Ахсынньы 9 күнүгэр «Дьоһуннааҕы кэпсэтии» дьарык дойдубут Дьоруойдарыгар ананна.
Араассыыйа Аҕа дойду Дьоруойун күнэ ахсынньы 9 күнүгэр бэлиэтэнэр. Борис Грызлов этии киллэрэн 2007 сыллаахтан бу бырааһынньык сылын аайы ыытыллар.
Билиҥҥи үүнэр көлүөнэ биир дойдулаахтарбыт Улуу сэриигэ биэрбит олохторун, хорсун быһыыларын үйэбит тухары умнубаппыт, саныы-ахта сылдьабыт. Хорсун дьоруойдар сиэттэрэ буолан тураммыт махталбытын тиэрдэбит!
Ону таһынан, бу күн элбэх ыалы аймаабыт Анал байыаннай дьайыы дьоруойдарыгар тулууру-ситиһиини, кыайыыны-хотууну баҕарабыт. Кыайыы өрөгөйдөөх этэҥҥэ эргиллэн кэлэллэригэр!
Сорокоумова Сайаана,
С.А.Новгородов аатынан Чурапчы орто оскуолатын
11 кылаас үөрэнээчччитэ