САҤА ҮӨРЭХ ДЬЫЛЫНАН, «ДЬУЛУСТАР»
Биһиги сыһыарыыбытыгар “саҥа тыыны” киллэрэр туһуттан быйылгы үөрэх дьылыгар, эһиги бэркэ билэр доҕотторгут, арыый аҕа саастаах убайдаргыт, билигин ХИФУ-га нуучча тылын салаатыгар II кууруска үөрэнэ сылдьар Өргөн Васильев (Горнай), Өрөспүүбүлүкэ лиссиэйин XI кылааһын үөрэнээччитэ Игорь Данилов (Мииринэй), суруналыыстыкаҕа быйыл саҥа киирбит Андрей Антонов (Мэҥэ Хаҥалас) үлэлиэхтэрэ.
Кинилэргэ – эҕэрдэ! Итиэннэ бука бары бииргэ буолуоҕуҥ диэн сүбэни тутуһуоҕуҥ!
Уолаттарбыт анкеталара
1. Аатыҥ-суолуҥ?
2. Үөрэҕиҥ кыһата, хайысхаҥ уонна кууруһуҥ (кылаа- һыҥ)?
3. Үөрэххиттэн ураты туох дьарыктааххыный?
4. Ханнык айымньыны умсугуйан туран аахпыккыный? Ону тоҕо ааҕарга сүбэлиигиний?
5. Киһиэхэ туох хаачыстыбатын ордороҕун?
6. Ханнык дойдуга барыаҥ этэй? Тоҕо?
7. Киһи атаҕа үктэммэтэх арыытыгар үс ханнык малы илдьэ барыаҥ этэй?
8. Арай мөлүйүөн доллары булбут буол, тугу гыныаҥ этэй?
9. Таптал диэн…
10. Мин оҕом хаһан даҕаны… (тугу гыныа суоҕай?).
11. Сөбүлүүр өс хоһоонуҥ?
12. Уһун суһуохтаах эбэтэр кылгас баттахтаах кыыс – хайатын талаҕын?
13. Киинэ эбэтэр тыйаатыр?
14. Твиттер эбэтэр Инстаграм?
15. Дота эбэтэр “контр страйк-го”?
16. Андроид эбэтэр айос?
17. Кэмиэдьийэ эбэтэр “ужастик”?
18. Массыына эбэтэр матасыыкыл?
«Эппиэтинэстээх киһиэхэ эрэнэбин»
1. Өргөн ВАСИЛЬЕВ.
2. ХИФУ филология факультетын II кууруһун устудьуонабын.
3. Университет устудьуоннарын идэлээх сойууһун актыбыыһабын.
4. Софрон Данилов “Сүрэх тэбэрин тухары” романа. Бу айымньыга учуутал уонна үөрэнээччи икки ардыларыгар сыһыан, бастыҥ уһуйааччы уобараһа, ол кэмнээҕи дэриэбинэ олоҕо, ыччата көстөр.
5. Эппиэтинэс. Маннык хаачыстыбалаах киһиэхэ эрэниэххэ сөп.
6. Япония. Тоҕо диэтэххэ, дьоппуоннар олус өйдөөхтөр, аныгы технологияны айаллар. Маннык үлэһит дьон хайдах олорорун, тулалыыр эйгэтин, айылҕатын көрүөхпүн баҕарабын.
7. Быһах, сүгэ, хочуол.
8. Хамсаабат баай-дуол (кыбартыыра, дьиэ) атыылаһыам, сороҕун бааҥҥа угуом уонна аһымал пуондаларга сиэртибэлиэм этэ.
9. Таптал диэн… сүтэрсибит сүрэхтэр бэйэ-бэйэлэрин булсуулара.
10. Мин оҕом хаһан даҕаны… куһаҕан дьаллыктаныа суоҕа.
11. “Үтүө санааҥ – көтөр кынатыҥ”.
12. Уһун суһуохтаах кыыс.
13. Тыйаатыр.
14. Твиттер.
15. Көмпүүтэргэ оонньообоппун.
16. Айос.
17. Кэмиэдьийэ.
18. Массыына.
«Таптал диэн… истиҥ иэйии уонна абылаҥ»
1. Игорь ДАНИЛОВ.
2. Өрөспүүбүлүкэтээҕи лиссиэй XI гуманитарнай кылааһын үөрэнээччитэбин.
3. Лиссиэй парламенын бэрэссэдээтэлэбин, “Аччыгый билим” академиятын (МАН) дьиҥнээх чилиэнэбин, чинчийэр үлэнэн дьарыктанабын.
4. Николай Якутскай «Төлкө» романа. Айымньыга ойууланар кэм кырдьыктаахтык уонна итэҕэтиилээхтик суруллубутун кэрэхсиибин. Саха сиригэр XIX үйэ бүтүүтүн, XX үйэ саҕаланыыта арылхайдык көрдөрүллэр. Киһи өйүгэр хатанымтыа, холкутук өйдөнөр, судургутук ааҕыллар.
5. Киһи киэҥ билиилээх уонна билиини иҥэринэргэ баҕалаах буоларын биһириибин. Оннук дьону кытары алтыһар да астык, киниттэн үөрэнэриҥ да үгүс.
6. Монголия. Монгол омук ураты култууратын илэ харахпынан көрөр баҕа санаа уруккуттан баар. Монгол табаһыттарын чуумнарын, ойууннарын былыргы алтаардарын көрүөхпүн уонна хабарҕа ырыатын эт кулгаахпынан истиэхпин баҕарабын.
7. Испиискэ, иһэр уу уонна фотоаппарат.
8. Бастакынан, бу харчыбын ханна гынарбын толкуйдуом этэ.
9. Таптал диэн… истиҥ иэйии уонна абылаҥ.
10. Мин оҕом хаһан даҕаны… сымыйалыа суоҕа.
11. “Күн сирэ күндү”.
12. Уһун суһуохтаах кыыс.
13. Тыйаатыр.
14. Инстаграм.
15. Көмпүүтэргэ оонньообоппун.
16. Айос.
17. «Ужастик».
18. Массыына.
«Мөлүйүөн доллартан аҥаарын — инвестицияҕа, аҥаарын — биисинэскэ»
1. Андрей АНТОНОВ.
2. ХИФУ филология факультетын I кууруһун устудьуонабын.
3. Университет устудьуоннарын идэлээх сойууһун актыбыыһабын, хоббим – хаартыскаҕа түһэрии.
4. Билбэтим.
5. Киһи, бастатан туран, тулуурдаах буолуохтаах, барытыгар эппиэтинэстээхтик сыһыаннаһыахтаах.
6. Кытай, тоҕо диэтэххэ, билиҥҥи кэмҥэ Кытай улаханнык сайдан эрэ.
7. Биэдэрэ, сүгэ, банаар.
8. Аҥаарын инвестицияҕа угуом этэ, аҥаарынан биисинэс тэриниэм.
9. Таптал диэн… сөбүлүүр дьарыгыҥ.
10. Мин оҕом хаһан даҕаны… төрөөбүт дойдутун аатын түһэн биэриэ суоҕа.
11. Билбэтим.
12. Кылгас баттахтаах кыыс.
13. Киинэ.
14. Инстаграм.
15. Интэриэһиргээбэппин.
16. Айос.
17. Кэмиэдьийэ.
18. Массыына.