Муус устар бүтэһик күннэригэр Чурапчы улууһун ыаллыы сытар Бэйдиҥэ, Чараҥ уонна Бахсы оскуолаларын үөрэнээччилэрэ доҕордоһуу түһүлгэтин тэрийдилэр. Үс нэһилиэктэн сатыы айаҥҥа туруммут уоланнар Дьүөлү Эбэтигэр көрүстүлэр. Сэргэх тэрээһин үүнэр көлүөнэҕэ партиотическай тыыны иҥэрэр сыаллаах ыытылынна.
Экстрим-походу оскуола директордара Игорь Григорьевич Сивцев, Иван Витальевич Артамонов уонна Егор Владимирович Адамов тэрийдилэр. Кинилэр бэйэлэрэ оҕолору салайан сырыттылар. Бастаан Өрөспүүбүлүкэ күнүгэр аналлаах иһитиннэрии онордулар.
Иһийэн турбут Дьүөлү сирэ-уота оҕо аймах саҥатынан туолла. Уолаттар мээчик тэбэн футболга курэхтэстилэр. Кутаа тула олорон ирэ-хоро сэһэргэстилэр, оһуохайдаан да ньиргиттилэр.
Эбэ кэрэ көстүүлээх миэстэтигэр өрөспүүбүлүкэ былааҕын күөрэччи астылар. Айылҕаҕа сынньанан, күүс-уох мунньунан, саҥа доҕоттордонон бэлиэ күнү туһалаахтык атаардылар.
Ааптар: Копырин Спартак, 8 кыл. үөрэнээччитэ, «Бахсы кыымнара» эдкорпост.
Чурапчы, Толоон.