Уруокка уоран ватсаптаһа олордохпуна, учууталым төлөпүөммүн былдьаан ылла. Уонна үөрэх чааһа бүтүөр диэри күнү быһа соруйан биэрбэтэ. Кини оннук гынар бырааптаах дуо?
Туйаара.
СӨ Оҕо быраабыгар боломуочуйалаах аппаратын старшай референэ Нюргуяна Алкивиадовна Иванова хоруйдуур:
- Учуутал эн бас билэр тус малгын былдьыыр бырааба суох. Ол эрээри, кини уруок кэмигэр төлөпүөҥҥүн араараргын ирдиир бырааптаах.
Бу түбэлтэҕэ эн бэйэҥ сыыһа быһыыламмыккын өйдүөх тустааххын: учууталы истибэтэххин, оҕолору аралдьыппыккын, уруокка атынынан дьарыктана олорбуккун. Үөрэнээччи эбээһинэһин, үөрэх ирдэбилин толорботоххун. Ол аата, төттөрүтүн, билиини ылар быраапкын бэйэҥ күөмчүлээбиккин.
Билигин үөрэх үгүс кыһатыгар “Оскуола иһинээҕи быраабыла” диэн баар. Онно үөрэнээччи уруок кэмигэр төлөпүөнүн араарыахтааҕын туһунан ыйылла сылдьар. Ону кэһиэ суохтааххын.