргэ олус көмөлөһөрө.
Мин инникитин менеджмент өттүтүнэн бэйэбин холонуохпун баҕарабын. Ол иһин обществознание предметин дириҥэтэн үөрэтэбин. Оттон “Кэскил” хаһыат “Эдэр политолог” рубриката миэхэ обществознание диэн уустук предмети өйдүүрбэр көмөлөстө.
Саас Дьокуускайга Медиа-Кииҥҥэ “Кэскил”, “Юность Севера” хаһыаттар куонкурустарын түмүктүүр дьоро түгэнигэр сырыттым. “Билии – улахан күүс” диэн “Эдэр политолог муннуга” рубрика көҕүлээбит куонкуруһугар икки бирииһи тутан, олус үөрдүм.
Алина СКРЯБИНА,
IX кылаас.
Бүлүү.
ХААРТЫСКАҔА: Алина Скрябина «Медиа-Холдинг Якутия» ХЭТ дириэктэрэ Афанасий Иванович Ноевы кытары.
Василий ПАК
түһэриитэ.