Күн баран испит. Көстүбэт киһи, туох даҕаны иҥэ-дьаҥа суох, аһыы, хоно сылдьыбыт. Биир сарсыарда дьиэлээх оҕонньор маһын-отун бэрийэ тахсан барбыт. Арай киэһэ түөртүүр саҕана көстүбэт киһилэрэ:
– Оҕолоор, аскытын бэлэмнээҥ. Уйбаан оҕонньор миигин үүрдэрээри, сүрдээх улахан эмээхсини тиэйбит, күөл ортотугар киирдэ, хата, кыратык куттанным, – дии-дии күлбүт.
Сотору Алыһардаах удаҕаны кытта аҕалара киирбиттэр. Көстүбэттэрэ:
– Аана эмээхсин, дорообо, хайа, миигин үүрэ кэллиҥ дуу? Эн, хата, харахтааххын ээ, үнүр хараҕа суох оҕонньор сырсыбыта баара дии. Ол эрээри, эн да эрэйдэнимэ.
Аана эмээхсин кинини кытта кэпсэтэ сатаабыт да, хоруй ылбатах. Ааттаммат Эдьиий киэһэ дүҥүрүн да, таҥаһын да туттубакка, уот толору оттуллан турдаҕына, оһох уотун тонолуппакка көрөн олорон, улахан алгыһы эппит. Ол кэнниттэн:
– Чэ, кэбис, ити киһи үүрүллэр кыаҕа суох, хаһан эрэ бэйэтэ барыаҕа, – диэн бүппүт. Онон Алыһардаах удаҕан ити түбэлтэни кыайбатаҕа үһү.
Көстүбэттэрэ ити курдук кыстаан баран, сааскы Ньукуолун ааспытын кэннэ:
– Дьэ, бардым, аны эһиэхэ эргиллибэппин, быраһаайдарыҥ уонна барарбын бука бары тахсан көрүҥ эрэ, – диэбит.
Онно тахсыбыттара, кыбыылаах отторугар ыҥыырданан баран, аһыы турар хаан тураҕас аты туоҕа да аанньа биллибэт күлүк курдук киһи таһааран мииммит да, хара тыаны үрдүнэн айанныы турбут.
Ол киһи кинилэргэ олорбутун тухары Иирбит Мотуруона эрэ кыыс илиититтэн аһыыр, онтон атын киһиттэн аһаабатаҕа үһү. Иирбит ыарыыта ааспыт, кэлин сааһын моҥоон өлбүт.