Биhиэхэ эйэлээх олоҕу аҕалбыт дьону куруутун өйдүү сылдьыахтаахпыт. Нэhилиэкпит Кыайыы 74 сылын тэрээhиннээхтик көрүстэ. Параад кэнниттэн оҕолорго уонна улахан дьоҥҥо ырыа күрэҕэ буолла.
«Кыайыы ырыалара» диэн курэхтэhии буолла. Онно инники миэстэни 6-7 кылаас коллектива ылла, алын кылаастарга 2-с кылаас оҕолоро бастаатылар. Ити күрэхтэhии түмүгэр биhиги элбэх сэрии тиэмэтигэр аналлаах ырыаны иhиттибит, үөрэттибит.
Киэhээ култуура дьиэтигэр оскуола, уhуйаан уонна хонтуора, култуура үлэhиттэрэ байыаннай ырыаларынан постановка туруордулар. Оскуола кэлэктиибин туруоруута барыларыттан ордуктук сыаналанна.
Мин хос эhэм Эверстов Василий Павлович 2 Смоленскай анныгар Курскай Дугаҕа сэриигэ сылдьыбыта. Хорсунун иhин, Германияны кыайыы иhин, килбиэннээх улэтин иhин мэтээллэрдээх. Кини сэриигэ бааhыран, 2-с группалаах инбэлиит буолан эргиллибит. Колхуоhугар биригэдьииринэн таhаарыылаахтык үлэлээбит. Хос эhэм 7 оҕолоох, элбэх сиэннээх, хос, хос-хос сиэннэрдээх. Билигин бу биhиги, сиэннэрэ, кини олоҕун салҕыыбыт. Биhиги эhэбит ийэ дойдутун халабырдьыттартан көмүскээбитинэн киэн туттабыт.
Ааптар: Бурцева Нарыйа, ,,Саhар5а» пост. Дьааҥы, Эҥэ