(кэпсээн)
Мичиллэйи быкаайык эрдэҕиттэн дьоно сайын аайы дэриэбинэҕэ илдьэ тахсаллар. Улуус кииниттэн кыһын 3 чаас, сайын мотуорканан 6 чаас айанныыгын. Дэриэбинэҕэ Мичиллэй сарсыарда эбэтэ сэппэрээтэргэ үүт эрийэр тыаһыттан уһуктан кэлэр. Онтон эбэтэ сип-сибиэһэй дьэдьэннээх күөрчэх оҥорор. «Мэ, тукаам саамай минньигэһэ бу», — диэн эбэтэ ытыгы биэрэр. Мичиллэй остуолга олорон ытыкка хаалбыт минньигэс да минньигэс күөрчэҕи сиир, түннүк нөҥүө сирэйигэр күн сардаҥата оонньуур. Онтон Мичиллэй күөх окко тэлэһийэ оонньуур, лыахтары тутар, эдьиийэ килиэп ыла барарыгар бэлэсэпиэккэ олорсор. Ити курдук, эбээлээххэ самаан сайын күөх да күөх, күн да күн, үчүгэй да үчүгэй!

Мичиллэй кыһын 5 сааһын томточчу туолла. Биирдэ дьоно саҥа дьыл өрөбүллэригэр, тохсунньу томороон тымныытыгар, дэриэбинэҕэ тахсыахха дэстилэр. Сарсыарда эрдэттэн хомунан айаҥҥа туруннулар. Мичиллэйдээҕи кытта тастыҥ эдьиийдэрэ, убайдара барыстылар. Түннүк нөҥүө кыһыҥҥы суолга массыына уота эрэ көстөр. Арай Мичиллэй эттэ: «Билэбин ээ мин! Эбээлээххэ билигин сайын ээ!». Дьонноро күллүлэр уонна эттилэр: «Мичиллэй билигин дэриэбинэҕэ маннык курдук кыһын». «Суох, суох. Мин эбээлээххэ баран таһырдьа оонньуом, лыахтары тутуом. Көрөөрүҥ даҕаны!», — уолчаан иннин олох биэрбэт. Кини эбээлээҕэр наар сайын эрэ барар буолан онно сайын дии саныыр. Массыынанан айаннаан иһэн сөтүөлүү барарын саныыр. Массыыналара Маалыкайга элэҥнэтэн аҕалла. Дэриэбинэҕэ киирэн иһэллэр, кыһын бүппэт да бүппэт. Мичиллэй күүтэр да күүтэр. Баҕар, эбээтин тэлгэһэтигэр сайын буолуо? Эбээлээҕэр кэлбитэ син биир сайын! Мичиллэй санаата түһүөҕүн ийэтэ аны 6 ыйынан сайын төттөрү кэлиэ диэн үөртэ. Ити курдук, Мичиллэй көрдөөх кэпсээнэ тымныы айаны сылытта, дьонун күллэртээтэ…
Кристина Иванова